СӨ Билим академиятыгар тыл киинэ аһыллыаҕа

Share

Аҕыйах хонуктааҕыта, алтынньы 13 күнүгэр 972 №-дээх СӨ Бырабыыталыстыбатын  дьаһала таҕыста. Дьаһалга СӨ Билимин академиятын сорох тутулун быһыытынан төрөөбүт тылы үөрэтэр, чөл хаалларар уонна сайыннарар эрэгийиэннээҕи киини аһар туһунан суруллар.

СӨ үөрэх систиэмэтин билим, мэтиэдикэ өттүнэн хааччыйар уонна судургутутар, поликультурнай уонна полилингвальнай эйгэ усулуобуйатыгар саха тылын уонна литэрэтиирэтин сайыннарар инниттэн, бастакытынан, СӨ Билимин академиятын сорох тутулун (как структурное подразделение) быһыытынан төрөөбүт тылы үөрэтэр эрэгийиэннээҕи киини аһар туһунан этиллэр. Иккиһинэн, дьаһал сыһыарыытыгар сөп түбэһиннэрэн төрөөбүт тыллары (родных языков)  сайыннарар эрэгийиэннээҕи киин тэриллиитин кэнсиэпсийэтин бигэргэтэргэ диэн ыйыллар.

“Ийэ тыл кэскилэ” өрөспүүбүлүкэтээҕи хамсааһын салайааччыта Вилюяна Никитина: “СӨ Билим Академиятын иһинэн тылы үөрэтэр, харыстыыр сайыннарар киин аһылларын туһунан Бырабыыталыстыба уурааҕа тарҕанна. Кэнсиэпсийэтин көрдөххө, бу тэрилтэ үөрэх эйгэтигэр тыл кыһалҕатын, иитии үлэтин, хаачыстыбатын көрөр, үөрэх кинигэтин оҥорор, тыл туругун чинчийэр киэҥ хайысхалаах билим  киинэ буолуохтаах. Маннык киэҥ хайысхалаах үлэҕэ кырата уонча исписэлиис үлэлиирэ сабаҕаланар.

Бу сонуну истэн, тыл актыбыыстара олус үөрдүбүт.

Национальнай оскуолалар институттара федеральнай бас билиигэ көһүөҕүттэн, сахалыы иитии-үөрэтии кыһалҕатыгар үлэлиир билим тэрилтэтэ баар буоларын ыра санаалаах кэтэспиппит хас да сыл буолла.

Бу киин тэриллэрин көҕүлээбит Габышева Феодосия Васильевнаҕа, өйөөбүт, үлэлэспит Ил Түмэн бэрэссэдээтэлигэр Еремеев Алексей Ильичка, Бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлин солбуйааччытыгар Местников Сергей Васильевичка, Ил Дархаммытыгар барҕа махталбытын тиэрдэбин!

Дьэ, уонна бу кииҥҥэ чахчы ис сүрэҕиттэн тыл туһугар ыалдьар, дьиҥнээхтик сахалыы иитии-үөрэтии сайдарыгар кыһаллар, опыттаах исписэлиистэри мунньан үлэлэтиэхтэрэ, күүстээх хамаанда тэриллэн сахалыы үөрэх туругуран иһиэ диэн кэтэһэбит. Киин тула бары бииргэ түмсэн, сүбэлэһэн үлэ хаамыыта судургутуйуо уонна тэтириэ диэн эрэнэбит!”, — диэн санаатын үллэстэр.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Быһылаан
  • Сонуннар

Нерюнгри оройуонугар суол саахалыгар суоппар эчэйбит

Ахсынньы 14 күнүгэр сарсыарда 11 чаас саҕана Амур уобалаһын өттүттэн Нерюнгри диэки хайысханан айааннаан испит…

2 минуты ago
  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата

Уус Алдан улууһугар бөрө үөрэ сылгыларга кутталы суоһууллар

Соторутааҕыта Уус Алдан улууһун Эһэлээх сэлиэнньэтин таһыгар булчуттар бөрө үөрэ сиэбит сылгы өлүгүн булбуттара. Бу…

32 минуты ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Күн-дьыл туруга: күнүс -23°С кыраадыс

Бүгүн, ахсынньы 16 күнүгэр, Саха сиригэр соҕуруу, илин, хотугуу-илин кыралаан хаардыыр, соҕурууттан тыаллаах, Булуҥҥа, Анаабырга…

2 часа ago
  • Быһылаан

Дьокуускайга кыбартыыра умайан, биэс киһи эчэйдэ

Бүгүн, ахсынньы 15 күнүгэр, Дьокуускайга 36 кв.м. иэннээх кыбартыыраҕа баһаар буолла. Өлбүттэр суохтар, биэс киһи…

11 часов ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Олох амтанын сүтэримэҥ

Оҕо эрдэххэ дьаабылыка сыта, мандарин амтана наһаа да минньигэс уонна ураты буолара. Саҥа дьыл үөрүүтүн,…

15 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Өлүүнү кыайбыт улуу саллаат

Сыл – хонук. Номнуо үйэ чиэппэрэ ааһа охсубут.  Оттон киэн туттан бүгүн кэпсээри  оҥостор  киһибит …

16 часов ago