Салгыы
Сатабыллаах оҕолору иитиэхтээхпит

Сатабыллаах оҕолору иитиэхтээхпит

08.09.2024, 15:00
Хаартыска: Петр Птицын тус архыыбыттан.
Бөлөххө киир:

Быйылгыттан оскуолаларга үлэ уруога саҥа биридимиэт киирдэ. Бу технология уруогуттан туох уратылааҕый? Оскуолалар манна төһө бэлэмнэр? Аныгы оҕолор илиинэн үлэлииллэрин сөбүлүүллэр дуо? Үлэ уруогун туһунан СӨ үөрэҕириитин туйгуна, үөрэх эйгэтигэр Үүнэр көлүөнэ пуондата уонна “РНГ” АУо олохтообут бириэмийэтин хаһаайына, Мэҥэ Хаҥалас улууһун И.Г.Тимофеев аатынан Майа лиссиэйин үлэҕэ, черчениеҕа учуутала Петр Птицыны кытта сэһэргэстибит. 

Саҥа биридимиэт

– Петр Михайлович, технология уруогар билигин уолаттар тугунан дьарыктаналлар? Быйыл­гыттан “технология” “үлэ уруога” диэн ааттанна. Бу туох уратылааҕый?

– Технология уруогар уларыйыы 2016-2017 сыллартан кыралаан киирэн барбыта, Санкт-Петербург, Москва, Казань курдук улахан куораттарга технологическай үөрэхтээһин хамсааһына саҕаламмыта. Оҕолору Арассыыйа араас куораттарынан күрэхтэһиилэргэ илдьэ сылдьан, биир идэлээхтэрбин кытта кэпсэтэн, тугу үлэлииллэрин көрөн кэлэн баран, Майа лиссиэйигэр оҕолору дьарыктыырым, уһуйарым. Аныгы үйэҕэ үлэ тутула уларыйда, автоматизацияҕа, көмпүүтэргэ көһөн эрэбит. Лиссиэй үөрэнээччилэрэ компьютернай моделирование, графика, прототипирование, 3D сканирование курдук саҥа технологиялары билиэх­тээхтэр диэн болҕомтобун ууран үлэлээн барбытым.

Дойду бэрэсидьиэнэ В.В.Путин бырамыысыланнас күүс­кэ сайдыахтаах, технологическай өрө тахсыыны оҥоруохтаахпыт диэн толкуй­даах. Хомойуох иһин, билиҥҥитэ технологическай үөрэхтээһини аҥаардастыы АйТи быһыытынан көрөллөр. Кэлин оҥорон таһаарыыга автоматизация, арааһынай роботтары үлэлэтии киирэн эрэр. Бырамыысыланнас сайдыытыгар оробуочай уонна инженернэй каадырдар олус ирдэнэр буоллулар. Биһиэхэ улахан собуоттар суохтар эрээри, соҕуруу собуоттар, баабырыкалар номнуо атын идэлээх дьоҥҥо наадыйан эрэллэр. Ол биир чэрчитинэн орто идэҕэ бэлэм­ниир тэрилтэлэргэ «ВорлдСкиллс» хамсааһын киириитэ буолар. Мин санаа­бар, күн бүгүн оскуо­ланы бүтэрэр оҕолорго, оробуо­чай каадыры бэлэмнээһиҥҥэ улахан болҕомтону уураллар. Ол иһин технология биридимиэ­тигэр иллэрээ сылтан хас да модуллаах үөрэхтээһин, быйыл балаҕан ыйын 1 күнүттэн булгуччулаах 5 модуль киирдэ. Манна технология учууталлара соччо бэлэмэ суохпут. Биһиги уруккулуу иистэнэ, ас буһара, маһынан, тимиринэн уһана олорбуппут. Ол иһин, бастакытынан, педагогтарга кыралаан үөрэхтэри ыыталлар. Иккиһинэн, оскуолаларбыт бэлэмэ суохтар. Оскуолалары барыларын сыаналаах тэрилинэн хааччыйар кыаллыбат. Оскуола салайааччылара бэ­­йэлэрин кыахтарынан буларга-таларга дьулуһаллар.

“Үүнүү туочукаларынан” көм­пүүтэрдэр кэлбиттэрэ эрээ­ри, биир кылааска 20 оҕо үөрэнэр. Икки көмпүүтэргэ, биир 3D принтерга сүүрбэ оҕону туохха үөрэтиэҥий. Аны 9-с кылаастар пилота суох көтөр аппарааттары, “өйдөөх дьиэлэри” үөрэтиэхтээхтэр. Биһиги оскуола технопааркалаахпыт, 3D принтердаахпыт, сканердаахпыт, лазернай ыстаныактаахпыт. Оскуолам салалтата хааччыйан, мин син бэлэмнээхпин. Оттон хоту, уһук дэриэбинэлэр кэтэспэккэ олорор оскуолалар үөрэтэллэригэр уустуктардаах. Кыһалҕаттан уруккулуу үөрэтэллэригэр кү­­һэллэллэр. Технопааркаларга, кванториумнарга, АйТи кииннэргэ илдьэн оҕолору үөрэтиҥ дииллэр эрээри, ити куорат сиргэ эрэ табыллыан сөп. Оттон тыа сирин нэһилиэктэрэ баралларыгар-кэлэллэригэр күчүмэҕэйдэрдээх.

Саҥа киирэр үлэ уруогун чааһа оннунан хаалар. Бырагыраамата олус киэҥ, аныгылыы. Аҕыйах чаас иһигэр улахан бырагырааманы ааһыахтаахтар. Базовай өйдөбүлү, билиини иҥэриэх­пит. Пилота суох көтөр аппарааттары оҕо барыта сатыахтаах диэн ирдэбил турар. Ол аата хас биирдии оҕо дронунан хааччыллыбыт буолуох­таах. Биһиэхэ, оскуолаҕа үс-түөрт эрэ устуука баар. Оттон оскуолаҕа биэс уон оҕо үөрэнэр.

Оҕо уһанарын сөбүлүүр

– Технология уруогун оҕолор төһө сөбүлүүллэр?

– Оҕолор уһаналларын, иистэнэллэрин, ас буһаралларын, 3D моделирование оҥороллорун сөбүлүүллэр. Оҕолор бэйэлэрин төбөлөрүнэн тугу толкуйдаабыттарын суот­таан, илиилэринэн оҥорон таһаараллар. Биһиги атын биридимиэттэри, холобур, устуоруйа, физика, математика уруоктарын кытта дьүөрэлээн үөрэтэбит. Устуоруйа уруогун кытта дьүөрэлииргэ Петр I эбэтэр А.С.Пушкин мэтириэтин трехмернэй моделын бырайыактаан, бэчээттээн таһаараллар. Икки-биэс ый ылыстахтарына эрэ бэлэм бырайыак оҥоһуллан тахсыан сөп.

– Оччотугар урукку курдук ытык, олоппос оҥоруута хаалла дуо?

– Маһынан уһаныыга син баар, илиинэн үлэни ким да сарбыйа илик. Биһиги ытыктары 3D принтергэ бэчээттээн таһаарабыт. Бастакытынан, матырыйаалы кытта билсэллэр. Бу матырыйаал киһиэхэ буортулааҕын-суоҕун, аска табыгас­тааҕын-суоҕун  үөрэтэллэр.

Бэҕэһээҥҥи уонна бүгүҥҥү оҕолор

– Аныгы оҕолор сүрэҕэ суохтар эҥин диэн кэпсэтиилэр тахсаллар. Урукку оҕолору кытта тэҥнээн көрдөххө, туох уратылаахтарый?

– Урукку оҕолор аныгы курдук технологияҕа үөрэммэтэх дьон. Бүгүҥҥү көмпүүтэр оҕолоро түмүгү тута көрүөхтэрин баҕараллар. Тугу эрэ суоттаары, ааҕаары гыннылар да төлөпүөн үрдүгэр түһэллэр. Кинигэни аахпаттар, кинилэр оннуларыгар ааҕан биэрэр киһи баар, ону холбоон истэллэр эрэ. Билигин оҕолор биир моделы оҥороллоругар үс-биэс ый олороллор. Бу эмиэ үлэ. Ол эрээри, тулуур­даах оҕо аҕыйах. Үгүстэр тулу­йан-тэһийэн үлэлээбэттэр, көмпүүтэргэ оҥордулар да түмүгүн тута көрүөхтэрин баҕараллар. Биир оҕо икки-үс сыл ситиспитин, кэлээт даҕаны оҥорон кэбиһэр туһунан толкуйдууллар. Биһиэхэ куруһуокка араас оскуола, улуус оҕолоро дьарыктаналлар. Холобур, уопсай биридимиэттэригэр мөлтөх эрээри, айылҕаттан талаан­наах оҕолор эмиэ бааллар. Олус түргэнник ылыналлар, атыттар биир-икки сыл үөрэппиттэрин нэдиэлэнэн ситиһэн, оҥорон таһаараллар.

– Билиҥҥи оҕолору үлэҕэ хайдах сыһыарыахха сөп дии саныыгын?

– Оҕо бэйэтин баҕатын эрэ учуоттуохха сөп. Аныгы кэмҥэ төрөппүт оруола, сабыдыала олус күүстээх. Оҕону мөҕүө, кырыы хараххынан көрүө, ирдиэ суохтааххын диир төрөппүттэр эмиэ бааллар. Оҕо аата оҕо, кини мэниктиэн, буруйу оҥоруон сөп. Оччотугар син биир хайдах эрэ сэмэлэниэхтээх. Манна төрөппүт үлэлэһэрэ, быһаарара ирдэнэр. Учуутал биир-икки чаас көрсөрүгэр оҕону олоччу уларытар кыаҕа суох. Холобур, миэхэ уруогу таһынан дьарыктанар оҕолор төрөппүттэрин кытта биир киһи курдук үлэлиибит. Онто  суох туох да кыаллыбат, ситиһиллибэт. Ол эбэтэр оҕо хайдах киһи буолан тахсара, үлэҕэ сыстан улаатара төрөппүттэн тутулуктаах.

– Оҕолор оҥоһуктарын атыылыыллар дуу?

– Кыралаан атыылыыбыт. Бэйэбит туттар тэрилбит чааһын ылабыт уонна тиэхиньикэ алдьанара-кээһэнэрэ ханна барыай, онно саппаас чааһын атыылаһабыт, барытын туһаҕа таһаарабыт. Хомойуох иһин, биһиэхэ, Хабаровскай, Владивосток да диэки көмпүүтэртэн, төлөпүөнтэн ураты ыстаныактары өрөмүөннүүр өҥө суох. Биһиги ыстаныактарбытын тигинэччи үлэлэтэбит. Алдьаннаҕына бэйэм оҥоробун, табыллыбатаҕына соҕуруу ыарахан сыанаҕа өрөмүөҥҥэ ыытабыт. Ол иһин алдьанарыттан толлон, кэлбит тэриллэри тыыппакка туруорар оскуолалар эмиэ бааллар.

Инженердэр, тутааччылар…

– Петр Михайлович, үөрэппит оҕолоргуттан үлэ уруогун учуутала идэтин баһылаабыттар баал­лар дуо?

– Технология учууталынан үлэлиир оҕо суох. Үгүстэрэ инженердэр, тутааччылар. Быһа холуйан Москваҕа түөрт, Санкт Петербурга үс, Новосибирскайга икки, Владивостокка үс оҕом үөрэхтэрин бүтэрэн баран үлэлии сылдьаллар. Саха сиригэр кэлэн бэйэлэрин кылааттарын киллэрсээччилэр эмиэ бааллар. Кинилэр тиэхиньии­чэскэй ха­­йысханы талалларыгар черчениеҕа, аддитивнай техноло­гияларга үөрэппитим күүс-көмө буоллаҕа. Ити мин куруһуоктарбар дьарыктаммыт оҕолор. Оттон үөрэппит оҕолорбуттан үгүстэрэ үрдүк үөрэхтээхтэр.

Быйылгы үөрэх дьылыттан киирбит үлэ уруога биир курдук туһалаах, киэҥ көрүүлээх, иккис курдук модула киэҥинэн тыа оскуолаларыгар уустуктардаах буолар чинчилээх.

+1
6
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
23 ноября
  • -24°C
  • Ощущается: -30°Влажность: 77% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: