Салгыы
Сатаҕай оҕолоро сылгыга сыстаҕастар

Сатаҕай оҕолоро сылгыга сыстаҕастар

26.09.2022, 11:39
Бөлөххө киир:

Е.А.Шишигин аатынан Амма улууһун Сатаҕай орто оскуолатын «Дьөһөгөй” кулууба үөрэх дьылын олус сэргэхтик саҕалаабыт. Ол курдук “Амма кэскилэ” диэн оҕо уопсастыбаннай холбоһугун иһинэн үлэлиир “Дьөһөгөй” диэн сылгыны иитээччилэр кулууптара бу сыл олунньутугар тэриллибит. Кулуубу Сатаҕай нэһилиэгин орто оскуолатыгар муусука учууталынан уонна эбии үөрэхтээһин педагогунан үлэлиир Анжела Дмитриевна Филиппова салайар.

Кини бу Дьөһөгөй кулуубу үлэлэтэрин таһынан Сатаҕай орто оскуолатыгар «Хомусчаан” куруһуогу, “Дьүрүскэн” этно-фольклорнай ансаамбылы, «Дьулусхан» үҥкүү кэлэктиибин сала­йааччытынан үлэлиир. Мин бастаан бу «Дьөһөгөй» кулуубу муусука учуутала салайарын истэн наһаа соһуйбутум. Ону сэргэ, бачча элбэх куруһуогу, ансаамбылы барытын тэрийэн, салайан үлэлэтэрин ордук сөхпүтүм.

ТӨРӨӨБҮТ ДОЙДУМ КҮҮС, СЭНИЭ БИЭРЭР

Анжела Дмитриевна, оскуо­лаҕа учууталлыырыҥ таһынан эбии үөрэхтээһиҥҥэ элбэх хайысханы салайаргын сөхтүм. Ону сэргэ, «Дьөһөгөй” кулууп диэн өйдөбүлү хайдах эрэ эр дьоҥҥо сыһыаннаах курдук көрөбүн.
– Мин оҕо сааспыттан сылгыга сыстаҕас улааппытым. Аҕам Дмитрий Афанасьевич Филиппов сылгыһыт буолан кыра сааспыттан сылгыны миҥэ оҥостон, ити эйгэтигэр улааппыт киһибин. Ону сэргэ, төрөөбүт дойдубар үлэлиирбиттэн наһаа астынабын. Миэхэ төрөөбүт дойдум салгына, айылҕата күүс, сэниэ биэрэр. Ону сэргэ оҕолору кытта үлэлиирбин наһаа сөбүлүүбүн. Бэйэм даҕаны төрүт үгэһи, үҥкүүнү, саха сылгытын, ырыаны-тойугу оҕо эрдэхпиттэн астынабын. Бу санаатахха, «Дьүрүскэн” этно-фольклорнай бөлөхпүт бастакы компози­цията Дьөһөгөйгө сүгүрүйүү диэн эбит. Дьөһөгөй оҕотун уруккуттан да санаабар, сүрэхпэр илдьэ сылдьыбыт эбиппин. Ол да иһин буолуо, уол оҕону үлэнэн иитэр социальнай хайысха­лаах бырайыакпытын тыа хаһаайыстыбатыгар туһаайбыппыт. Быйыл дойду бэрэ­сидьиэнэ Владимир Путин граныгар кыттан ыччаты идэҕэ туһаа­йар Амма улууһун үс нэһилиэгин Амманы, Сатаҕайы, Бөтүҥү хабан, уолаттары сылгы иитиитигэр уһуйар, тыа хаһаа­йыстыбатын салааларын кытта билиһиннэрэр, биллэр сылгыһыттары кытта көрүһүннэрэр, сылгы иитэр бааһынай хаһаайыстыбаларга сырытыннарар соруктаах тэрийбиппит. Онно Амма улууһуттан 50 уол оҕо сылдьар. Ол иһигэр Сатаҕайтан 16 уол. Номнуо түөрт уол оскуоланы бүтэрбитэ. Быйылгы үөрэх дьылыгар эбии түөрт уолу бэһис кылаастартан сүүмэр­дээн ылыахпыт. Бырайыак сыала-соруга – уол оҕону тыа хаһаайыстыбатыгар, булт-алт эйгэтигэр, айылҕаҕа сыһыарыы буолар. Идэҕэ туһаайыы хайысхатынан оҕолорбутун илдьэ Дьокуускайдааҕы тыа хаһаайыстыбатын научнай институтун исписэлиистэрин кытта үлэлэс­пиппит. Оҕолорбут маастар-кылаастарга, сэминээрдэргэ сылдьыбыттара. Маны сэргэ, «Дьоруой Луукун олоҕун суолунан» диэн Социалистическай Үлэ Дьоруойа, сылгыһыт киһи олорон, үлэлээн ааспыт сирдэринэн диэн экспедиция бырайыагын Рустам Филиппов диэн 11-с кылаас оҕото көмүскээн, 25 тыһыынчалаах граҥҥа тиксибитэ. Онон үлэбит ситиһиилэрэ итинниктэр.

ТӨРҮТ ҮГЭҺИ ОСКУОЛА ЭРЭ СААСТАН ИҤЭРЭБИТ

Сатаҕай нэһилиэгин иһинэн оҕолору хаһаайыстыбаларга сырытыннарарга дуогабардааххыт дуо? Үлэҕитин хайдах сүрүннүүгүт.
– Биһиги ханнык да бааһынай хаһаайыстыбатын, сылгы базатын кытта дуогабарбыт суох. Ол эрээри биир нэһилиэккэ олорор буоламмыт биһиги бырайыакпытын өйөөн, оҕолорбутун Тимофей Спиридонович Лукин ТХПК-тыгар уонна Семен Степанович Анисимов “Сэппэрээк” бааһынай ха­­һаайыстыбатыгар, “Көрдүгэн” сылгы баазатыгар сыһыаран сырытыннарабыт. Ол курдук бу ааспыт саас улахан уолаттарбыт онно сылдьан икки соноҕоһу айааһаабыттара. Ол эрээри тыа сирин үлэтигэр, сылгыга, сүөһүгэ уолаттары сыһыарыы утумнаах үлэни эрэйэр. Оҕолорбут оскуола таһынан бу кулуупка сылдьалларын наһаа астыналлар. Булт-алт, айылҕаҕа сылдьыы, хаһаайыстыбаҕа үлэ – бу барыта тыа сирин оҕотун олоҕун оҥкула буоллаҕа. Төрүт өбүгэбит оҕону үлэнэн иитэр үгэстэрин салгыыбыт. Сылгыһыттар күннэригэр, кулун тутар 21 күнүгэр үс улахан уол Ньурбаҕа быыстапкаҕа баран кэлбиттэрэ. Үлэбит сүнньүнэн саха сылгытын үөрэтэбит. Сылгы аһылыгар, сылдьар сирин эҥин билсэбит. Ол курдук сылгы сылдьар сиринэн Амма улууһугар электроннай каарта оҥоһулунна. Туох баар айаммытын, үлэбитин барытын хаартыскалаан үйэтитэбит. Биир сыллаах үлэ түмүгүнэн үс нэһилиэк документальнай киинэ оҥорон таһаарыахтаахпыт. Оҕолор тыа үлэтин-хамнаһын таһыттан эрэ буолбакка, иһиттэн билэ-көрө улааталларыгар сылгы базаларынан, бааһынай хаһаа­йыстыбаларга сылдьыыбыт улахан оруоллаах. Оҕолорбут устудьуоннуу бардахтарына даҕаны, кэлин үлэһит буоллахтарына, тус хаһаайыстыба тутар, сылгы иитэр дьон буолуохтара диэн эрэнэбин. Сатаҕайга бааһынай хаһаа­йыстыба элбэх. “Сэппэрээк” бааһынай хаһаайыстыбаҕа баран ынах аһатарга көмөлөһөн, “Көрдүгэн” сылгы баазатыгар сылдьан кэлбиппит. Мин санаабар, төрүт үгэскэ оҕону оскуола саастан сыһыарар ордук. Түгэнинэн туһанан, тус бэйэм ааппыттан куруук өйүүр-өйдүүр Аҕа баһылыкпытыгар С.Д. Да­-выдовка, оскуолабыт дириэктэригэр И.И. Шишигинаҕа, ТХПК салайааччытыгар В.В. Скрябиҥҥа уонна төрөппүттэргэ махталбын тиэрдэбин.

Саша Пахомов, Сатаҕай орто ос­­куолатын 10-c кылаас үөрэнээччитэ:
— Биһиги быйылгы үөрэх дьылыгар үрэх баһыгар биир күн тахсан айылҕалыын алтыспыппыт умнуллубат түгэн буолар. Бэйэбитин хайдах эрэ улахан булчуттар курдук санаммыппыт. Ыкса киэһэ Бэкинэ диэн күөллээх алаас үүтээнигэр кэлэн хоммуппут. Дьиҥнээх булчут үүтээнэ истиин-тастыын барыта уурбут-туппут курдук. Биһиги киэһэ кэлбит буоламмыт оһохпутун оттон, чэй өрүнэн, сирбитин-­уоппутун аһатан баран утуйбуппут. Сарсыарда эрдэ туран илим үтэн, чэйдээн, илиммитин көрөн баран салгыы Араҥас диэн алааска айаннаабыппыт. Бу Араҥас алааска үлэ дьоруойа Тимофей Спиридонович Лукин үлэлээн, олорон ааспыт сирэ буолар. Бу алааска Тимофей Спиридоновичка Үлэ Дьоруойун туттараары анаан Москваттан кэлэр дьоҥҥо тыаны солоон суол оҥорбуттара үһү. Ити кэннэ салгыы Успурдуон Булгунньаҕа диэн сылгы баазатыгар айаннаабыппыт. Манна саас, күһүн сылгы аһаталлар уонна сайынын оттууллар. Сылгы баазатыгар тиийэн Бэкинэ алаас бөдөҥ соболорун хатырыктаан, мииннээн олохтоох отчуттары күндүлээбиппит. Ити кэннэ Дьабака диэн Тимофей Спиридонович Лукин төрөөбүт алаа­һын кини сиэнэ Степан Лукин (эһээтин утумнаан тыа хаһаайыстыбатын үлэһитэ) сирдээн, көрдөрөн эһээтин туһунан кэпсээбитэ, алааһы көрдөрбүтэ. Бу күһүҥҥү кэмҥэ саха уол оҕотугар олус туһалаах айаҥҥа сылдьыбыппыт хаһан да умнуллуо суоҕа. Маннык айаннар сири-уоту билэргэ, төрүт үгэһи өйдүү сылдьарга олус туһалаахтар

Владик Анисимов, Сатаҕай орто оскуолатын 7-с кылааһын үөрэнээччитэ «Дьөһөгөй» кулууп иитиллээччитэ:
— Биһиги «Дьөһөгөй» кулууппут бу сыл олунньутуттан үлэлиир. Манна биһигини тыа хаһаайыстыбатын үлэтигэр-хамнаһыгар, ол курдук сылгыны иитиигэ уонна дойдуга бэри­ниилээх буоларга үөрэтэллэр. Балаҕан ыйын 12 күнүгэр Арассыыйа былааҕын күөрэччи көтөҕөн таһаарар чиэс кулууппут лидерыгар 11-c кы­­лаас үөрэнээччитэ Рустам Филипповка бэриллибитэ. Былаах таһаарыы уонна Арассыыйа гиимнин ыллааһын биһиэхэ нэдиэлэ саҕаланыыта уонна бүтүүтэ буолар. Былааҕы успуорка, үөрэххэ ситиһиилээх бастыҥ үөрэнээччилэр эрэ көтөҕөллөр. Рустам көҕүлээһининэн биһиги Хоту үрэх диэн сылгы баазатыгар ахсыа буолан тахсан субуотунньукка сылдьыбыппыт. Манна үүтээн тулатын, иһин-таһын хомуйбуппут.

Анастасия Лукина, кулуупка икки сиэнэ сылдьаллар:
— Амма улууһугар “Дьөһөгөй” кулууп тэриллэр үһү диэн сурах тарҕаммыта. Мин бочуоттаах сынньалаҥҥа олорор киһи итини истэн эрэ кэбиспитим. Дьэ, арай биирдэ сиэн уолаттарым Ленялаах Любомир «Биһиги “Дьөһөгөй” кулуупка киирбиппит» диэн кэпсээннээх буоллулар. Уон алта уол “Дьөһөгөй” диэн анал футболкалаах түспүт хаартыскаларын бассааптаабыттар. Оҕолор салайааччылара Анжела Дмитриевна сылгыга оҕо сааһыттан сыстаҕас, балыксыт, дьиҥнээх айылҕа оҕото. Оҕолорбутун тыа сирин үлэтигэр-хамнаһыгар сыһыаран түмэн илдьэ сылдьарыттан наһаа үөрэбит. Маннык түмсүүлэр хас улуус ахсын баар буоллахтарына эрэ тыа хаһаайыстыбатыгар ыччат сыстыа буоллаҕа. Онон түгэнинэн туһанан оскуолабыт салалтатыгар уонна Анжела Дмитриевнаҕа махталбын тиэрдэбин.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
31 октября
  • -20°C
  • Ощущается: -26°Влажность: 84% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: