Сарсын уонна өйүүн Дьокуускайга “Дьиэ кэргэн улахан өрөбүлэ” буолуоҕа

Share

Бу өрөбүллэргэ Дьокуускай куорат олохтоохторун уонна ыалдьыттарын “Дьиэ кэргэн улахан өрөбүлэ” («Большие семейные выходные») тэрээһиҥҥэ ыҥыраллар.

Үлэ уонна социальнай сайдыы министиэристибэтэ иһитиннэрэринэн, атырдьах ыйын 17 күнүгэр Кырдьаҕас куоракка, култуура уонна сынньалаҥ пааркатыгар, Ю.А.Гагарин аатынан тулаһаҕа, ону тэҥэ, Табаҕа сэлиэнньэтин “Кедр” култуура дьиэтин тэлгэһэтигэр оҕолорго, төрөппүттэргэ аналлаах аралдьытар тэрээһиннэр ыытыллыахтара.

Тэрээһин бырагыраамата:

Атырдьах ыйын 17 күнүгэр Кырдьаҕас куоракка 12.00 ч.: “Кырдьаҕас куорат кистэлэҥэ” дьиэ кэргэҥҥэ аналлаах квест. Дьиэ кэргэҥҥэ Дьокуускай куорат харыстанар сирдэрин архитектурнай уонна историческай пааматынньыктарын  билиһиннэрии.

Атырдьах ыйын 17 күнүгэр култуура уонна сынньалаҥ пааркатыгар 14.00 ч: уулусса аһын баараҕай бэстибээлэ! Эһигини куорат асчыттарын араас аһылыктара, тыыннаах муусука, куонкурустар, маастар-кылаастар күүтэллэр.

Атырдьах ыйын 17 күнүгэр култуура уонна сынньалаҥ пааркатыгар 14.00 ч: Дьиэ кэргэн куораттыы күүлэйэ (пикник).

Атырдьах ыйын 17 күнүгэр Ю.А.Гагарина аатынан тулаһа, күнүс 15.00 ч.: оҕолорго уонна төрөппүттэргэ аналлаах “Биһиги тэлгэһэбит оонньуулара” оонньуу.

Атырдьах ыйын 17 күнүгэр Табаҕаҕа “Кедр” култуура дьиэтин тэлгэһэтигэр күнүс 12.00 ч.: “Өрөбүлгэ дьиэ кэргэнинэн” дьиэ кэргэҥҥэ оонньуу.

Атырдьах ыйын 18 күнүгэр эһиэхэ анаан Дьокуускай куорат Ю.А.Гагарин аатынан тулаһатыгар уонна Тулагыга М.П.Обутова-Эверстова аатынан култуура киинигэр дьиэ кэргэҥҥэ аналлаах оонньуу бырагыраамата күүтэр.

Тэрээһин бырагыраамата:

Атырдьах ыйын 18 күнүгэр Тулагыга М.П.Обутова-Эверстова аатынан култуура киинигэр күнүс 14.00 ч.:«Аҕам, ийэм уонна мин –  иллээх дьиэ кэргэн» оонньуу.

Атырдьах ыйын 18 күнүгэр Ю.А.Гагарин аатынан тулаһаҕа күнүс 15.00 ч.: “Бииргэ буоларбытыттан дьоллоохпут” оҕолор, төрөппүттэр күрэстэрэ.

Умнуллубат өйдөбүлү уонна дьиэ кэргэн сыаннастарын харыстыырга аналлаах “Дьиэ кэргэн улахан өрөбүлэ” федеральнай бырайыакка барыгытын ыҥырабыт. Бу туһунан Ил Дархан уонна Бырабыыталыстыба пресс-сулууспата иһитиннэрэр.

What’s your Reaction?
+1
3
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Куонкурус
  • Сүрүн
  • Уопсастыба

Юрий Трутнев Москваҕа кэллиэгийэҕэ кытынна

Москваҕа Муора кэллиэгийэтин Арктикаҕа РФ национальнай интэриэстэрин көмүскүүр Сэбиэтин бастакы мунньаҕа буолан ааста. Арктикаҕа РФ…

13 минут ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн
  • Үөрэх

Атахпыт анныгар харалла сытар түҥ былыргы олохтон

Ирбэт тоҥ дойдуга олорорбут биир үчүгэйэ, атахпыт анныгар түҥ былыргы олох харалла сытар. Таба тайаннахха,…

37 минут ago
  • Култуура
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Өрөйүҥ-чөрөйүҥ, олоҥхо истэр кэм кэллэ

“Бүгүҥҥү күҥҥэ саамай улахан ситиһиибитинэн олоҥхону толорор ыччаппыт, эр дьоммут элбээбитэ буолар. Кинилэри түүн да…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Абхазияҕа туох буолла?

Абхазияҕа ааспыт нэдиэлэттэн өрө туруу баран, бэрэсидьиэннэрин быыбара болдьоҕун иннинэ ыытыллар буолла. Сэтинньи 15 күнүгэр…

2 часа ago
  • Итэҕэл
  • Куонкурус
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Күн-дьыл туруга: сэтинньи 23 күнэ

Бу күннэргэ күн-дьыл туруга хайдаҕый? Күнү-дьылы кэтээн көрөөччүлэр туох дииллэрий? Өрөспүүбүлүкэ арҕаа, хотугулуу-арҕаа улуустарыгар, Өлүөнэ…

3 часа ago
  • Сонуннар

Госдуума элбэх оҕолоох ыалларга юрист өҥөтө босхо буолуохтааҕын биһирээтэ

Госдуума элбэх оҕолоох ыалларга юридическай көмө босхо буолуохтааҕын туһунан сокуон бырайыагын бастакы ааҕыыга ылынна. Көмөнү үс…

15 часов ago