Сарсын тахсар күн иһин…

Share

Аҕа дойду Улуу сэриитигэр Ийэ дойдуларын көмүскээн, бүтүн норуот туруммута. Үгүс буойун cырдык тыынын толук уурбута. Ол ынырык сэрииттэн эргиллибиттэртэн билиҥҥи кэмҥэ бэрт аҕыйах бэтэрээн хаалла…

Быйыл Арассыыйаҕа Учуутал уонна настаабынньык сылынан Сунтаар улууһун Күүкэй оскуолатын биир бастыҥ, бастакы үөрэнээччитэ, учуутал, бэйиэт, тылбаасчыт, буойун Иванов Василий Наумович күлүм гыммыт олоҕун сырдатар, кэриэстиир уонна үйэтитэр соруктаах дириҥ ис хоһоонноох “Сарсын тахсар күн иһин” диэн тэрээһин ыытылынна.
Маныаха бүтүн Күүкэй нэһилиэгэ, оскуолата өрө көтөҕүллэн туран кытыннылар.

Тахсан испит талааннаах суруйааччы Василий Иванов чугас аймахтара кэлэн кыттыспыттара тэрээһин суолтатын үрдэттэ. Үөрүүлээх чааһы кырдьаҕас учуутал Николаева Мария Васильевна киирии тылынан арыйда, нэһилиэк баһылыга Прокопьев Юрий Семенович, оскуола дириэктэрэ Алексеев Егор Иванович мустубут дьону эҕэрдэлээтилэр. Бу кэнниттэн «Кэнэҕэс кэриэһим ааттаныа…» диэн Иванов В.Н. сиэн балтылара: СӨ култууратын туйгуна З.Г.Попова-Иванова уонна Н.Н.Большакова-Алексеева сценарийдарыгар олоҕуран, Күүкэй орто оскуолатын үөрэнээччилэрин күүһүнэн литературнай композиция туруорулунна (салайааччы — учуутал Герасимова Ираида Михайловна). Вася Иванов кылгас олоҕун олус уйадытыылаахтык, сэрии уодаһыннаах тыынын итэҕэтиилээхтик көрдөрдүлэр. Манна бэлиэтээн этэр буоллахха, Вася Иванов Күүкэй начаалынай оскуолатыгар үөрэнэр сылларын көрдөрүүгэ 4 кылаас үөрэнээччилэрэ кылааһынан (салайааччы Алексеева Марта Антоновна) олус эппиэтинэстээхтик кытыннылар. Сүрүн оруолу, Вася Иванову оҕо эрдэҕинээҕитин Колесов Артем, устудьуон кэмнэрин Дьулус Сидоров, доҕорун Михаил Спиридоновы Дьулусхан Спиридонов, 7 кылаас уолаттара толороннор көрөөччү сэҥээриитин ыллылар.


Салгыы композицияны слайд бэсиэдэтинэн бибилэтиэкэр Львова Нюргуяна Прокопьевна чиҥэтэн биэрдэ.
Кини кылгас олоҕун билиһиннэрэбит. Вася Иванов 1923 с. Күүкэй нэһилиэгэр Быкынаан күөлүн кытыытыгар, кэрэ айылҕалаах чараҥнаах алааска, элбэх оҕолоох, тиийиммэт-түгэммэт дьадаҥы ыалга төрөөбүтэ. Аҕата Наум Захарович, ийэтэ Ксенья Федоровна Ивановтар иллээх дьиэ кэргэн, холкуос үлэһит дьонноро этилэр. Вася 1930 сыллаахха Күүкэй алын сүһүөхтээх оскуолатыгар 7 саастааҕар үөрэнэ киирбитэ. Ити кэмнэргэ 1-2 кылаастар Федоров И.А. дьиэтигэр, 2-3 кылаастар Уһун Успурдуон дьиэтигэр үөрэнэллэрэ. Учууталларынан Максимов Николай Семенович, Кривошапкин Филипп Федорович, Кривошапкин Григорий Андреевич үлэлииллэрэ. Үөрэххэ олус дьулуурдаах буолан, учууталларыттан хайҕанара.

Уруһуйдьутунан, ырыаны-хоһоону айарынан биллэн барбыта. Элгээйи оскуолатыгар үөрэнэ сылдьан, Саха сирэ 15 сылын туолар үбүлүөйүгэр Сунтаар улууһун үрдүнэн биллэриллибит уус-уран самодеятельноска, уруһуйга, бэйэ айыытыгар күрэскэ кыттан, уруһуйга уонна ырыа суруйууга бастакы миэстэлэри ылбыта. Ити сылларга илиинэн таһаарыллар сурунаалга «Иҥсэ иэдээнэ» диэн сатирическай пьесаны суруйан дьон сэҥээриитин ылбыта. 1937 с. муус устар ыйга «Бэлэм буол» хаһыакка Вася бастакы икки хоһооно – «Саас», «Самыыр» диэн хоһоонноро бэчээттэнэн тахсыбыттар. Салгыы Элгээйи 7 кылаастаах оскуолатын 1937 сыллаахха ситиһиилээхтик бүтэрбитэ. 1938 с. Дьокуускайга Сибээс кэмбинээтин техникумугар үөрэнэ киирэр. Ити үөрэнэр сылыгар М. Горькай «Пепе» диэн кэпсээнин тылбаастаабыта. 1939 с. сибээс техникумуттан педагогическай рабфакка көспүтэ. Манна үөрэнэ сылдьан Николай Габышев, Семен Данилов, Сергей Макаров, Андрей Мартынов, Софрон Данилов уо.д.а. уонунан чулуу уолаттары кытта доҕордоһор. Эһиилигэр Дьокуускайдааҕы учууталлар институттарын устудьуона буолар. Институкка Күннүк Уурастыырап салалтатынан литературнай түмсүүгэ сылдьыбыта. «Күөрэгэй» диэн сурунаалга Вася айымньыта уонна хас да тылбааһа тахсыбыта.


Иккис кууруска үөрэнэ сырыттахтарына, төлөбүрдээх үөрэх олохтонон, Василий 1941 с. тохсунньу саҥатыгар Чурапчыга Дириҥ сэттэ кылаастаах оскуолатыгар нуучча тылын учууталынан анаммыт. Итиннэ биир сыл үлэлээн баран, Сунтаарга Чакыр нэһилиэгэр Күндэйэҕэ учууталлыы барар. 1942 с. бэс ыйыгар баҕа өттүнэн аармыйаҕа барар. Хомсомуол Вася Иванов саллаат буолаат, автоматчик-хайыһардьыт үөрэҕэр сылдьан баартыйа чилиэнинэн ылыллар. Бершекка младшай хамандыырдар куурустарын бүтэрэн, ити сыл ахсынньы ыйга фроҥҥа барбыта.


Фроҥҥа сылдьан суруйарын уураппатаҕа. Атастарыгар хоһооннорун ыытара. 1943 с. бааһыран госпитальга киирэр. Манна сытан кини дириҥ ис хоһоонноох «Ийэбэр» диэн хоһоону суруйар. Бу хоһоонун «Кыым» хаһыакка бэчээттэтэ ыытар. Бу сылга кини элбэх хоһоонноро хаһыакка бэчээттэнэн тахсаллар, хоһоонноро патриотическай тыыннаахтар.
Хорсуннук сэриилэһэ сылдьан, ыараханнык бааһыран, Кострома куоракка госпитальга 1944 с. өлбүтэ. Василий Наумович аҕыйах да кэмҥэ учууталлаатар, үөрэнээччилэрэ олус истиҥник саныыллара. Уһун перемена кэмигэр оҕолорго араас оонньуулары тэрийэрэ, олус интэриэһинэй кэпсээннэри, остуоруйалары кэпсиирэ. Ол туһунан үөрэнээччилэрин ахтыыларыгар ааҕыахха сөп.


“Биир уол оҕо…» ахтыылар, хоһооннор — учуутал, бэйиэт, тылбаасчыт, саллаат сырдык кэриэһигэр ананан 2005 с. тахсыбыт кинигэ. Манна ахтыылар, кини кэпсээннэрэ, хоһоонноро киирбиттэр. Саха биллиилээх суруйааччыта Николай Габышев кинигэтигэр “Студент сэриигэ өлбүтэ” диэн Вася Иванов туһунан сурук, хоһоон булкаастаах сэһэнэ киирбит. “Мин ырыам кыайыыны туойбута”, “Уот сэрии кэпсэтэр тылынан” – Аҕа дойду сэриитигэр кыттыбыт суруйааччылар хоһооннорун, айымньыларын хомуурунньуктарыгар Василий Иванов хоһоонноро киирбиттэрин көрүөххэ сөп. 2006 сыллаахха Сунтаарга спартакиада ыытылларыгар Сунтаар кииннэммит бибилэтиэкэтин ситимэ улуус нэһилиэктэригэр серия бэчээттэтэн брошюралары таһаартарбыта. Бу брошюраҕа Күүкэйтэн төрүттээх бэйиэт, тылбаасчыт, учуутал Вася Иванов туһунан сурулла сылдьар.


Тэрээһин тахсан испит бэйиэт хоһооннорун хомуурунньугуттан ааҕыынан түмүктэннэ. Кэрэхсэбиллээҕэ диэн, биир дойдулаахпыт, артыыс аймахтара Зоя Гаврильевна “Ийэбэр” диэн хоһоонун видео-ааҕыытын истэн бэлэх курдук ылынныбыт.


Маны сэргэ Василий Наумович уруһуйдьутун бэлиэтээн, уруһуй күрэһэ түмүктэннэ, бастыҥнар ааттаннылар. Күрэс түмүгүнэн уруһуйдар тиһиллэн, альбом оҥоһуллан мусуойга хараллар.
Тэрээһиҥҥэ харда тылы ыалдьыт Герасимова Сардаана Михайловна истиҥник махтанан туран, бэйэтэ оҥорбут альбомнарын, Василий Наумович кинигэтин бэлэх уунна.
Инникитин Күүкэй оскуолатын үөрэнээччитин, учууталы үйэтитэргэ кэнчээри ыччат кини аатын ааттаан кэриэстиэхтэрэ диэн эрэнэбит.

“Кустук” пресс-киин, Күүкэй, Сунтаар

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Саха сиригэр чоҕу хостооһуҥҥа саҥа рекорду олохтоотулар

2024 сыл 11 ыйын түмүгүнэн Саха сиригэр 45 мөлүйүөн туонна чох хостоммут. Бу былырыыҥҥы көрдөрүүттэн…

16 минут ago
  • Сонуннар

Меркурий «ретрограднай» буолан бүтэрэ чугаһаата

"Ретрограднай" Меркурий "төттөрү" барыыта бүтэрэ 3 хонук хаалла. Сэтинньи 26 күнүттэн ахсынньы 15 күнүгэр диэри…

31 минута ago
  • Быһылаан

Тулагыга суоппар массыынатын суулларан баран, саахал буолбут сириттэн куоппут

Тулагы сэлиэнньэтигэр биллибэт суоппар массыынатын суулларбыт уонна саахал миэстэтиттэн куоппут. Бу туһунан Дьокуускайдааҕы Госавтоинспекция иһитиннэрэр.…

47 минут ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Саҥа дьылы көрсө түннүккэ георгин сибэккилээтэ

Ахсынньы тымныытын аахсыбакка, Саҥа дьылы көрсө Үөһээ Бүлүүгэ георгин сибэкки тыллан хараҕы үөрдэр, сайыны чугаһатар.…

1 час ago
  • Сонуннар

Үс улууска саҥа баһаарынай деполары астылар

Бүгүн, ахсынньы 12 күнүгэр, Нам улууһун Остуолба, Таатта улууһун Булуҥ уонна Томтор, Уус Алдан улууһун…

1 час ago
  • Сонуннар

РФ Конституциятын күнүгэр Дьокуускайга үрдүкү кылаас үөрэнээччилэрин патриотическай пуорумнара саҕаланна

Бүгүҥҥүттэн, ахсынньы 12 күнүттэн, РФ Конституциятын күнүгэр Дьокуускайга «Объединяя лучшее - быть первым!» диэн ааттаах…

1 час ago