Сатаан утуйбат буоллахха
17.10.2024, 20:53
СИА хаартыската
Бөлөххө киир:
Кыайан утуйбат киһи, утуйуон иннинэ, 1 ньуоска мүөттээх 1 ыстакаан сылаас үүтү иһэрэ уонна салгыҥҥа чаас аҥаара хаамара ордук.
Утуйуох иннинэ маннык эрчиллиилэри оҥордоххо киһи быччыҥа уонна тыынара холкутуйар, онон түргэнник утуйар.
- Туран эрэ илиилэргин инниҥ диэки уун, онтон үөһэ көтөх, салгыны эҕирий. Илиилэргин быластыы тутан аллара түһэр, салгыны тыынан таһаар. 3-4 төгүл наҕыллык, хамсанан толор.
- Туран эрэ уҥа илиигин быластыы тут, ону батыһа эргий, ити кэмҥэ салгыны эҕирий. Урукку балаһыанньаҕар төнүн, илиигин аллара түһэр, төттөрү тыын. Ити курдук хаҥас илиини батыһан хаҥас диэки эргий, 3-4 төгүл бытааннык толоруллар.
- Атаҕы сарын кэтитин саҕа киэҥник үктэниллэр, илиини синньигэс биилгэ тутуллар, салгыны эҕирийиллэр, инники диэки тоҥхойор кэмҥэ илиини быластыы тутуллар, тыыммыт салгыны таһаарыллар. 3-4 төгүл наҕыллык оҥоруллар.
Саха ыалын халандаарыттан,
«Бичик» («Айар») киигэ кыһата, 2015 c.
+1
15
+1
1
+1
1
+1
1
+1
3
+1
4
+1
7
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: