Хаартыска: СИА.
«Арассыыйа – мин устуоруйам» историческай паарка үлэһиттэрэ байыастарга анаан хаххалыыр сиэккэлэри бэлэмнээтилэр. Ол туһунан хаһыат саайтыгар анаан паарка экскурсиялары тэрийээччитэ Саргылаана Жайлаубаева кэпсээтэ.
— Байыаннай эпэрээссийэҕэ сулууспалыыр байыастарга быйыл олунньуттан саҕалаан харысхал (маскировочнай) сиэккэлэри баайыыга үлэлиир «Боевые шелкопряды Якутии» салайааччыта Васильева Марина Иннокентьевна көҕүлээһинин өйөөммүт, бэс ыйыгар сиэккэлэри бэлэмнииргэ ылсан, бэйэбит волонтер үлэтин саҕалаабыппыт. Салайааччыбыт Дмитрий Соловьев өйөөн, сиэккэҕэ наадалаах матырыйаалы ылбыппыт. Биһиги кэлэктииппит үлэһиттэрин, түмэлбит смотрителлэрин бу үлэтигэр ХИФУ ИЕН уонна историческай бакылтыатын устудьуоннара көмөлөспүттэрэ. Онон барыта 20 сиэккэни оҥордубут.
Бэс ыйыгар 4 сиэккэни “Боотур–2 А» этэрээтигэр, от ыйыгар 6 сиэккэни Дьокуускайга Белгородтан уонна Москваттан кэлэн үөрэҕи бара сылдьыбыт БПЛА оҥорор исписэлиистэргэ тиксэрбиппит. Биһиги бу үлэбитин салгыыр, байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар ыытар санаалаах үлэлии сылдьабыт. Өссө элбэҕи оҥорууо эбиппит да, киһи тиийбэтэ атахтыыр. Пааркаҕа сылдьар элэр ыччаты уонна куорат олохтоохторун көмөҕө ыҥырабыт.
Киһи аймах туой иһити неолит кэмиттэн, саҥа таас үйэттэн оҥостор, туттар буолбут. Саха омук даҕаны…
2021 сыллаахха түөрт оҕолоох Даниловтар дьиэ кэргэн Уһук Илиҥҥи ипотека бырагырааматыгар киирсэн уһаайба атыыласпыттара, «Килбиэнстрой»…
Хаһыаппыт бүгүҥҥү ыалдьыта, дьоруойдуу быһыы, бойобуой доҕордоһуу диэн тугун бэркэ билэр, биһиги биир идэлээхпит, кэллиэгэбит,…
Эдэриттэн эмэнигэр тиийэ саҥа сылы кытта хайаан даҕаны үтүө, кэрэ кэлиэҕэ, эһиил быйылгытааҕар өссө ордук…
Кистэл буолбатах, үгүстэргэ “мин билэр буоллум да, киһи барыта билиэхтээх” диэн өйдөбүл иҥэн хаалбыт. Билбэтин…
Бүгүн, ахсынньы 21 күнүгэр, өрөспүүбүлүкэ баһыйар үгүс өттүгэр кыралаан хаардыаҕа. Халымаҕа, Аллайыахаҕа хаар сөбүгэр түһүөҕэ.…