Салгыы
«Сата» куруһуок үөрэнээччилэрэ бэйэ ыспыт бурдуктан сэлиэһинэй лэппиэскэтин амсайыахтара

«Сата» куруһуок үөрэнээччилэрэ бэйэ ыспыт бурдуктан сэлиэһинэй лэппиэскэтин амсайыахтара

Ааптар:
31.08.2024, 16:30
Хаартыска: К.Д. Уткин аатынан норуоттар доҕордоһууларын түмэлэ
Бөлөххө киир:

Атырдьах ыйын 28 күнүгэр Ньурба улууһун К.Д. Уткин аатынан норуоттар доҕордоһууларын түмэлэ төрдүс сылын ыһан үүннэрэр бурдуктарын «Сата» куруһуок оҕолоро уонна «Алгыс» дьахтар түмсүүтэ (сал.Антонова Е.П.,Васильева А.П) буолан быстылар.

Быйыл уратыта диэн бэйэбит үүннэрбит бурдукпут сиэмэтин ыспыппыт. Бурдукпут быйыл эрдэ ситтэ, үүнүүтэ үчүгэй диэн К.Д. Уткин аатынан норуоттар доҕордоһууларын түмэлэ суруйар.

— Оҕолор аахпыттарынан, биирдии куоластан ортотунан 50-ча туораах кэлэр. Бурдугу былыргылыы түүтэхтээн куурда ыйаатыбыт. Салгыы оҕолор бурдук куурдуутунан уонна таҥастааһынынан дьарыктаныахтара. Үчүгэйдик ыраастаммыт туорааҕы күһүөрү суорунаҕа тардан сэлиэһинэй лэппиэскэтин амсайыахтара. Бу маннык былыргылыы бурдугу үүннэрэн, эдэр көлүөнэни өбүгэлэр үгэстэригэр сыһыарар сыаллаах-соруктаах дьарыктанабыт. Сынньалаң кэмигэр Анисимова З.В. туораах бурдук туһунан кэпсээтэ, былыргы төрүттэрбит маннык илиинэн үлэлээн бурдук үүннэрэн астанан олорбуттарын билиһиннэрдэ. Историческай чахчыларга олоҕуран, сут дьылларга хомуур кэннэ хаалбыт холкуос буолатыттан ылҕааннар элбэх оҕо-аймах сууттанан, ыар дьылҕаламмыттарын кэпсээтэ. Ону таһынан, Хаңалас нэһилиэгин ытык кырдьаҕаһа Марфа Калиновна эдэр сылдьан Сата дэриэбинэтиттэн 8 көстөөх сиргэ хаста эмитэ кырынан Ньурбаҕа сыарҕалаах оҕуһунан кууллаах бурдугу тиэйэн таһааран аччык олорор дьону быыһаабытын, бэйэтиттэн истибитин кэпсээтэ.

Бу курдук саңа үөрэх дьылыгар «Сата» куруһуокпут үлэтин үөрүүлээхтик саҕалаата, — диэн К.Д. Уткин аатынан норуоттар доҕордоһууларын түмэлэ иһитиннэрэр.

+1
6
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
21 декабря
  • -39°C
  • Ощущается: -39°Влажность: 67% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: