«Саталга» уһаайба сирин атыылаһарга ыксаамаҥ!
Дьокуускай куорат дьаһалтата ИДьМ силиэстийэлээбит холуобунай дьыалатын иһитиннэрэр. Ол курдук «Сатал» түөлбэтигэр уһаайба сирдэрин атыылааһыҥҥа түөкүннээһин тахсыбыт. Бу 9, 10, 11 уонна «Молодежнай» кыбаарталларга сыһыаннаах. «Саталга» барыта 12 кыбаартал баар.
Силиэстийэ сабаҕалааһынынан, «Сатал» бэрэссэдээтэлэ Нам трагын 13-c, 14-c км-гэр баар уһаайба сирдэрин тыа хаһаайыстыбатынан дьарыктаныыга анаан биэрэр туһунан сымыйа дуогабардары оҥортообут уонна бу уһаайбаларга дьон дьиэ туттан барбыттар.
Маны таһынан, кини уһаайба ылааччыларга кэлин бэйэ аатыгар сири оҥотторууга кыһалҕаны көрсүөххүт суоҕа диэн эрэннэрбит. Уопсайа 900 уһаайба киирбит.
Дьокуускай куорат уокуругун быраабылатынан, бу ыйыллыбыт сирдэр тыа хаһаайыстыбатыгар туһуламмыт сирдэр буолаллар. Онон бааһына, мэччирэҥ, ходуһа быһыытынан туттуллуохтаахтар.
РФ Куораты тутуу кодексатынан маннык сирдэргэ дьиэ тутуллара көҥүллэммэт. Сокуону кэһэн дьиэлэр тутуллубуттар. Силиэстийэлиир уорганнар бу ыйыллыбыт уһаайба сирдэрин былдьыыр туһунан суукка хадатаайыстыба ыыппыттар.
Онон Дьокуускай куорат дьаһалтата бу дьыала буола турар кэмигэр ыйыллыбыт кыбаарталлартан уһаайба сирин атыылаһартан тутттунуҥ диэн иһитиннэрэр. Куорат дьаһалтата бу боппуруоһу хонтуруолга тутар диэн Дьокуускай дьаһалтатын пресс-сулууспата иһитиннэрэр.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: