Саргы Куо Москваҕа бэстибээлгэ кытынна

Share

Бэс ыйын 3-6 күннэригэр Москваҕа Кыһыл болуоссакка Арассыыйа норуоттарын национальнай литератураларын бэстибээлэ ыытылынна.

Бэстибээлгэ  араас норуоттар литератураларыгар, бэчээккэ, инники көрүүлэргэ аналлаах  кэрэхсэбиллээх лиэксийэлэр, туһалаах маастар-кылаастар (оҕолорго эмиэ), дьүүллэһиилэр, суруйааччылары кытары көрсүһүүлэр, кинигэ сүрэхтэниилэрэ буоллулар.

Арассыыйа үгүс национальнай эрэгийиэннэриттэн кэлбит айар дьон ортолоругар  Саха сириттэн Арассыыйа Суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ, бэйиэт Саргылаана Гольдерова-Саргы Куо уонна дьүкээгир бэйиэтэ Ладина Курилова бааллар. Кинилэр бэс ыйын 6 күнүгэр, оруобуна  нуучча улуу бэйиэтэ Александр Пушкин төрөөбүт күнүгэр, Пушкин болуоссатыгар үгэс буолбут ааҕыыларга кыттан, сахалыы уонна дьүкээгир тылларынан бэйэлэрин хоһооннорун аахтылар.

Ону сэргэ С.А.Новгородов аатынан “Айар” Национальнай  кинигэ кыһатын ыстаарсай эрэдээктэрэ Сардаана Тимофеева кытынна. “Айардар” бэстибээл кыттыылаахтарыгар уонна ыалдьыттарыгар  “Саха ымыыта – дьиэ кэргэн харысхала” маастар-кылааһы ыыттылар. Хомуска оонньоон ыраастаныы үгэһин¸сахалыы ырыа-тойук толоруллуутун  билиһиннэрдилэр. Харысхалы хайдах оҥорору көрдөрөн, саха норуотун уус-уран оҥоһуктарыгар  аналлаах таһаарыылары билиһиннэрэн, бэстибээл култуураҕа бырагырааматын киэргэттилэр, ситэрэн-хоторон биэрдилэр.

Саргы Куо:

«Арассыыйа норуоттарын национальнай бэстибээлигэр Москваҕа Дьокуускайтан Иркутскайга аараан көтөн кэлбиппит. Хаһан да көрө илик Иркутскайбар дьүкээгир суруйааччыта, учуонай Улуро Адо кыыһа Ладина Курилованы көрсүбүтүм. Кини бэстибээлгэ аҕатын уонна бэйэтин хоһооннорун төрөөбүт тылынан дьүкээгирдии аахта. Ладина лингвист, литературовед уонна дьүкээгир литературатын салҕыыр эдэр суруйааччы эбит. Иркутскайга 7 чаас олороору хата Ладинаны кытары ирэ-хоро кэпсэтэн,  дьүкээгир норуотун ыарахан дьылҕатын, билигин дьүкээгир тылынан саҥарар, үөрэтэр 100-чэкэ эрэ киһи баарын биллим.

Онон, анаан-минээн Байкалга (Баай күөлгэ) сүгүрүйэ, Сибиири анаара Иркутскайга хайаан да тиийэ сылдьар ыра санаабын ымыылаатым. Манна диэн эттэххэ, Болугурга олордохпутуна ийэбин Иркутскайга агрономнар идэлэрин үрдэтэр кууруска үөрэттэрэ ыыппыттара. Ийэм хаһан кэһии бөҕөлөөх Иркутскайыттан кэлэрин (санаабар олус өр) кэтэспиппитин өйдүүбүн…” — диэн бэстибээлгэ айаныттан быһа тардан кэпсээтэ.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Чэгиэн

Чэгиэн-чэбдик буол

Бэйэбитин көрүнүөҕүҥ, доруобуйабытыгар туһалааҕы оҥостуоҕуҥ. Ытыстары бэйэ-бэйэлэригэр аалан сылытыллар уонна сырдык киирбэтин курдук тарбахтары бэйэ-бэйэлэригэр…

15 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Биисинэс-Экспо» быыстапкаҕа Ньурба урбаанньыта бииргэ үлэлэһэр дьонун булла

Икки күн устата ыытыллыбыт "Биисинэс-Экспо 2024"   Саха сирин урбаанньыттарын, бэйэ дьыалатынан дьарыктанар дьону түмэр, көҕүлүүр…

47 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Бороҕоҥҥо сэргэх тэрээһин буолла

Уус Алдан улууһугар бибилэтиэкэ тэриллибитэ 100 сылыгар, РФ Конституциятын күнүнэн С.С. Васильев-Борогонскай аатынан оройуоннааҕы киин…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Улахан муҥкулар байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар көмөлөһөллөр

Өлүөхүмэ улууһун Улахан Муҥку сэлиэнньэтигэр “Биһиги бииргэ” аһымал кэнсиэр буолла. Кэнсиэр Малдьаҕар начаалынай оскуолатын-уһуйаанын кэлэктиибин,…

2 часа ago
  • Куонкурус
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Космоска Саха сирин уонна Бүлүү куоратын гербэлэрэ ойуулаах аракыата көтүөҕэ

2024 сыл ахсынньы 25 күнүгэр "Союз2.1б" аракыата-носитель "Байконур" космодромуттан Саха Өрөспүүбүлүкэтин уонна Бүлүү куоратын гербэлэрэ…

3 часа ago
  • Сонуннар
  • Үөрэх

Биэс “тоҕо?”: Сыымах оскуолатын холобура

Оскуола агролабораториятыттан репортаж. Кыһыҥҥы суол аһыллан, илин эҥээр бастакы командировкабыт Мэҥэ Хаҥалас Сыымаҕар туһаайылынна. Эрэдээксийэ…

3 часа ago