Сатыы сылдьарыттан сүрэҕэлдьээн бэлисипиэт уорбут

Share

Киин куоракка бэлисипиэти уоруу элбээтэ. Бу күннэргэ кэтэх дьиэ уһаайбатыттан  16 000 солк. суумалаах бэлисипиэти уоруу бэлиэтэннэ. Бу туһунан ИДьМ пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.

Суһал-көрдүүр дьаһалларынан холуобунай ирдэбил үлэһиттэрэ уорбаланааччыны туттулар. Кини урут сууттана сылдьыбыт 41 саастаах эр киһи  буолара быһаарылынна.

Силиэстийэ быһаарыытынан, уорбаланааччы уулуссанан ааһан иһэн кэтэх дьиэ уһаайбатын иһигэр бэлисипиэт турарын көрбүт. Кини этэринэн, маҕаһыыҥҥа диэри сатыы барарыттан сүрэҕэлдьээн, бэлисипиэти уорарга быһаарыммыт. Ким да көрбөтүнэ уһаайбаҕа киирбит уонна бэлисипиэти күрэппит.

Российскай Федерация Холуобунай Кодексын 2 ч. 158 ыст. холуобунай дьыала тэрилиннэ, уорбаланааччы 5 сылга диэри көҥүлэ быһыллыан сөп.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1

Recent Posts

  • Быһылаан

Түөрт киһи тыыныгар турбут 60 саастаах киһи сууттанна

Мииринэй куорат 60 саастаах олохтооҕо түөрт киһини өлөрөн сууттанна. Бу туһунан СӨ Борокуратуурата иһитиннэрэр. 2023…

9 часов ago
  • Сонуннар

Ньидьили нэһилиэгэр “Эн, комсомол, мин дьолум” тэрээһин көхтөөхтүк ыытылынна

Хомсомуол үгүс көлүөнэ ыччакка эдэр саастарын аргыһа буолан, сыллар аастахтарын аайы күндүтүйэн иһэр өйдөбүл.  …

10 часов ago
  • Уопсастыба
  • Ыйыт - хоруйдуубут

ЫЙЫТ-ХОРУЙДУУБУТ: Төлүүллэр дуо?

— Оҕом Казахстаҥҥа төлөбүрдээх үөрэххэ киирбитэ. Онно нолуок вычетын хайдах төннөрүөххэ сөбүй? Төрөппүт ыйытыытыгар Арассыыйа ФНС…

10 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Тыл чөлүн тутааччы – сахалыы саҥабыт

Сэтинньи 6 күнүгэр үлэ бэтэрээнэ, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, Тыл билимин хандьыдаата, Арассыыйа Бэдэрээссийэтин Билимин…

11 часов ago
  • Сонуннар
  • Үөрэх

“Этнография улахан дьыктааныгар” ыҥыраллар

Норуоттар сомоҕолоһууларын күнүн көрсө, сэтинньи 2 күнүгэр “Арассыыйа – мин устуоруйам” түмэлгэ “Этнография улахан дьыктааныгар”…

12 часов ago
  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата

“Тарат” кэпэрэтиип тиҥэһэлэри атыыласта

Быйылгы кыстыкка Мэҥэ Хаҥалас улууһун “Тарат” кэпэрэтиибэ 64 тиҥэһэни атын хаһаайыстыбалартан атыыласта. Ол курдук, Бүлүүттэн…

12 часов ago