СӨ Инновацияҕа министиэристибэтэ Гагаринскай уокурукка хаары таһыыга көмөлөстө
Быйыл саас нуорматтан элбэх хаар түһэн, Дьокуускай куоракка хаары таһыыга үлэ кэлэктииптэрэ эмиэ үлэлииллэр. Дьокуускай куорат уокуруктарыгар өрөспүүбүлүкэ министиэристибэлэрэ көмөлөһөн, СӨ Инновацияҕа министиэристибэтэ Гагаринскай уокурукка хаары ыраастааһыҥҥа ааспыт чэппиэртэн саҕалаан үлэлэһэр.
Бүгүҥҥү күҥҥэ холбоһуктаах үлэ түмүгүнэн, 812 кубометр чалбах уута оботторуллубут, 180 кубометр хаар тиэйиллибит. Сүрүн үлэлэр Можайскай, Циолковскай, Гагарин, Тихонов, Быковскай, Кычкин, Тэки Одулок аатынан уулуссаларга барбыттар.
Инновация министиэристибэтин кытта көмө үлэҕэ “Якутия” технопаарка, “Саха” НКИХ, РЦИТ, Гагарин аатынан типография, «Сахамедиа», «Сахабэчээт», «Айар» кинигэ кыһата уонна «АрктикТелеком» кыттыспыттар.
Үлэ салҕанан бара турар, Гагаринскай уокуруктан 1070 кубометр уу хачайданара, өссө 180 кубометр хаар тиэйиллэрэ былааннанар.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: