Сарсыҥҥыттан — ас-үөл дьаарбаҥката…
Сарсыҥҥыттан, балаҕан ыйын 15 күнүттэн, Дьокуускайга «Ас-үөл» атыы дьаарбаҥка-быыстапка тэрээһиннэрэ саҕаланыахтара.
Агропромышленнай комплекс уон күннээх дэкээдэтэ балаҕан ыйын 24 күнүгэр диэри ыытыллыаҕа. Манна өрөспүүбүлүкэ бары улуустарыттан уонна агро-оскуолалартан кэлэн кыттыыны ылыахтара. Дьаарбаҥка Комсомольскай болуоссакка сарсыарда 10.00 чаастан киэһэ 19.00 чааска диэри буолуоҕа. Тэрээһин чэрчитинэн ас-үөл хаачыстыбатын бэрэбиэркэлииргэ маастар-кылаас, сонун бородууктаны билиһиннэрии, кэнсиэр, санаа атастаһар төгүрүк остуоллар ыытыллыахтара.
Дьокуускайдааҕы килиэп кэмбинээтэ, Үүт собуота, «Туймаада» кэмбинээт бэйэлэрин бородууксуйуларын билиһиннэриэхтэрэ, олохтоох сир аһын быыстапката, «Агро-оскуола» быыстапка, «Үлэ дьоно» диэн Үлэ сылыгар анаммыт хаартыска быыстапката буолуоҕа. Аһы амсайыы кэмигэр «Норуот талыыта» куоластааһын ыытыллыаҕа.
«Ас-үөл» быыстапка-тэрээһин чэрчитинэн балаҕан ыйын 23 күнүгэр Арктическай судаарыстыбаннай агротехнологическай университет ипподромугар Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтин бирииһигэр ат сүүрдүүтэ ыытыллара былааннанар.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: