Салгыы
Саргылана Михайлова: «Быстах байыаннай хомуурга барбыт дьоҥҥо көмөлөһөбүт»

Саргылана Михайлова: «Быстах байыаннай хомуурга барбыт дьоҥҥо көмөлөһөбүт»

Ааптар:
08.11.2022, 15:25
Бөлөххө киир:

«Сир-дойду нацистартан босхолонуон баҕарабын», — диир СӨ Бырабыыталыстыбатыгар ЗАГС управлениетын судаарыстыбаннай сулууспаҕа отделын салайааччыта Саргылана Михайлова:

— Өрөспүүбүлүкэ бүттүүнүн курдук, биһиги быстах байыаннай хомуурга барбыт дьоммутугар көмөнү оҥорууга кытта, көмөлөһө сылдьабыт. Кэлэктииппит анал байыаннай эпэрээссийэ пуондатыгар харчы хомуйан биэрбитэ. Кэргэннэрэ, уолаттара байыаннай дьайыыларга барбыт бииргэ үлэлиир дьоммутун өйүүбүт, акцияларга, тэрээһиннэргэ кыттабыт, онтон киирбит үп эмиэ көмөҕө ыытылла турар.

Саха сиригэр быстах байыаннай хомуур ыытыллар кэмин устатыгар ЗАГС отделлара үлэ кыраапыгыттан тутулуга суох үлэлээбиппит. Бэбиэскэлээх дьону регистрациялааһыҥҥа, о.д.а. боппуруостарга төгүрүк суукка дьуһуурустубалар тэриллибиттэрэ.

Кыайыыны чугаһатар туһугар хас биирдии киһи туох кыалларынан көмөлөһүүнү бэйэтин иэһин курдук ылынар. Мин бэйэм доҕотторум, бииргэ үлэлиир уонна чугас дьонум курдук, анал байыаннай эпэрээссийэ этэҥҥэ түмүктэниэн, сир-дойду нацистартан босхолонуон баҕарабын.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
13 декабря
  • -37°C
  • Ощущается: -37°Влажность: 67% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: