“Хендэл” аҕа ууһун общинатын 8 нүөмэрдээх ыстаадатыгар П.А.Степанов-Ламутскай аатынан Сэбээн Күөл национальнай оскуолатын лааҕыра быйыл сайын бэркэ үлэлээтэ. Лааҕыр начаалынньыгынан Диана Кириллина, баһаатайынан Евдокия Бурцева, иитээччинэн Людмила Чукорова үтүө суобастаахтык үлэлээтилэр.
Оҕолорго тотоойу, минньигэс аһы Ольга Кривошапкина, Зоя Никитина астаатылар. Оҕолор сынньалаҥнарын кэмигэр “Чиктикан” диэн ааттаах многоборьеҕа күрэхтэстилэр. Бу Дыгын оонньууларыгар маарынныыр буолан, олус кэрэхсэбилээх.
Быйыл Хотугу многоборьеҕа успуорт маастарыгар хандьыдаат, табаһыттар сүлүөттэрин биэс төгүллээх абсолютнай чөмпүйүөнэ Гаврил Бурцев “кулунчуктар тардыһыыларын” тэрийдэ. Онно 1 миэстэни Степанов Георгий, иккис миэстэни – Бурцев Антон, үһүс миэстэни Щадрин Ньургун ылан, үөрүү бөҕө буоллулар.
Маамыктаны быраҕыыга кыргыттар эмиэ кииристилэр. Слепцова Ива кыайыылааҕынан буолла. Иккис миэстэ – Кириллина Айылгылаана, үһүс миэстэ – Степанова Аиза.
Оҕолорбут ыстаадаҕа сайыҥҥы сынньалаҥнарын туһалаахтык атааран, айылҕалыын алтыһан, сүүрэн-көтөн, доруобуйаларын тупсардылар.
Иннокентий Бурцев, “Хендэл” община бэрэссэдээтэлэ
Харатыска: И.Бурцев.
Абхазияҕа ааспыт нэдиэлэттэн өрө туруу баран, бэрэсидьиэннэрин быыбара болдьоҕун иннинэ ыытыллар буолла. Сэтинньи 15 күнүгэр…
Бу күннэргэ күн-дьыл туруга хайдаҕый? Күнү-дьылы кэтээн көрөөччүлэр туох дииллэрий? Өрөспүүбүлүкэ арҕаа, хотугулуу-арҕаа улуустарыгар, Өлүөнэ…
Госдуума элбэх оҕолоох ыалларга юридическай көмө босхо буолуохтааҕын туһунан сокуон бырайыагын бастакы ааҕыыга ылынна. Көмөнү үс…
А.С.Пушкин аатынан Нуучча тылын судаарыстыбаннай института 2024 сыл тылынан "Пушкин" диэн тылы ааттаата. Бу туһунан…
Бүгүн «Дьиэҕэ төннүү» сэминээргэ анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрин чилиэннэрин кытта сөптөөх…
РФ Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин норуокка туһаайан этиитигэр бастакытын "Орешник" диэн саҥа комплекс туһунан иһитиннэрдэ. Кини…