Хаартыска: sakha.gov.ru
Сарсын, балаҕан ыйын 26 күнүгэр, Аллараа Бэстээххэ «Кыайыы буойаһа» кэлиэҕэ. Онтон салгыы Нерюнгри оройуонугар тиийиэҕэ.
Нерюнгри куорат олохтоохторо уонна ыалдьыттара балаҕан ыйын 30 күнүттэн алтынньы 2 күнүгэр диэри экспозицияны көрүөхтэрин сөп. Ол туһуттан поездпобеды.рф саайтка регистрацияны ааһар ирдэнэр. Регистрация буойас кэлиэ биир суукка хаалбытын кэннэ аһыллар.
Быыстапка-мусуой тимир суолларын вокзалларыгар туруоҕа. Араас тиэмэлэринэн арахсыбыт уон богуон устун Аҕа дойду Улуу сэриитин кэмнэриттэн көрүөххэ сөп.
Балаҕан ыйын 26 күнүттэн алтынньы 2 күнүгэр диэри буойас маннык араспысаанньанан үлэлиэҕэ:
Аллараа Бэстээх —
26.09.2023 – 10.00 — 19.00, бүтэһик бөлөх 18:20 ч.
27.09.2023 – 10.00 — 19.00, бүтэһик бөлөх 18:20 ч.
28.09.2023 – 10.00 — 19.00, бүтэһик бөлөх 18:20 ч.
Алдан —
29.09.2023 – 10.00 — 19.00, бүтэһик бөлөх 18:20 ч.
Нерюнгри:
30.09.2023 – 10.00 — 19.00, бүтэһик бөлөх 18:20 ч.
01.10.2023 – 10.00 — 19.00, бүтэһик бөлөх 18:20 ч.
02.10.2023 – 10.00 — 19.00, бүтэһик бөлөх 18:20 ч.
Ил Дархан уонна Бырабыыталыстыба дьаһалтатын пресс-сулууспата.
Кыбартыыра бас билээччитэ өлбүтүнэн нэһилиэстибэни ылыахха диэри онно регистрациялаах олохтоохтор, аймахтар уонна нэһилиэнньиктэр олорор бырааптара…
Былырыын Хэбэй акробатическай (цирковой) ускуустуба оскуолата Саха сириттэн 20 оҕону ылан үөрэтэргэ сөбүлэҥин биэрбитэ. Пекиннээҕи…
Ааспыт суукка иһигэр Саха сиригэр түөрт техногеннай баһаар тахсыбыта бэлиэтэннэ. Быһылааннар түмүктэригэр эчэйбит уонна өлбүт…
Балаҕан ыйа. Киһи ордук күһүҥҥү уһун киэһэлэргэ санааҕа-онооҕо ылларан, ханна эрэ сылаас дойдуга, саҥа эйгэҕэ,…
Алтынньы 25 күнүгэр «Кыайыы 50 сыла» успуорт дыбарыаһыгар эр дьоҥҥо көҥүл тустууга Дьокуускайга аһаҕас чөмпүйэнээт…
1970-с сыллар ортолоругар Сэбиэскэй сойуус үгүс эдэр ыччата хомсомуол путевкатын илиитигэр ылан, Байкал-Амур магистралын (БАМ)…