Сарсын 1-кы кылааска сайабылыанньалары тутуу саҕаланар

Share

Сарсын, муус устар 1 күнүттэн, сарсыарда 9 чаастан саҕалаан 1-кы кылааска оҕону үөрэттэрэ киллэриигэ сайабылыанньаны биэрии саҕаланар. Сайабылыанньа “Госуслуги” портал нөҥүө бэриллэр (учуот суруга бигэргэммит буолуохтаах).

Быйылгы биир уратыта диэн, кулун тутар 20 күнүттэн ыла эрдэттэн сайабылыанньаны бэлэмнээн кэбиһиэххэ сөп этэ. Бу муус устар 1 күнүгэр сарсыарда эрдэ бэлэм сайабылыанньаны түргэнник ыытан кэбиһэргэ табыгастаах.

Сайабылыанньаны тутуу 2 түһүмэҕинэн ыытыллар. 1-кы түһүмэх – 2023 сыл муус устар 1 күнүттэн бэс ыйын 30 күнүгэр диэри. Бу оскуола баар оройуонугар бырапыыскалаах, бастакы уочарат, эбэтэр, уочарата суох киирэр бырааптаах оҕолорго сыһыаннаах.

2-с түһүмэх – от ыйын 6 күнүттэн баар миэстэ туолуор диэри (балаҕан ыйын 5 күнүттэн хойут буолуо суохтаах). Оскуола сыһыарыллыбыт оройуонуттан атын сиргэ олорор оҕолорго сыһыаннаах. Ол эбэтэр, бу түһүмэх кэмигэр атын оскуолаларга сайабылыанньа биэриэххэ сөп. Бырапыыскалаах оройуонтан атын сиргэ баар оскуолаҕа сайабылыанньаны 2-с түһүмэх иннинэ ыыттахха, аккаас кэлэр.

1-кы кылааска 6,5 сааһыттан 8 сааһыгар диэри саастаах оҕолору ылаллар. Төрөппүт сайабылыанньатынан, бу кэрчиктэн арыый балыс, эбэтэр, аҕа саастаах оҕону ылыахтарын сөп.

Ирдэнэр докумуоннар испииһэктэрэ уруккунан хаалла. Төрөппүт пааспарын куоппуйата, оҕо төрөөбүтүн туһунан сибидиэтэлистибэтэ, бу оскуолаҕа үөрэнэр убайдарын-эдьиийдэрин сибидиэтэлистибэлэрэ, олорор сиргэ бырапыыска ыспыраапката.

Быйыл саҥа үөрэх дьылыгар 10 980 оҕо 1-кы кылааска киирэрэ былааннанар. Сорох улуустарга уот барар, онон төрөппүттэр эрдэттэн бэлэмнэнэллэрэ ордук.

Ил Дархан, бырабыыталыстыба дьаһалтатын пресс-сулууспата.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Аллараа Бэстээх сыанатын киин куораты кытта тэҥнээтэххэ…

Бу күннэргэ Саҥа дьыл сүпсүлгэнэ саҕаланаары турар буолан, ас ырыынактарыгар испииһэк тутуурдаах дьон үксээбит. Өрүс…

7 часов ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

“Дьоруойдар кэмнэрэ” бырагыраамаҕа сайаапкалары ылыы иккис түһүмэҕэ саҕаланна

“Дьоруойдар кэмнэрэ” бырагыраамаҕа кыттар сайаапкалары почтанан ылыы саҕаланна. Бу -- бырагыраама иккис түһүмэҕэ. Сайаапкалары билигин…

7 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дьоруой Федор Поповка пааматынньык туруоҕа

LETO куорат эйгэтин тупсаҕай оҥоруу киинэ Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа Федор Попов пааматынньыгын эскииһин оҥорууга күрэс…

7 часов ago
  • Сонуннар

Төрөөбүт, биһикпин ыйаабыт сирим — сүрэхпэр

Бу сыл ахсынньы 11 күнүгэр Былатыан Ойуунускай аатынан судаарыстыбаннас түмэлигэр киэн туттар биир дойдулаахпыт, комсомольскай,…

8 часов ago
  • Сонуннар

Соҕуруу дойду спортсменнара хаары уонна мууһу сонурҕуу көрдүлэр

Филиппиныттан уонна Таилантан ахсынньы 14 күнүгэр ыытыллар «Вызов Севера» күрэхтэһиигэ кыттар боксердар бүгүн Дьокуускайга  саамай…

8 часов ago
  • Сонуннар

«Забота» электроннай сервиһинэн 3474 киһи туһанна

Саха сиригэр анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр анаан "Е-Якутия" порталга «Забота» электроннай…

9 часов ago