“Сатал” олохтоохторун кыһалҕаларын дьүүллэстилэр
Саха сирин парламеныгар “Сатал” кэмиэрчэскэйэ суох табаарыстыба 9,10,11 уонна “Ыччат” түөлбэлэригэр баар сир учаастактарыгар бас билии быраабын оҥорууну дьүүллэһэр оробуочай мунньах буолла.
Дьүүллэһиигэ СӨ Баайга-дуолга уонна сиргэ сыһыаннаһыыга министиэристибэ сир бэлиитикэтигэр департаменын салайааччы Айаал Ильин, сиргэ сыһыан ааҕыныстыбатын салайааччы Сергей Тимошенко, “Сатал” олохтооҕо Евдокия Лукачевская уо.д.а. кытыннылар.
Мунньах кыттыылаахтара юридическай харсыһыылартан сылтаан, олохтоохтор сир учаастактарын бас билэр бырааптарыттан быһыллыахтарын сөбүттэн долгуйууларын биллэрдилэр. Учаастагы бас билэр 1300 кэриҥэ киһиэхэ биир ый иһигэр учаастактарга баар тутууларын көтүрэллэригэр этиллибитэ. Мунньахха ыҥырыллыбыт исписэлиистэр бу боппуруоһу быһаарарга араас этиини киллэрдилэр.
Мунньах түмүгүнэн тустаах уорганнарга сорудахтар бэрилиннилэр. Сорудахтар соруктарынан дьиэни бас билээччилэр бырааптарын көмүскээһин буолар.
Ил Түмэн пресс-сулууспата
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: