Быйылгы өрөспүүбүлүкэтээҕи «Сылгыһыт күнэ» ахсыс төгүлүн Дьааҥы улууһун Верхоянскай куоратыгар Олоҥхо ыһыаҕа ыытыллыбыт Хоптолоох сиригэр ыытыллыаҕа.
Былырыын бу маннык тэрээһин Амма улууһугар буолбута. Тыа хаһаайыстыбатын миниистирэ Артем Александров иһитиннэрбитинэн, Дьааҥыга ыытыллар “Сылгыһыт күнүгэр” 8 улуустан 13 хамаанда кыттыаҕа. Ол курдук, бу күннэргэ Амма, Мэҥэ Хаҥалас, Таатта, Ньурба, Чурапчы, Эбээн-Бытантай, Хаҥалас уонна Дьааҥы улуустарын сылгыһыттара суолталаах тэрээһиҥҥэ кыттарга бэлэмнэр. Бэҕэһээ Дьааҥыга Мэҥэ Хаҥалас улууһун сылгыһыттара тиийдилэр. Дэлэгээссийэ састаабыгар 15 киһи баар. 2 сылгыны анал массыынаҕа тиэйэн аҕаллылар. Үс күннээх уһун айаны сылгылар этэҥҥэ тулуйдулар.
Сарсын муус устар 5 күнүгэр СӨ Тыа хаһаайыстыбатын уонна ас-үөл бэлиитикэтин министиэристибэтин көһө сылдьар кэллиэгийэтэ ыытыллыаҕа. Муус устар 6 күнүгэр “Сылгыһыт күрэҕэ” буолуоҕа. Манна үгэс буолбут 1600 м ат сүүрдүүтэ, онтон үөрдээн иитиигэ анаммыт соноҕос атыы-быыстапката буолуоҕа. Бу тэрээһиҥҥэ анаан Дьааҥы улууһун «Баачаан» уонна «Арыылаах» сылгыны үөрдээн иитии хаһаайыстыбалара иккититтэн биэһигэр диэри 21 соноҕоһу быыстапкаҕа туруоруохтара.
— Арктическай улууска аан бастаан ыытыллар суолталаах тэрээһин сылгыны үөрдээн иитии боппуруостарыгар сыһыаннаан уопут атастаһыытын быһыытынан барыаҕа. Манна идэтийбит сылгыһыттары, учуонайдары кытта атах тэпсэн олорон сэһэргэһиэхтэрэ, эдэр сылгыһыттар бэрт үгүһү билиэхтэрэ, — диэн миниистир бэлиэтээтэ.
Бу туһунан СӨ Тыа хаһаайыстыбатын уонна ас-үөл бэлиитикэтин министиэристибэтин пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.
Ирбэт тоҥ дойдуга олорорбут биир үчүгэйэ, атахпыт анныгар түҥ былыргы олох харалла сытар. Таба тайаннахха,…
“Бүгүҥҥү күҥҥэ саамай улахан ситиһиибитинэн олоҥхону толорор ыччаппыт, эр дьоммут элбээбитэ буолар. Кинилэри түүн да…
Абхазияҕа ааспыт нэдиэлэттэн өрө туруу баран, бэрэсидьиэннэрин быыбара болдьоҕун иннинэ ыытыллар буолла. Сэтинньи 15 күнүгэр…
Бу күннэргэ күн-дьыл туруга хайдаҕый? Күнү-дьылы кэтээн көрөөччүлэр туох дииллэрий? Өрөспүүбүлүкэ арҕаа, хотугулуу-арҕаа улуустарыгар, Өлүөнэ…
Госдуума элбэх оҕолоох ыалларга юридическай көмө босхо буолуохтааҕын туһунан сокуон бырайыагын бастакы ааҕыыга ылынна. Көмөнү үс…
А.С.Пушкин аатынан Нуучча тылын судаарыстыбаннай института 2024 сыл тылынан "Пушкин" диэн тылы ааттаата. Бу туһунан…