Сарсын Саха сиригэр -48 кыраадыс буолара күүтүллэр

Share

Сарсын, ахсынньы 10 күнүгэр, Саха сирин сорох улуустарыгар -48 кыраадыс буолара күүтүллэр диэн УГМС саайта иһитиннэрэр.

Күнү-дьылы кэтээн көрөөччүлэр күнүс хотугулуу-арҕаа, арҕаа улуустарга сөкүүндэҕэ 9-14, Арктикаҕа 15-18 миэтэрэ түргэннээх тыаллаах буолуо диэн сэрэтэллэр.

Түүн салгын температурата киин улуустарга -32… -37 кыраадыс, халлаан халыннаҕына -37… -42 кыраадыс, хотугулуу-илин, хотугулуу-арҕаа -43… -48 кыраадыс, арҕаа -27… -32 кыраадыс, соҕуруулуу-арҕаа, соҕуруу -18… -23 кыраадыс, күнүс киин улуустарга -28… -33 кыраадыс, арҕаа -23… -28 кыраадыс, соҕуруулуу-арҕаа, соҕуруу -15… -20 кыраадыс, хотугулуу-илин -38… -43 кыраадыс буолара күүтүллэр.

Дьокуускайга түүн уонна сарсыарда кыралаан хаардыаҕа, күнүс сөҥүүтэ суох, соҕуруулуу-арҕааттан сөкүүндэҕэ 2-5 миэтэрэ түргэннээх тыаллаах. Түүн салгын температурата  -32… -34 кыраадыс, күнүс -30… -32 кыраадыс.

What’s your Reaction?
+1
5
+1
0
+1
1
+1
0
+1
3
+1
2
+1
2

Recent Posts

  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Билиэн-көрүөн баҕалаахха: куоска минньигэс амтаны билэр дуо?

Маны билэҕит дуо? Куоска минньигэс амтаны билэр дуо? Оттон саамай улахан кинигэ төһө ыйааһыннаах буолуо…

20 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Мин Сахам сирэ XXI үйэҕэ» хамсааһын 25 сыла!

Бүгүн, ахсынньы 11 күнүгэр, Бырабыыталыстыба дьиэтигэр, Өрөспүүбүлүкэ саалатыгар "Мин Сахам сирэ XXI үйэҕэ" үтүө дьыала…

33 минуты ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Быйыл 6 муоста тутулунна

2024 сылга Саха сиригэр «Безопасные качественные дороги» бырагырааманан алта муостаны туттулар. Бу туһунан массыына суолун…

1 час ago
  • Итэҕэл
  • Сонуннар

Маны билэҕин дуо?  Бит-билгэ

Бит-билгэ туһунан төһө билэҕин? Киэһэ хойут дьиэҕит муостатын сууйар буоллаххытына, этэҥҥэ сылдьыыгытын, үтүө туруккутун сууйаҕыт.…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Харах балыыһатыгар Арассыыйа Гиннеһин рекорда оҥоһулунна

2025 сылга Өрөспүүбүлүкэтээҕи офтальмологическай балыыһа тэриллибитэ 100 сылын туолар. Бу бэлиэ күнү көрсө, ахсынньы 11…

2 часа ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Муусука абылаҥар уһуйар учууталлар куонкурустара

Соторутааҕыта Дьокуускайга муусука учууталларын “Музыкальнай палитра”  1-кы аһаҕас идэтийбит куонкурустара буолан ааста. Куонкурус уһулуччулаах муусука…

2 часа ago