Түмэлгэ САССР үтүөлээх зоотехнига Мария Маппырова аатын иҥэриэхтэрэ
Сэтинньи 29 күнүгэр “Сылгыны үөрдээн иитии – ааспыт, билиҥҥи уонна кэлэр кэм” диэн Бүтүн Арассыыйатааҕы научнай-практическай кэмпириэнсийэ ыытыллыаҕа.
Кэмпириэнсийэ тыа хаһаайыстыбатын наукатын дуоктара, Саха Өрөспүүбүлүкэтин үтүөлээх зоотехнига, СӨ судаарыстыбаннай бириэмийэтин лауреата, М.Г.Сафронов аатынан ТХНЧИ лабораториятын сэбиэдиссэйэ Иванов Реворий Васильевич 70 сааһыгар ананар.
Бу улахан тэрээһин чэрчитинэн Саха сиригэр племенной сүөһү иитиитин түмэлигэр САССР үтүөлэх зоотехнига Мария Георгьевна Маппырова аатын иҥэриэхтэрэ. Онон түмэли өссө тупсаран, ис хоһоонун байытан, Мария Георгьевнаҕа аналлаах муннугу оҥорон, “Сахаагроплем” тэрилтэ күүскэ бэлэмнэннэ.
— Биллэрин курдук, бу түмэл 1986 сыллаахха үөрүүлээхтик аһыллыбыта. Онно Москваттан Бүтүн Сойуустааҕы Сүөһү иитиитин институтуттан бэрэпиэссэрэ, “Биология воспроизведения” түмэли тэрийбит Ирина Ивановна Соколовская оччолорго уон дьааһык бастакы эспэнээти биэрэн, ол онтон тирэхтэнэн, байытыллан барбыта. Ирина Ивановна бэйэтэ тэрийбит түмэлин курдук тэрилтэлэр атын дойдуларга баар буолуохтарын олус баҕарара. Оччолорго түмэли тэрийбит Мария Маппырова бу мусуойга холкуос, сопхуос саҕанааҕы чулуу көрдөрүүлэри ситиспит сүөһү, ньирэй көрөөччүлэр эҥин тустарынан кэпсэниэн наадатын бэлиэтээбитэ, оннук хайысханан үлэни ыыппыта. Ити бастаан арыллыытыгар 59 киһи кыттыыны ылбыта биллэр, ол иһигэр учуонайдар бааллара. Биһиги билигин бу мусуой үөрэтэр ис хоһоонноох буолуохтаах диэн сыалы-соругу туруордубут. Ол курдук, биһиги үөрэтэр тиэхиньик-осеменатордарбыт, устудьуоннар, уһуйаан оҕолоругар тиийэ манна турбут экспозициялары көрүөхтэрэ, устуоруйаны билиэхтэрэ. Онон инники үлэбитигэр олус көмөлөөх буоларыгар эрэнэбит. Элбэх интэриэһинэй ис хоһоонноох, устуоруйалаах хаартыскалар эҥин бааллара дьон болҕомтотун тардыаҕа, — диэтэ бу үлэни билигин иилээн-саҕалаан тэрийбит өрөспүүбүлүкэ үтүөлээх зоотехнига, Курбуһах нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо Татьяна Протопопова.
Хаартыскалары: Т.Протопопова ыытта
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: