Сарсын, сэтинньи 9 күнүгэр, Дьокуускайга биллэ сылыйыаҕа. УГМС иһитиннэрэринэн, сэтинньи саамай сылаас күнэ сарсын буолара күүтүллэр.
Бу нэдиэлэҕэ киин куоракка 30 кыраадыска тиийэ тымныйбыт эбит буоллаҕына, субуота үүнэр түүнүгэр салгын температурата -15…-17 кыраадыс буолара күүтүллэр. Оттон сарсын күнүс -10…-12 кыраадыс буолуоҕа, итиэннэ кыралаан хаардыаҕа.
Өрөспүүбүлүкэ үгүс улуустарыгар хаар түһэрэ күүтүллэр.
Киин улуустарга түүн -10…-15, илин эҥээргэ -21…-26, хотугулуу-илиҥҥи улуустарга -30…-35, арҕаа улуустарга -5…-10.
Киин улуустарга күнүс -11…-16, соҕуруу улуустарга 0…-5, сорох сирдэринэн -5….-10, соҕуруулуу-илин улуустарга -25…-30.
Эдьигээн уонна Кэбээйи улуустарыгар күүстээх тыал түһэрэ күүтүллэр.
Үөһээ Бүлүү улууһун Баҕадьа сэлиэнньэтигэр оскуола-саад үлэҕэ киирдэ. Бүгүн өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн тоҕус социальнай эбийиэк аһылынна.…
Үрдүк үөрэхтэргэ уонна кэллиэстэргэ Биир кэлим эксээмэни туттарбакка үөрэххэ киирии туһунан сокуон барылын дьокутааттар бөлөхтөрө…
Амма улууһун Михайловка сэлиэнньэтигэр Норуот айымньытын дьиэтэ үөрүүлээх быһыыга-майгыга аһылынна. Бүгүн өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн тоҕус социальнай…
Ленскэй оройуонунааҕы ИДьМ дьуһуурунай чааһыгар маркетплейс бэрэстэбиитэлиттэн сайабылыанньа киирбит. Инвентаризация кэмигэр табаары биэрэр пуунтан 300…
Оҕуруоту, сибэккини олордууга сүбэлэр Сүрүннээн тохсунньуттан үүнээйини олордуу саҕаланар. Арктикатааҕы судаарыстыбаннай агротехнологическай университет ойуур комплексыгар…
Дьокуускайдааҕы ИДьМ салаатыгар дьахтар балыыһаҕа сылдьан тас таҥаһын уордарбытын туһунан иһитиннэрбит. Бу туһунан СӨ ИДьМ…