Салгыы
Сбербаан чэпчэтиилээх бырагыраамаларын хаттаан үлэлэтиэҕэ

Сбербаан чэпчэтиилээх бырагыраамаларын хаттаан үлэлэтиэҕэ

13.11.2024, 11:15
Хаартыска: Мария Васильева, СИА.
Бөлөххө киир:

Сбербаан сэтинньи 15 күнүттэн “Дьиэ кэргэн ипотеката” уонна “ИТ ипотека” чэпчэтиилээх бырагыраамаларын хаттаан сөргүтүөҕэ.

Бастаан ууран биэрии — 20,1 % саҕаланар.

“Комплексное предложение” опцияҕа холбоммут эбэтэр баан бырайыагынан үбүлэнэр бииргэ үлэлэһэр тутааччыларын эбийиэктэригэр чэпчэтиилээх бырагыраамаларынан туһанааччылар бастакы ууран биэриилэрэ 20,1%-тан саҕаланыа.

Ону тэҥэ улаатыннарыллыбыт лимииттээх чэпчэтиилээх ипотеканы оҥортордоххо эбэтэр тутааччы хамыыһыйаны төлүүрүн көмөлөһүннэрдэххэ, бастакы ууран биэрии эмиэ 20,1%-тан саҕаланар. “Атын түбэлтэлэргэ чэпчэтиилээх бырагыраамаларынан бастакы ууран биэрии 50,1%-тан саҕаланыа”, — диэн чуолкайдаабыттар баан пресс-сулууспатыгар.

+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
5
+1
0
+1
2
Бары сонуннар
Салгыы
22 ноября
  • -22°C
  • Ощущается: -29°Влажность: 77% Скорость ветра: 3 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: