Сарсын Дьокуускайга уонна киин оройуоннарга куйаас күн буолара күүтүллэр
Саха сирин синоптиктара субуотаҕа, от ыйын 13 күнүгэр, Дьокуускайга уонна киин улуустарынан +30 С кыраадыстан үрдүк куйаас күн буоларын билгэлииллэр.
Саха сиринээҕи метеосулууспата иһитиннэрэринэн, Саха сирин киин куоратыгар күнүс субуотаҕа салгын төмпературата +29+31 С кыраадыска тиийэ итийиэҕэ. Күнүс сөҥүүтэ суох күн туруоҕа. Саха сирин киин улуустарыгар эмиэ куйаас күн буолара күүтүллэр, салгын температурата күнүс +28 +33С кыраадыска тиийэ итийэрэ сылыктанар. Соҕуруу уонна арҕаа буруолаах кэмҥэ +22+27С, хотугулуу-илин — +16 +21С кырадыс сылаас буолуоҕа.
Киин улуустарынан арҕаа уонна соҕуруу быстах ардах түһүөҕэ, сорох сиринэн этиҥнээх ардахтар ааһыахтара. От ыйын 13 күнүгэр Усуйаана, Үөһээ Дьааҥы, Халыма-Индигиир улуустарыгар этиҥнээх ардах кэмигэр сөкүүндэҕэ 15-20 м/с тиийэ түргэннээх тыал түһэрин сэрэтэллэр.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: