Сарсын сорох улуустарга хаар хойуутук түһүө, күүскэ тыалырыа

Share

Сарсын, кулун тутар 23 күнүгэр, Саха сирин сорох оройуоннарыгар хаар хойуутук түһүө, сөкүүндэҕэ 20 миэтэрэҕэ тиийэ түргэннээх тыал күүскэ үрүө диэн УГМС иһитиннэрэр.

Алдаҥҥа, Нерюнгригэ, Кэбээйигэ, Томпоҕо сорох сиринэн хаар хойуутук түһүөҕэ. Киин уонна илин эҥээр улуустарга, сорох сиринэн Алдаҥҥа, Нерюнгригэ, Томпоҕо, Кэбээйигэ, Дьааҥыга, Усуйаанаҕа тибии түһүөҕэ, сөкүүндэҕэ 15-20 миэтэрэ түргэннээх тыал үрүөҕэ.

Киин оройуоннарга түүн -14…-19,  күнүс -5…-10 кыраадыс буолара күүтүллэр. Оттон соҕуруулуу-илин түүн -4…-9, күнүс -4…+1, арҕаа улуустарга түүн -21…-26, күнүс  -10…-15, хотугулуу-арҕаа, хотугулуу-илин улуустарга түүн  -31…-36°, күнүс -17…-22 буолуоҕа.

Дьокуускайга түүн кыратык хаардыаҕа, сөкүүндэҕэ 9-14 миэтэрэ түргэннээх тыал үрүөҕэ, -13…-15 кыраадыс буолуоҕа. Оттон күнүс сөҥүүтэ суох,  -8…-10 кыраадыс буолара сабаҕаланар.

What’s your Reaction?
+1
3
+1
2
+1
3
+1
2
+1
0
+1
1
+1
1

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Нам улууһун Хатырык нэһилиэгэр балаһыанньа билигин да уустук

Халаан уутуттан эмсэҕэлиир нэһилиэктэр ахсааннарыгар урут хаһан да киирбэтэх Хатырык  нэһилиэгэ улахан ууга ылларан, олохтоохтору…

5 минут ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Нам улууһугар «Библионочь-2024» Дьиэ кэргэн сылыгар ананна

Ыам ыйын 17 күнүгэр Нам улууһугар «Библионочь-2024» Бүтүн Арассыыйатааҕы аахсыйа Арассыыйаҕа Дьиэ кэргэн сылын чэрчитинэн…

36 минут ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Аммаҕа «Сэдэх экспонаттар» быыстапка буолла

Бүгүн, ыам ыйын 18 күнүгэр, Аан дойду үрдүнэн Түмэл күнэ бэлиэтэнэр. Бу күнү көрсө Амматааҕы…

59 минут ago
  • Сонуннар
  • Чэгиэн

Эми хайдах иһиллэр туһунан ыйыыга-кэрдиигэ болҕомтоҕун төһө уураҕын?

Эми-тому атыылаһан баран, аны хайдах иһэр туһунан ыйыыны-кэрдиини (инструкцияны) төһө билсэбитий? «Күҥҥэ үстэ биир табылыакканы…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Спорт
  • Уопсастыба

Баатаҕайга Николай Тарскай олоҕун, килбиэннээх үлэтин кэпсиир түмэл

Саха сиригэр физическэй култуура уонна успуорт сайдыытыгар, хаачыстыба өттүнэн үрдүк кэрдиискэ тахсарыгар кылгас олоҕун анаабыт…

2 часа ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Өбүгэ оонньуулара түөлбэ дьиэ кэргэттэрин сомоҕолоото

Бу күннэргэ Горнай улууһун Бэрдьигэстээх сэлиэнньэлэрин түөлбэлэрэ сыл устата ыытыллар күрэстэр чэрчилэринэн, өбүгэ саҕаттан оонньонор…

2 часа ago