Салгыы
Сарын-сарынтан өйөнсөн…

Сарын-сарынтан өйөнсөн…

25.01.2025, 10:00
Бөлөххө киир:

Байыаннай дьайыыга дьиэ кэргэнинэн эмиэ сулууспалыыллар. Саха сириттэн сылдьар “Седой” уонна “Сүрэх” диэн позывнойдаах ыалы Луганскайга көрсөн аҕыйах тылы кэпсэппиппин сэргиэххит диэн эрэнэбин.

Бастаан утаа хайдах этэй?

Былырыын, ахсынньы 5 күнүгэр, Новоазовскайтан Луганскайга сарсыарда эрдэттэн айаннаабыппыт уонна күнүс 14 чааһы ааһыыта этэҥҥэ тиийбиппит. Бүлүү улууһуттан тиийбит көмөнү сүөкүү уонна инники кирбииттэн кэлбит уолаттарга баһыылкалары түҥэтиһэ сылдьан, “Барс-2” (“Боотур”) этэрээккэ баар “Сүрэх” уонна “Седой” диэн позывнойдаах кэргэн­ниилэри көрсө түспүтүм. Миэдик “Сүрэҕи” кытта “Ася” диэн позывнойдаах медсиэс­тэрэ баара.

“Седойдуун”

– Комбат (батальон хамандыыра) солбуйааччытынан сылдьабын.  Сулууспалаабытым номнуо балтараа сыл буолла. Үксүбүт сахалар.  Харьковскай уобаласка баарбыт, Харьков куораттан 70 км тэйиччи  сытабыт, – диэн «Седой» кэпсээн саҕалаата. – Утарыта киирсии аҕыйах. Үксүн дроннар киирсиилэрэ… FPV уонна “Дьэгэ Бааба” диэннэр  элбэхтэр. Биһиги эмиэ дроннардаахпыт.

Тустаах көмөлөр улуустартан кэлэ тураллар. “Сокол” адьас абыраллаах, тугунан да солбуллубат тиэхиньикэ.

Дроннар олус наадалар

– FPV дроннар, антидроновай дэниллэр буускалар наадалар.  Ону тэҥэ, дрон көтөн иһэрин көрөр кыах­таах детектордар. Билигин дроннар киирсии­лэрэ буола турар. “Дьэгэ баабалар” тааҥканы суоһарар гранаталарынан тамнааттыыллар, блиндажка да “быраҕыахтарын” сөп. Бытаан соҕустар эрээри, түүнүн көтөллөрө кутталлаах. Түүн көтө сылдьалларын көрөр уустук. Сырдыкка кыралар “дьаар­байаллар”. Итини таһынан, «крылолар»  диэн разведчиктар бааллар. Мантыларын са­­йыннаран иһэллэр, саҥа “крылолар” баар буолбуттар, баларга биэстии-алтыы дьоҕус дроннары олордон баран ыыталлар. Судургутук, таһаҕасчыттар диэххэ сөп. Аны бу “крылолар” ыраах көтөр кыахтаахтар. Кыралар ыраах көппөттөр. FPV-дроннар чааска 110 км түргэннээхтик бараллар. Ол иһин массыыналар куотар кыахтара суох.

Доруоп саалар

– Доруоп саа саамай көдьүүстээх буолан турар. Ол эбэтэр, доруобунньугунан ытар саалар. Аптамаатынан табар уустуга өйдөнөр. Биир буулдьанан табар уустук.  Доруоп саалары аҕалыы улахан уустуга суох, докумуоннаах буоллаҕына, төһө баҕарар туһанар кыах баар.

– Икки уостаах  ордук дуу, биэстэ эстэр апта­маат дуу?

–Аптамаат саа быдан ордук, биллэн турар, саҥа, үчүгэйдик ыраастаммыт, сотуллубут буоллаҕына. Элбэхтик ытар ордуга чуолкай. Уон ботуруон киирэр маҕаһыыннаах “Сайга” (гладкоствольнай) үчүгэй. Уончата субуруттахха, хайаан табыллар буоллаҕа. Элбэх дрону суулларыахха сөп.

Иккиэбит

– Кэргэним кэлсибитэ, ман­на биэлсэрдии сылдьар. “Сүрэх” диэн позывнойдаах.

–Кэргэҥҥин аҕалбыккыттан куттаммаккын дуо?

– Күүһүнэн кэлсибитэ (күлэр). Бэйэтин тус быһаарыныыта буолар.

“Сүрэхтиин” аҕыйах тылы…

“Сүрэх”  бииргэ үлэлии сылдьар “Асятынаан” тугу эрэ гынан солото суох да сырыттар, аҕыйах тылы бырахсан кэпсэттим.  Бүлүүттэн кэлбит кэһиини ылаат, хомунан сотору баазаларыгар төннүөхтээхтэр.

– Верхоянскай куораттан сылдьабын. Дьокуускай куоракка олорбутум ыраатта, – диэн “Сүрэх”  кэпсиир. – Кэргэним манна сулууспалаабыта балтараа сылтан орто. Бэйэм баҕа өттүбүнэн көмөлөһөргө диэн кытаанах санааны ылыммытым. Кадамовкаҕа үөрэтэр кииҥҥэ бастаан утаа кэлбиппитигэр, Тверьтэн биир ыал баара. Эр киһи – пехотинец, кэргэнэ миэдик этилэрэ. Онон биһиги эрэ буолбатахпыт эбит дии санаабыппыт. Билигин биэлсэрдии сылдьабын, сүрүн сорукпут-сыалбыт – бааһырбыттарга көмөлөһүү, эмтээһин. “Ася” диэн позывнойдаах бииргэ үлэлиир кыыспын кытта үксүн сылдьабын. Бу иннинэ иккиэн Дьокуускайдааҕы Мэдиссиинэ киинигэр үлэлээ­биппит. Кини – уопсай реанимацияҕа, мин кардиореа­нимацияҕа үлэлээбитим. Билигин “Боотур” баазатыгар баар медпууннарга үлэлиирбит таһынан, госпиталларга тиийэн  күн аайы кэриэтэ көмөлөһөбүт. Аттыбытыгар улахан госпиталь баар.  Манна өрөбүл диэн адьас суох. Түүннэри кытта үлэлиибит. Көмөҕө ыҥырдылар да, сүүрэн тиийэбит. Улахан киирсии буоллаҕына,  бааһыр­быттар элбииллэр. Иккис ыйбытын  үлэлии сылдьабыт. Билигин хайдах эрэ аматыйа быһыытыйда (үстэ хаҥас өттүгэр силлиир). Бастаан кэлэрбитигэр бааһырбыттар-эчэйбиттэр элбэхтэрэ. Алта ыйга хантараактаһан кэлбиппит. Онон 2025 сыл муус устарыгар диэри сулууспалыыбыт. Биэс кыыстаах­пыт, барыларын атахтарыгар туруортаатыбыт, кырабыт үөрэҕин бүтэрэн үлэһит. Хайыы үйэ 15 сиэннээхпит.

Дьэ, бу курдук, Ийэ дойдубут көмүскэлин туһугар дьиэ кэргэнинэн тиийэн туруулаһа сылдьаллара махталлаах, хайҕаллаах дьыала буолар. Маны этэн эрдэхтэрэ, сарын-сарынтан өйөнсөн, биир санаанан салайтаран, барытыгар бииргэ диэн. Барыта этэҥҥэ буоллун, этэҥҥэ сылдьыҥ!

Запорожье – Дьокуускай – Запорожье (2024 сыл, ахсынньы). 

+1
58
+1
3
+1
0
+1
0
+1
2
+1
4
+1
6
Бары сонуннар
Салгыы
30 января
  • -38°C
  • Ощущается: -38°Влажность: 67% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: