Сэбээн Күөл оскуолата кыайыы туһугар кылаатын киллэрэр
04.10.2024, 15:20
Хаартыска: Сэбээн Күөл орто оскуолата
Бөлөххө киир:
Кэбээйи улууһун Сэбээн Күөл оскуолатын үлэһиттэрэ хаххалыыр сиэккэни баайа үөрэнэн баран, улахан кылаас оҕолорун үөрэттилэр.
“Байыаннай дьайыыга сылдьар уолаттарбытыгар анаан хаххалыыр сиэккэни баайабыт. Бу хас да түһүмэхтэн турар уустук үлэ. Байыаннай дьайыы буола турар сиригэр биһиги биир дойдулаахтарбыт, аҕаларбыт, убайдарбыт сылдьаллар, кыайыы туһугар охсуһаллар. Биһиги сиэккэҕэ баайар хас биирдии лоскуй таҥаспыт эмиэ оннук суолталаах. Ким эрэ олоҕун быыһыа, байыаһы хаххалыа, дьиэтигэр этэҥҥэ эргиллэн кэлэригэр көмөлөһүө”, — дииллэр оскуола үлэһиттэрэ.
Сэбээн Күөл орто оскуолата.
+1
+1
1
+1
+1
+1
+1
+1
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: