Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа Федор Попов пааматынньыгар сибэкки дьөрбөтүн уурдулар
Бүгүн, Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа Федор Попов төрөөбүт күнүгэр, кини аатын сүгэр Дьокуускай куорат 20 №-дээх оскуолатын сиригэр-уотугар турар пааматынньыкка сибэкки дьөрбөтүн ууруу долгутуулаах тэрээһинэ буолла.
Бырабыыталыстыба салалтатын сэргэ, Ил Түмэнтэн, Мэҥэ Хаҥалас улууһуттан уонна бойобуой дьайыылар бэтэрээннэрэ, байыаннай дьайыы кыттыылаахтара, уопсастыбаннас бэрэстэбиитэллэрэ, ыччаттар түмсүүлэрэ, Дьокуускай олохтоохторо бу тэрээһиҥҥэ кыттыыны ыллылар.
«Биһиги ытык өбүгэлэрбитигэр сүгүрүйэрбитигэр, Ийэ дойдуларын кэскилин туһугар 80 сыл анараа өттүгэр оҥорбут дьоруойдуу быһыыларын санаан ыларбытыгар куруук бэйэбититтэн ыйытабыт: «Биһиги хайдахпытый? Маннык дьоруойдуу быһыыны оҥоруохпут этэ дуо?» диэн. Оттон бүгүн биһиги Арассыыйабыт аан дойдуга фашизмы утары охсуһууга турунна. Биһиги кыайыахпыт диэн эрэллээхпит», — диэн этэр РФ бэрэсидьиэнигэр Саха сирин Бастайааннай бэрэстэбиитэлэ, СӨ кэлим сүрүннүүр киинин бэрэссэдээтэлэ Андрей Федотов. Кини бүгүн, ахсынньы 8 күнүгэр, Аҕа дойду Дьоруойдарын күнүн иннинэ, Дьокуускайга фашизмы утары пуорум үлэтин саҕалыырын туһунан иһитиннэрдэ.
Федор Кузьмич Попов 1921 сыл ахсынньы 8 күнүгэр Мэҥэ Хаҥалас улууһугар Баатара нэһилиэгэр төрөөбүтэ. Кини 1943 с. алтынньы 1 күнүгэр Глушец диэн дэриэбинэ аттыгар биир бастакынан Днепр өрүһү туораан, өстөөх траншеяларыгар бастакынан тиийэн хорсун быһыыны көрдөрбүтэ. 1944 с. тохсунньу 15 күнүгэр ССРС Үрдүкү Сэбиэтин Президиумун Ыйааҕынан Ф.К.Поповка Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойун аата иҥэриллибитэ.
Саха сиригэр Ф.К.Попов аатын үйэтитэргэ элбэх үлэ ыытыллар. Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойун аата төрөөбүт дойдутугар Мэҥэ Хаҥалас улууһугар, Дьокуускай, Гомель куораттар уулуссаларыгар иҥэриллибитэ. Өрөспүүбүлүкэ киинигэр, Майаҕа уонна Аллараа Бэстээх бөһүөлэгэр пааматынньыктар туруоруллубуттара. Кини аатын Дьокуускай куорат 20 №-дээх орто оскуола сүгэр.
СӨ Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: