СӨ бастакы вице-премьерэ Уус-Куйга уонна Нижнеянскай бөһүөлэктэр өрүстээҕи пуортарын инфраструктуратын билистэ
Усуйаана оройуонугар бастакы вице-премьер Дьулустаан Борисов тырааныспар, Арктика уонна хотугу норуоттар дьыалаларын министиэристибэлэр, уу тырааныспарын тэрилтэлэрин бэрэстэбиитэллэрин кытта Нижнеянскай уонна Уус-Куйга пуортарын инфраструктуратын көрдүлэр-иһиттилэр, диэн иһитиннэрэр СӨ Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата.
2024 сылга уу суолунан Дьааҥы умнаһын улуустарын нэһилиэнньэлээх пууннарыгар 154,4 тыһ туонна таһаҕас тиэрдиллиэхтээҕэ былааннанар. Атырдьах ыйын 22 күнүнээҕи туругунан, 121 тыһ. туонна куруустанна, 23 тыһ туонна таһаҕас тиэрдилиннэ.
Ону таһынан Уус-Куйга бөһүөлэгэр дьоҕус кыамталаах атомнай ыстаансыйаны тутууга 62 тыһ. туонна таһаҕас тиэрдиллиэхтээх. Дьааҥы өрүһүгэр былырыыҥҥы курдук уу таһыма намыһах буолан, таһаҕаһы тиэрдии уустук усулуобуйаҕа бара турар.
“ЛОРП” ПАУо Дьааҥытааҕы учаастагын начаалынньыга Владимир Дубровин иһитиннэрбитинэн, уопсайа 9,2 тыһ туонна уйуктаах 26 уу аала бэлэмнэр. Ону тэҥэ уматыгы “Янатрансфлот” ХЭУо 5 тыһ туонна уйуктаах 7 суудуната таһа сылдьаллар.
“Русатом Оверсиз” АУо Нижнеянскай уонна Уус-Куйга пуортарыгар 2 вилочнай погрузчигы атыыласта, харайар сир, портальнай тиэхиньикэ бэлэмнэр.
“Саханефтегазсбыт” АУо “Уус-Куйгатааҕы нефтебаазатын” филиалын дириэктэрэ Юрий Николаев этэринэн, “Уус-Куйгатааҕы нефтебааза” уонна “Нижнеянскайдааҕы нефтебааза” филиаллара төгүрүк суукканы быһа үлэлиир эрэсиимҥэ киирдилэр. “Саханефтегазсбыт” АУо инвестициялыыр бырагырааматын иһинэн 2024-2027 сс. Уус-Куйга бөһүөлэгэр 60 тыһ. кууб туонналаах 15 емкость саҥардан оҥоһуллара былааннанар.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: