Сатабыллаах хаһаайка сүбэлэрэ
Уу ырааһын бэрэбиэркэлиир ньыма. Уулаах бытыылкаҕа чаайынай ньуоска саахары кутан, хаппахтаан баран 21 кыраадыс сылааска ууруҥ. Кирдээх уу 1-2 күнүнэн болоорхой дьүһүннэниэ.
Кофены бэрэбиэркэлиир ньыма. Орто соҕус үрүүмкэҕэ 3/4 ууну кутуҥ уонна биир кымаах кофе бороһуогун быраҕыҥ. Дьиҥнээх кофе өр сылдьар, бытааннык тимирэр.
Бурдук ырааһын бэрэбиэркэлиир ньыма. Киэһэ боруоҥка нөҥүө бурдугу түһэрэн кыракый чөмөх оҥоробут. Сарсыарда бу чөмөхпүт уларыйбатах буоллаҕына — ыраас бурдук. Оттон сиҥнэн түспүт, хаптайбыт буоллаҕына — кирдээх бурдук.
Итиигэ сиэттэххэ. Аһылык астыы туран илиигин итиигэ сиэттэххэ, тута тиис суунар мятнай паастанан сотуҥ, ыарыыта намтыыр, хаарыллыбыт сирэ хабыллан тахсыбат.
Сыты ыытар ньыма. Кырааскаҕа, ацетоҥҥа, кыраһыыҥҥа, бензиҥҥэ биһилиннэххэ, сытын ыытар уустук буолар. Хартыыһа бороһуогун итии суурадаһынынан сууннахха, сыта сүтэр.
«Саха ыалын халандаарыттан», 2015 с. «Айар» («Бичик»).
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: