Салгыы
Сарсыардааҥҥы сэрээккэлэр ханна буолалларый?

Сарсыардааҥҥы сэрээккэлэр ханна буолалларый?

10.05.2023, 16:34
Хаартыска: СИА.
Бөлөххө киир:

Ыам ыйын 10 күнүттэн Дьокуускайга уонна куорат чугаһынааҕы бөһүөлэктэргэ сарсыардааҥҥы маассабай сэрээккэлэр саҕаланнылар. Сэрээккэлэр “Сарсыардаҕын кыайыыттан саҕалаа – бэйэҕин кыайыыттан” диэн ыҥырыылаахтар диэн СИА суруйар.

Маассабай сэрээккэлэр сарсыарда 7 чаастан саҕаланаллар, спортивнай инструктордар босхо ыыталлар. Сарсыарда эрдэттэн хамсанан-имсэнэн, хааны, лимфаны хамсатан, салгын сиэн, дьону кытары билсэн, кэпсэтэн, күҥҥүн туһалаахтык атаарарга бэлэм буолаҕын, ону тэҥэ, чэгиэн буоларга, доруобуйаҕын көрүнэргэ ыллар хардыы оҥороҕун. Чахчыта, сарсыарда эрдэ туруу да сорох дьоҥҥо бэйэни кыайыы тэҥэ буолар.

Сэрээккэлэр быйыл ханна буолуохтарай? Быйыл уларыйыылар бааллар.

Дьокуускайга:

Ленин болуоссатыгар;

Кыайыы болуоссатыгар;

Орджоникидзе болуоссатыгар;

Сынньалаҥ, култуура пааркатыгар;

Р.М. Дмитриев аатынан Олимпийскай эрэллэр училищеларын былаһааккатыгар;

Н.Н. Тарскай аатынан “Туймаада” стадиоҥҥа;

“Юность” стадиоҥҥа;

Доҕордоһуу болуоссатыгар;

Ийэ скверигэр;

Кыайыы пааркатыгар;

“Триумф” былаһааккатыгар;

“Стерх” кулууп былаһааккатыгар.

Хатаска:

“Тускул” киин былаһааккатыгар (8 чаастан).

Сыырдаахха:

Ийэ скверигэр.

Тулагыга: (ыам ыйын 20 күнүттэн):

Бэтэрээннэр сквердэригэр.

Жатайга:

Киин болуоссакка, спортивнай былаһааккаҕа.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
11 октября
  • 2°C
  • Ощущается: 2°Влажность: 93% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: