Сарсын күүстээх магнитнай буурҕа түһэрэ күүтүллэр
Чэппиэргэ уонна бээтинсэҕэ, сэтинньи 28 уонна 29 күннэригэр, магнитнай буурҕалар түһүөхтэрэ. Бу туһунан ИКИ Күн астрономиятын уонна ИСЗФ лабораторията иһитиннэрэр.
Ол курдук, бүгүн, сэтинньи 28 күнүгэр, кыра кыамталаах буурҕа (G1), оттон сэтинньи 29 күнүгэр ордук күүстээх (G2 — алта баллаах) буурҕа киэһэ 18:00 чааска диэри түһэрэ күүтүллэр. Маныаха сэтинньи 29 күнүгэр күүстээх магнитнай буурҕа буолара 40% сабаҕаланар. Бу күннэртэн ыла сыл бүтүөр диэри магнитнай буурҕа дьайыыта холкутуйуо.
Күүстээх магнитнай буурҕа түһэрэ сэтинньи 1 күнүгэр буолбут Күҥҥэ эстии төрүөтүнэн буолуоҕа.
Күүстээх магнитнай буурҕа кэмигэр сүрэх-тымыр ыарыылаах дьон дабылыанньалара түһүөн-тахсыан, доруобуйалара мөлтүөн сөп. Онон бу күннэргэ бэйэни кэтэнэн көрөн, ноҕуруускаламмакка сылдьыахха наада. Маны тэҥэ, араадьыйа, сибээс, сир аргыстарын үлэлэригэр харгыстар тахсыахтарын сөп.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: