Сарсын халлаан үгүс улууска тымныйар
06.11.2022, 16:50
Бөлөххө киир:
Сарсын, сэтинньи 7 күнүгэр, Саха сиринээҕи гидрометеокиин иһитиннэрбитинэн, Анаабыр, Булуҥ улуустарыгар сөкүүндэҕэ 19-24 миэтэрэ уонна Дьааҥы, Аллайыаха, Аллараа Халыма улуустарыгар сөкүүндэҕэ 17-22 миэтэрэ түргэннээх тыал түһүө.
Саха сирин арҕаа, соҕуруулуу-арҕаа, илин уонна хотугулуу-илин өттүгэр хаардыаҕа, дьоҕус тыаллаах буолуоҕа. Арктика кытылынан сөкүүндэҕэ 19-24 миэтэрэ уонна хотугулуу-илин диэки сөкүүндэҕэ 17-22 миэтэрэ түргэннээхтик тыалырыа. Үгүс улууска түүнүн, ортотунан, 25-30 кыраадыс тымныйар. Киин улуустарга, Өлүөнэ алын өттүгэр уонна арҕаа, илин улуустарга 33-38, хотугулуу-арҕаа 40-45, соҕуруу, хотугулуу-илин 15-20, соҕурулуу-илин 5-10 кыраадыс тымныйара күүтүллэр. Күнүһүн, ортотунан, 14-19 кыраадыс тымныйар.
+1
+1
+1
+1
+1
+1
+1
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: