«Саталга» уһаайба сирин атыылаһарга ыксаамаҥ!

Share

Дьокуускай куорат дьаһалтата ИДьМ силиэстийэлээбит холуобунай дьыалатын иһитиннэрэр. Ол курдук «Сатал» түөлбэтигэр уһаайба сирдэрин атыылааһыҥҥа түөкүннээһин тахсыбыт. Бу 9, 10, 11 уонна «Молодежнай» кыбаарталларга сыһыаннаах. «Саталга» барыта 12  кыбаартал баар.

Силиэстийэ сабаҕалааһынынан, «Сатал» бэрэссэдээтэлэ  Нам трагын 13-c, 14-c км-гэр баар уһаайба сирдэрин тыа хаһаайыстыбатынан дьарыктаныыга анаан биэрэр туһунан сымыйа дуогабардары оҥортообут уонна бу уһаайбаларга дьон дьиэ туттан барбыттар.

Маны таһынан, кини уһаайба ылааччыларга кэлин бэйэ аатыгар сири оҥотторууга кыһалҕаны көрсүөххүт суоҕа диэн эрэннэрбит. Уопсайа 900 уһаайба киирбит.

Дьокуускай куорат уокуругун быраабылатынан, бу ыйыллыбыт сирдэр тыа хаһаайыстыбатыгар туһуламмыт сирдэр буолаллар. Онон бааһына, мэччирэҥ, ходуһа быһыытынан туттуллуохтаахтар.

РФ Куораты тутуу кодексатынан маннык сирдэргэ дьиэ тутуллара көҥүллэммэт. Сокуону кэһэн дьиэлэр тутуллубуттар. Силиэстийэлиир уорганнар бу ыйыллыбыт уһаайба сирдэрин былдьыыр туһунан суукка хадатаайыстыба ыыппыттар.

Онон Дьокуускай куорат дьаһалтата бу дьыала буола турар кэмигэр ыйыллыбыт кыбаарталлартан уһаайба сирин атыылаһартан тутттунуҥ диэн иһитиннэрэр. Куорат дьаһалтата бу боппуруоһу хонтуруолга тутар диэн Дьокуускай дьаһалтатын пресс-сулууспата иһитиннэрэр.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
4
+1
0
+1
0
+1
5
+1
2
+1
2

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Сүрүн

Айсен Николаев 2030 сылга диэри Мииринэй оройуонун сайдыытын туһунан мунньаҕы ыытта

Бүгүн, сэтинньи 15 күнүгэр, Ил Дархан Айсен Николаев Мииринэй оройуонугар үлэлиир. Манна кини оройуон 2030…

32 минуты ago
  • Бэрээдэк
  • Сонуннар

Уус Маайа олохтооҕо кыһыл көмүһүнэн эргинэн сууттанна

Уус Маайа оройуонун 30 саастаах олохтооҕо сиртэн хостонор баайы сокуоннайа суохтук эргинэн сууттанна. ИДьМ Медиа…

54 минуты ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

“Саллааттар ийэлэрин сүрэҕэ” Саха сиригэр тэбэр

Анал байыаннай дьайыы саҕаланыаҕыттан, байыаннай сулууспалаахтар ийэлэрэ социальнай ситимҥэ бөлөх тэрийэн, түмсүбүттэрэ. Манна бары улуустартан…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Чэгиэн

Аллайыаха улууһун Киин балыыһата аныгы тэриллэринэн хааччыллар

«Аллайыаха улууһун Оройуоннааҕы киин балыыһата доруобуйа харыстабылын бастакы сүһүөх звенотун модернизациялааһын бырагырааматын чэрчитинэн саҥа тиэхиньикэлэринэн…

2 часа ago
  • Сонуннар

Арассыыйа бүддьүөтүн сокуонун барыла иккис ааҕыытын ааста

Судаарыстыбаннай Дуума сэтинньи 14 күнүнээҕи мунньаҕар дьокутааттар дойдубут кэлэр сыллааҕы үбүн сүрүн сокуонун барылын иккис…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Айсен Николаев национальнай бырайыактар олоххо киириилэрин бэрэбиэркэлээтэ

Ил Дархан Айсен Николаев сэтинньи 14  күнүгэр РФ Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин көҕүлээбит национальнай бырайыактарын олоххо…

3 часа ago