Сарсын Дьокуускай үрдүнэн аһыы утаҕы атыылыыр «туочукалар» сабыллыахтара
31.08.2023, 15:49
Хаартыска: HTTPS://PXHERE.COM/RU/PHOTO/649860
Бөлөххө киир:
Сарсыҥҥыттан ол аата балаҕан ыйын 1 күнүттэн Дьокуускай куорат үрдүнэн аһыы утаҕынан эргинэр 60 «туочука» сабыллыаҕын туһунан «КП – Якутия» суруйар.
Балаҕан ыйын 1 күнүттэн Саха сиригэр «Арыгы сокуонугар» уларыйыылар киириэхтэрэ. Быйыл саас «Саха Өрөспүүбүлүкэтин сокуонугар уларытыылары киллэрии туһунан «Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр биирдиилээн арыгы бородууксуйатын атыылааһын бириэмэтин, усулуобуйатын уонна миэстэтин эбии хааччахтааһын туһунан» сокуон ылыллыбыта. Бу туһунан с суруналыыспыт Сайаана Львова сиһилии ырытан суруйбутун бу сигэнэн («Арыгы сокуона»: күннээн-күөнэхтээн олорбут эргиэмсиктэр уйаларыгар уу киирдэ) киирэн билсиҥ.
Ханнык аадырыска тустаах туочукалар сабыллар эбиттэрин табылыыссаҕа көрүҥ.
+1
+1
+1
+1
+1
2
+1
+1
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: