СӨ Экологияҕа министиэристибэтэ «аһаҕас аан» күнүгэр ыҥырар

Share

СӨ Экологияҕа, айылҕаны туһаныыга уонна ойуур хаһаайыстыбатыгар министиэристибэтэ 2024 с. сэтинньи 6 күнүгэр олохтоох бириэмэнэн 14:00 чаастан киэһэ 18:00 чааска диэри Саха сирин олохтоохторун «аһаҕас аан» күнүгэр ыҥырар.

Бу туһунан СӨ Экологияҕа, айылҕаны туһаныыга уонна ойуур хаһаайыстыбатыгар министиэристибэтин пресс-сулууспата иһитиннэрэр.

Экологическай куттал суох буолуутун уонна хонтуруоллааһын туһунан ыйытылаах дьону Дьокуускай куорат Дзержинскэй уул. 3/1, 2 этээскэ, 1 кэбиниэккэ ыҥыраллар. Оттон бултааһын туһунан билиэн-көрүөн баҕалаах дьон Дьокуускай куорат, Курашов уул. 30/1, 3 этээс тиийэн билсиҥ. Ойуур уонна уухаһаайыстыбаларыгар сыһыаннаах боппуруостарынан интэриэһиргиир дьону Дьокуускай куорат, Ленин проспегын 22, 6 этээскэ күүтэллэр.

СӨ Экологияҕа, айылҕаны туһаныыга уонна ойуур хаһаайыстыбатыгар министиэристибэтигэр үөһэ ыйыллыбыт аадырыстарынан бэйэлэрэ тиийэр дьон тус бэйэлэрин туоһулуур докумуону, ол эбэтэр паспоры илдьэ баралларын санатабыт. Оттон ыраах сытар сирдэртэн ыйытыылаах дьон видеоконференц уонна аудио сибээһинэн ыытыллыа.

«Аһаҕас аан» күнүгэр кыттыан баҕалаах дьон эрдэттэн сэкиритээр нөҥүө маннык төлөпүөннэринэн суруттарыаххытын сөп: 8(4112) 50-85-62, 8(4112) 50-74-09.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Быһылаан

Түөрт киһи тыыныгар турбут 60 саастаах киһи сууттанна

Мииринэй куорат 60 саастаах олохтооҕо түөрт киһини өлөрөн сууттанна. Бу туһунан СӨ Борокуратуурата иһитиннэрэр. 2023…

3 часа ago
  • Сонуннар

Ньидьили нэһилиэгэр “Эн, комсомол, мин дьолум” тэрээһин көхтөөхтүк ыытылынна

Хомсомуол үгүс көлүөнэ ыччакка эдэр саастарын аргыһа буолан, сыллар аастахтарын аайы күндүтүйэн иһэр өйдөбүл.  …

4 часа ago
  • Уопсастыба
  • Ыйыт - хоруйдуубут

ЫЙЫТ-ХОРУЙДУУБУТ: Төлүүллэр дуо?

— Оҕом Казахстаҥҥа төлөбүрдээх үөрэххэ киирбитэ. Онно нолуок вычетын хайдах төннөрүөххэ сөбүй? Төрөппүт ыйытыытыгар Арассыыйа ФНС…

4 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Тыл чөлүн тутааччы – сахалыы саҥабыт

Сэтинньи 6 күнүгэр үлэ бэтэрээнэ, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, Тыл билимин хандьыдаата, Арассыыйа Бэдэрээссийэтин Билимин…

5 часов ago
  • Сонуннар
  • Үөрэх

“Этнография улахан дьыктааныгар” ыҥыраллар

Норуоттар сомоҕолоһууларын күнүн көрсө, сэтинньи 2 күнүгэр “Арассыыйа – мин устуоруйам” түмэлгэ “Этнография улахан дьыктааныгар”…

6 часов ago
  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата

“Тарат” кэпэрэтиип тиҥэһэлэри атыыласта

Быйылгы кыстыкка Мэҥэ Хаҥалас улууһун “Тарат” кэпэрэтиибэ 64 тиҥэһэни атын хаһаайыстыбалартан атыыласта. Ол курдук, Бүлүүттэн…

6 часов ago