Сэбиэскэй карикатурист быыстапката аһылынна
Муус устар 4 күнүгэр «Арассыыйа — мин устуоруйам» пааркаҕа «Острый карандаш Бориса Ефимова» быыстапка арылынна. Мультимедийнай көрүҥүнэн график-худуоһунньук Борис Ефимович Ефимов 200 үлэтэ көрдөрүүгэ турда.
ССРС норуодунай худуоһунньуга, Социалистическай Үлэ Дьоруойа, бэлитиичэскэй карикатура маастара Борис Ефимов үс үйэҕэ олорбута, айбыта-туппута. Кини 107 сааһыгар диэри уруһуйдуура, 109 сааһыгар өлбүтэ. Кини бэйэтин кэмин улуу түгэннэрин — Өктөөп өрөбөлүүссүйэтин, гражданскай, Аҕа дойдуну көмүскүүр улуу сэриилэри, улугуруу кэмин, уларыта тутууну, о.д.а. уруһуйдаабыта, 21-с үйэҕэ кытта үлэлээбитэ.
Дьокуускайга кини быыстапкатын биллэр уопсастыбаннай, бэлитиичэскэй диэйэтэл, суруйааччы Николай Стариков экскурсия оҥорон, билиһиннэрдэ.
Быыстапкаҕа худуоһунньук ааспыт үйэ 30-70 сылларыгар айбыт үлэлэрэ, устуоруйа кэрэһиттэрэ киирбиттэр.
— Борис Ефимов карикатуралара билигин да сытыылар, тоҕо диэтэр, «тымныы сэрии» саҕана ССРС арҕааҥҥы күүстэри кытары утарыта турсуутун дьүһүйбүтэ. Билигин да Арассыыйаҕа бу кыһалҕа сытыытык турар, — диэн Николай Стариков эттэ.
Николай Стариков бу мультимедийнай быыстапканы Арассыыйа 10 куоратыгар билиһиннэрэр. Уһук Илиҥҥэ Дьокуускайтан саҕалаата. Кини өссө лиэксийэ аахта уонна «Террор. Кому и зачем он нужен» кинигэтин сүрэхтээтэ.
Ил Дархан, бырабыыталыстыба дьаһалтатын пресс-сулууспата.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: