«Саюри» сайдар, кэҥиир

Share

Дьокуускайга сылы эргиччи оҕуруот аһын, күөх үүнээйини үүннэриинэн дьарыктанар «Саюри» тэпилииссэ комплексыгар газовай электрстанция (ГПУ) үлэҕэ киирдэ.

Тэпилииссэ комплекса туруктаахтык үлэлиирин 2 МВт кыамталаах энергетикэ саҥа эбийиэгэ  хааччыйыа диэн бэлиэтииллэр.

СӨ Бырабыыталыстыба Бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Сергей Местников: «СӨ Ил Дархана Айсен Сергеевич Николаев көҕүлээһининэн эспэримиэн быһыытынан үлэтин саҕалаабыт бырайыак эрэгийиэни бүттүүнүн кэриэтэ уонна киин куораты оҕуруот аһынан хааччыйар кыахтанна, Дьокуускай быстыспат сорҕотунан буолла. Федеральнай киин өйөбүлүнэн, тэпилииссэ комплекса тиһиктээхтик сайдар, онон Саха сирин олохтоохторо сылы эргиччи сибиэһэй оҕуруот аһын амсайаллар. Бу сыллата өссө сайдан, тупсан иһэригэр эрэнэбин. Тэрилтэ үлэҕэ киллэрэр саҥа хайысхалара улахан кэскиллээхтэр. Онон оҕуруот аһын арааһа өссө элбиэ уонна өрөспүүбүлүкэ олохтоохторо сибиэһэй хаачыстыбалаах оҕуруот аһынан хааччыллыахтара».

«Звезда Арктики» ХЭУо бырайыак салайааччыта — «Саюри» ХЭУо управляющайа В.Гарипов этэринэн, агрокомплекс аныгы үйэҕэ тололру эппиэттиир тэрилинэн хааччыллыбыт.  3,3 гект. иэннээх тэпилииссэҕэ 2 400 тн оҕурсу, помидор, күөх үүнээйи үүннэриллэр. Манна 113  үлэ миэстэтэ тэриллибит.
Сиһилии https://www.sakha.gov.ru/news/front/view/id/3473790 ааҕыҥ.

СӨ Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата

Саргын Скрябин хаартыскаҕа түһэриитэ, СИА

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Атамайга уһуйаан үбүлүөйүн үөрүүлээх тэрээһинэ

Горнай улууһугар Атамайга "Радуга" уһуйаан тэриллибитэ 65 сылын бэлиэтиир тэрээһин өрө көтөҕүллүүлээхтик буолла. Бу күн…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Сүбэһит
  • Уопсастыба

Кырачаан ханнык өҥү ордороруй?

Оҕо уруһуйугар болҕомтоҕутун ууруҥ диэн психологтар сүбэлииллэр.  Баһыйар өҥүнэн оҕо уйулҕатын туругун быһаарыахха сөп диэн…

2 часа ago
  • Интэриэһинэй
  • Итэҕэл
  • Сонуннар

Харчыга сыһыаннаах бит-билгэ

Былыр-былыргыттан дьон харчыга сыһыаннаах бити-билгэни итэҕэйэр, туһанар. Ол ханныктарый? Остуолга кураанах иһиттэр, вазалар, бытыылкалар туруо…

3 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүбэһит

СҮБЭҺИТ: Сылгы эмиһин хайдах быһаарабытый?

Сахаҕа сылгы сүдү суолталаах, ону кытта сылгы идэһэ биир мааны аһылыгынан биллэр. 1980–1990‑с сылларга тэҥнээтэххэ,…

3 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Усуйаана улууһугар икки киһи сүппүт

Бүгүн, сэтинньи 23 күнүгэр, Усуйаанатааҕы ЕДДС Уйаандьы сэлиэнньэтин баһылыгын солбуйааччытыттан  иһитиннэрии киирбит. Кини 1999 уонна…

3 часа ago
  • Сонуннар
  • Спорт

Доҕордуу көрсүһүүгэ икки хамаанда күөн көрүстэ

Уус Алдан улууһугар Тиит Арыыга 16 сылын доҕордуу көрсүһүү үрдүк тэрээһиннээхтик ыытылынна. Манна Тиит Арыыттан…

3 часа ago