Салгыы
СӨ үөрэҕин уонна билимин миниистирин педагог-сүбэһиттэрэ үлэлэрин саҕалаатылар

СӨ үөрэҕин уонна билимин миниистирин педагог-сүбэһиттэрэ үлэлэрин саҕалаатылар

Ааптар:
05.12.2022, 10:23
Бөлөххө киир:

Бу күннэргэ СӨ үөрэҕин уонна билимин миниистирин сүбэһитэ ааты ыларга сорунааччылары кытта сэһэргэһии буолан ааста.

Бүтэһик үс сылга “Сыл бастыҥ учуутала”, «Сыл бастыҥ маастара», «Сыл бастыҥ дириэктэрэ» күрэхтэргэ ситиһиилээхтик кыттыбыт педагогтары мунньан, СӨ үөрэҕин уонна билимин минииистирэ Любимова Ирина Павловна сүрүн сыалларын кэпсээтэ уонна баҕа өттүнэн, босхо үлэлииргэ бэлэмнэрин биллэрбиттэрин биһирээтэ. Хас биирдии педагог тус бэйэтэ санаалаах, сүбэһит быһыытынан ханнык бырайыагы олоххо киллэриэн сөбүн билиһиннэрдэ.

СӨ Үөрэҕин уонна билимин министиэристибэтигэр баҕа өттүнэн үлэлиир сүбэһиттэр, балаһыанньа быһыытынан үөрэх систиэмэтин быһаччы билиҥҥи кэмҥэ сыаналаан, көҕүлээн, билим-мэтиэдикэ хайысхатыгар көмөнү тэрийиэхтэрин сөп. Ону олоххо киллэрэргэ министиэристибэ сүрүннүүр мунньахтарыгар, сэбиэттэригэр, хамыыһыйаларыгар кыттар кыахтаахтар.

Ол курдук барыта аҕыс соруннааччыттан миниистир сүбэһитэ аатын ыларга үс педагогу таллылар. Дьокуускай куорат 23 нүөмэрдээх орто оскуолатын кытай тылын учуутала, өрөспүүбүлүкэтээҕи “Сыл учуутала-2021” күрэх муҥутуур кыайыылааҕа Конова Анна Сергеевна, өрөспүүбүлүкэтээҕи “Сыл учуутала-2022” күрэх муҥутуур кыайыылааҕа, Горнай улууһун Бэрдьигэстээх улуустааҕы гимназиятын физикаҕа учуутала Дьяконов Иван Герасимович, Мииринэй куорат эрэгийиэннээҕи тиэхиньиичэскэй кэллиэһин оҥорон таһаарар үлэҕэ маастара, өрөспүүбүлүкэтээҕи «Сыл маастара-2022” күрэх кыайыылааҕа Ильин Евгений Дмитриевич миниистир сүбэһитэ быһыытынан үлэлэрин саҕалаатылар.

Анна Конова иитэр-үөрэтэр үлэҕэ эрэ буолбакка, Арассыыйа уонна Кытай сыһыанын сайыннарар-бөҕөргөтөр өрөспүүбүлүкэтээҕи уопсастыба итиэннэ Арассыыйа уонна Кытай үрдүк үөрэхтэригэр киириэн иннинээҕи үөрэх кыһаларын ассоциациятын дириэксийэтин чилиэнэ буолар. Оскуола иһинэн ыытыллар эбии дьарыгы салайар куратор, оскуола сыыппараҕа үлэтин мэтэдииһэ, Дьокуускай куорат омук тылын учууталларын мэтэдиичэскэй холбоһугун көхтөөх кыттыылааҕа. Муниципальнай таһымтан саҕалаан, аан дойдуга тиийэ бигэргэтиллэр үөрэх бырагыраамаларын уонна бырайыактарын, чопчулаан быһааардахха, английскай уонна кытай тылларын дириҥэтэн үөрэтэр хабааннаах “ДОА” кытай тылын сэргээччилэрин оскуола-кулуубун тэрийэр уонна үөрэтэр, кытай тылыгар аан дойдутааҕы «Илиҥҥи ыҥырыы” (“Восточный вызов») күрэҕи олоххо киллэриигэ, ыытыыга кыттар.

Иккис сүбэһит Иван Дьяконов эдэр учууталлар ортолоругар уопсастыбаннай педагогическай үлэнэн дьарыктанар, Горнай улууһун эдэр педагогтарын ассоциациятын көхтөөх кыттааччыта, гимназия “Үүнүү туочуката” естественнэй-научнай хайысхалаах киинин салайар, «Лаборатория виртуальной и дополненной реальности «VRlab», «Барселона – Бердигестях» космос куйаарын үөрэтэр, «PhysHack» физика биридимиэтигэр хакатон өрөспүүбүлүкэтээҕи бырайыактары олоххо киллэрсиигэ көхтөөхтүк кыттар педагог быһыытынан биллэр.

Евгений Ильин ВорлдСкиллс ыстандаартынан “Москва маастардара” идэ маастардарын аһаҕас чөмпүйэнээтигэр “Иһэрдии технологиялара” (“Сварочные технологии”) компетенцияҕа (Москва к.), ВорлдСкилл Hi-tech мэтиэдикэтинэн бырамыысыланнас салааларыгар үрдүк технологиялаах оробуочай идэлэр национальнай чөмпүйэнээттэригэр (Екатеринбург к.), СӨ “Эдэр профессионаллар” (WorldSkills Russia) эрэгийиэннээҕи аһаҕас чөмпүйэнээтигэр “Иһэрдии технологиялара”, “Киһи кыттыыта суох иһэрдии”  компетенцияларга эспиэрдээбитэ. Устудьуоннар кыахтарын арыйар уонна идэҕэ маастарыстыбаларын сайыннарар инниттэн, эдэрдэр идэ маастарыстыбаларын араас куонкурустарыгар кытталарыгар бэлэмниир.

СӨ үөрэҕин уонна билимин миниистирэ Ирина Любимова сүбэһиттэргэ туһаайан, өрөспүүбүлүкэҕэ уопсай уонна орто анал үөрэх систиэмэтин тупсарыыга туһаайыллар үлэлэрэ көдьүүстээх, араас бырайыактары олоххо киллэриигэ көмөлөһүөхтэрэ диэн эрэнэрин биллэрдэ.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
13 декабря
  • -36°C
  • Ощущается: -36°Влажность: 68% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: