Сатабыллаах ыалга оҕуруот аһа дэлэччи үүнэр (ВИДЕО)
Покровскай куорат ыаллара Елена, Анатолий Федоровтар учаастак сирэ ылан, дьиэ туттубуттара, тэпилииссэ туруоран, оҕуруот аһын олордуутунан дьарыктаммыттара хас да сыл буолла.
Аттыларыгар араас көтөр, кус сөбүлээн үөскүүр күөллээхтэр. Олор хойуулара бэйэтэ айылҕа биэрэр уоҕурдуута диэн оҕуруокка бу күөл уутун куталлар. Дьиэлээх хаһаайын Анатолий носуос холбоон, шланганан ууну оботторон таһааран, хас да ханаалынан ууну ыытар систиэмэни бэйэтэ толкуйдаан оҥорбут. Биир кырааны саптаҕына, иккис кыраанынан уу кэлэр. Аны оҕуруокка ууну ыһар-кутар тэрили эмиэ бэйэтэ оҥорбут. Маны таһынан Федоровтар даачаларыгар сайыҥҥы уу ситиминэн уу эмиэ кэлэр.
-Бу кэлэр ууну кэргэним эмиэ бэйэтэ турбалары тардан, душка, дьиэҕэ киллэрбитэ. Онон биэдэрэнэн уу таспаппыт, буочукаҕа уу хаһааммаппыт, — диэн астына кэпсиир дьиэлээх хаһаайка.
Сатабыллаах ыалга оҕуруоттарын аһа дэлэччи үүнэр. Быйылгы сайын кураанын, сөрүүнүн аахсыбакка, оҕурсу бэркэ ас биэрэ турар. Хаппыыста, хортуоска да ырааппыттар. Күөх сайын бэрсэр быйаҥын аны кыһын оҕолор, сиэннэр астына сиэхтэрэ турдаҕа.
Видео Федоровтар тиксэриилэрэ
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: