СӨ Киин быыбардыыр хамыыһыйата мандааттары туттарда
Бүгүн, балаҕан ыйын 19 күнүгэр, Саха Өрөспүүбүлүкэтин Киин быыбардыыр хамыыһыйатын 44-с уочараттаах мунньаҕар баартыйа испииһэгинэн кыайбыт Ил Түмэн дьокутааттарыгар дастабырыанньалары туттардылар.
Итини таһынан түөрт босхоломмут мандаакка баартыйалартан эбии дьокутааттары анаатылар. Ол курдук, баартыйа испииһэктэрин салайбыт лиидэрдэр бэйэлэрин мандааттарын маннык түҥэттилэр: «Биир ньыгыл Арассыыйа» баартыйа – Айсен Николаев мандаата Василий Егоровка (Строительнай региональнай бөлөх, № 1), «Саҥа дьон» баартыйа – Сардаана Авксентьева мандаата Василий Николаевка (уопсай өрөспүүбүлүкэтээҕи чаас, №2), «Сиэрдээх Арассыыйа-Кырдьык иһин!» баартыйа – Федот Тумусов мандаата Игорь Григорьевка (уопсай өрөспүүбүлүкэтээҕи чаас, №2), ЛДПР – Леонид Слуцкай мандаата Гаврил Парахиҥҥа (уопсай өрөспүүбүлүкэтээҕи чаас, №2) бэрилиннэ.
Оттон СӨ Киин быыбардыыр хамыыһыйа уурааҕынан Степан Павлов («Биир ньыгыл Арассыыйа», Университеттааҕы эрэгийиэннээҕи бөлөх, № 1) босхоломмут мандаата Юрий Николаевка (Университеттааҕы эрэгийиэннээҕи бөлөх, № 2), оттон Александр Плоцкай («Сиэрдээх Арассыыйа», Алданнааҕы эрэгийиэннээҕи бөлөх, № 1) мандаата Ренат Хусаиновка (Алданнааҕы эрэгийиэннээҕи бөлөх, № 2) бэрилиннэ.
Ил Түмэҥҥэ биэс баартыйа испииһэгинэн барыта 35 норуот дьокутаата регистарцияланна уонна талыллыбыттарын туоһулуур дастабырыанньалары туттулар.
Саҥа талыллыбыт норуот дьокутааттара кэлэр нэдиэлэттэн бастакы сессияларыгар үлэлэрин саҕалыахтара.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: