Сбербааҥҥа чэпчэтиилээх ипотеканы биэрии тохтотулунна

Сбербааҥҥа чэпчэтиилээх ипотеканы биэрии тохтотулунна

19.09.2024, 12:02
Андрей Сорокин хаартыската, СИА.
Бөлөххө киир:

Балаҕан ыйын 18 күнүттэн Сбербааҥҥа чэпчэтиилээх ипотеканы биэрэр бырагыраама тохтотулунна диэн баан пресс-сулууспата иһитиннэрдэ. Тоҕо?

Төрүөтэ судургу эбит — РФ бырабыыталыстыбата бу чэпчэтиилээх ипотекаҕа анаан биэрбит үбэ-харчыта бүппүт. Бэҕэһээ эрэ дьиэ кэргэн чэпчэтиилээх ипотекатын ыларга суруйтарбыт дьоҥҥо биэриэхтэрэ, ол эрээри, бүгүҥҥүттэн ыла суруйтарыы, докумуону туттарыы тохтообут.

Өскөтүн судаарыстыба эбии харчы көрдөҕүнэ, чэпчэтиилээх ипотеканы биэрии салҕаныаҕа. Быйыл от ыйыттан ыла Сбербаан 237 миллиард солкуобай суумалаах 43 300 чэпчэтиилээх кирэдьиити биэрбит.

Дьиэ кэргэн ипотеката 2018 сылтан саҕлааммыта. Быйыл сайын бырагыраамаҕа уларыйыылар киирбиттэрэ. Манна 6-гар диэри саастаах биир оҕолоох, эбэтэр, икки сокуоннай саастарын туола илик оҕолоох (биир сокуоннай сааһын туола илик инбэлиит оҕолоох) дьиэ кэргэттэр кыттыахтарын сөп. Саҥа кыбартыыра ыларга, эбэтэр, чааһынай дьиэ туттарга ипотека үбүн туһаныахха сөп. Чэпчэтилээх ипотека бырыһыана — 6%.

+1
2
+1
0
+1
0
+1
0
+1
5
+1
1
+1
2
Бары сонуннар
Салгыы
12 декабря
  • -44°C
  • Ощущается: -44°Влажность: 66% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: