СӨ үөрэҕин үлэһиттэрин Атырдьах ыйынааҕы мунньаҕар 400-чэкэ киһи кыттыаҕа
СӨ үөрэҕин үлэһиттэрин Атырдьах ыйынааҕы мунньаҕа бу ый 22-25 күннэригэр былааннанар. Уопсайа, 400-чэкэ улуустааҕы үөрэх управлениетын, үөрэх тэрилтэлэрин салайааччылара, педагогтар, төрөппүттэр, уопсастыбаннас кыттыаҕа диэн сабаҕалыыллар. Маны таһынан, үлэлиир сирдэриттэн тэйиччиттэн олорон быһа холбонуохтара. Итиэннэ үгэс быһыытынан федеральнай ыалдьыттар, эспиэрдэр кэлиэхтэрэ.
“Билигин саҥа үөрэх дьылыгар бэлэмнэнии суолталаах түһүмэҕэ бара турар. Быйылгы Атырдьах ыйынааҕы мунньах Педагог уонна уһуйааччы сылыгар ыытылларынан ураты. Улахан болҕомтону уйулҕа-педагог кылаастарын арыйыыга уонна оскуолалары учууталларынан хааччыйыыга уурабыт. Мунньахха педагогтарга анаан үөрэх бары хайысхаларынан киэҥ, сэргэх бырагырааманы бэлэмнээтибит, бары көхтөөхтүк кыттыахтара. Ону тэҥэ, педагогтарга култуура-сынньалаҥ бырагырааматын эмиэ көрдүбүт. Ол курдук, мунньахха кытта таарыйа доруобуйаларын көрдөрүнэр экспресс-диагностиканы ааһыахтара, успуорт тэрээһиннэригэр кыттыахтара. Быйылгы Атырдьах ыйынааҕы мунньах сонун сүүрээнэ — Эргэ куорат устун сатыы дьаарабайыы. Олус интэриэһинэйдик, туһалаахтык ааһыаҕа”, — диэн СӨ Үөрэҕин уонна билимин миниистирэ Ирина Любимова этиитин министиэристибэ саайтыгар суруйаллар.
Түөрт күннээх тэрээһин бырагырааматыгар сүрүн мунньах, үөрэх хаачыстыбатын, иитии боппуруостарын ырытыһыылар, аан бастакытын үөрэх тэрилтэлэрин үлэһиттэрин спартакиадата, о.д.а. тэрээһиннэр киирбиттэр. Үлэһиттэр дуобакка, саахымакка, сахалыы остуол оонньууларыгар (хабылык, хаамыска), волейболга, электроннай ытыыга, остуол тиэнньиһигэр, канат тардыһыытыгар күрэхтэһиэхтэрэ.
Бырагырааманы СӨ Үөрэҕин уонна билимин саайтыгар көрүҥ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: