Сэбиэскэй сойуус Дьоруойа, суруналыыс Николай Кондаков аатынан бириэмийэ Олег Колесовка-Талбаҥҥа туттарылынна

Share

Бүгүн Араадьыйа күнүн көрсө «Саха» НКИХ салалтата Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылааҕа, Сэбиэскэй сойуус Дьоруойа, араадьыйа биллиилээх суруналыыһа Кондаков Николай Алексеевич аатынан бириэмийэни туттарда.

Быйыл бу суолталаах бириэмийэ «Саха» НКИХ  тэлэбиидэнньэтин дириэктэрэ, байыаннай суруналыыс Олег Колесовка-Талбаҥҥа ананна.

Саха араадьыйатын ааттаах-суоллаах суруналыыһа Николай Кондаков аатынан дьоһуннаах бириэмийэни ылыы — олус улахан эппиэтинэс. Бу олоҕум — олус долгутуулаах уонна умнуллубат түгэнэ.  Маннык улахан наҕараадаҕа бастакыбын тигистим. Быйыл араадьыйа уонна тэлэбиидэнньэ салаатыгар үлэлээбитим 15 үбүлүөйдээх сыла. Онон бу бириэмийэни бииргэ үлэлиир хамаандабыт кыайыытын курдук ылынан, кэллиэгэлэрбэр истиҥ махталбын тиэрдэбин.  Бу бириэмийэни биһиги, эдэр көлүөнэ дьон,  «абаанса » курдук ылынабыт.  Ол аата инники өттүгэр  улахан эппиэтинэһи сүгэн, бары кыахпытын, сырабытын ууран туран үлэлииргэ эбээһинэстиир наҕараада, — диэн санаатын үллэһиннэ Олег Колесов-Талбан.

Талааннаах суруналыыһы, эппиэттээх тэрилтэ салайааччытын Олег Колесовы-Талбаны дьоһуннаах наҕараадатынан ис сүрэхпититтэн эҕэрдэлиибит. Ситиһии бу курдук сиэттиспитинэн кэлэн иһэригэр баҕарабыт!

What’s your Reaction?
+1
26
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
3

Recent Posts

  • Сонуннар

Оҕолор нэһилиэктэрин сонунун куйаар ситимигэр таһаардылар

Өлүөхүмэ улууһун Уолбут нэһилиэгэр “Эйгэ” сынньалаҥ киин дьиэтигэр араас тэрээһин барыта буолар. Быйыл өссө биир…

5 минут ago
  • Итэҕэл
  • Куонкурус
  • Рекомендуем
  • Сонуннар
  • Уопсастыба
  • Ыйыт - хоруйдуубут

Русскай Устье туһунан документальнай киинэ уһулунна

Сэтинньи 22 күнүгэр Индигир өрүс төрдүгэр былыр-былыргыттан олохсуйан олорор Русскай Устье, Походскай сэлиэнньэлэр олохтоохторун устуоруйаларыгар,…

26 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Хаарбах дьиэттэн көһөрүүгэ Саха сирэ Уһук Илиҥҥэ бастыҥ

2019 сылтан Уһук Илин уокуругар «Жилье и городская среда» национальнай бырайыак үлэлиир. Бу кэм устата…

38 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Биэнсийэлээх оҕону иитэригэр эбии төлөбүр көрүллэр

Саха сиригэр 27 440 төрөппүт оҕолорун иитэллэригэр үрдэтиллибит биэнсийэни ылаллар диэн Социальнай пуонда Саха сиринээҕи…

52 минуты ago
  • Сонуннар

Сабина Кушевская: «Биир кэлим мэхэньиисими оҥоруохпут диэн эрэнэбит»

Бүгүн Дьокуускай куоракка анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрин чилиэннэрин кытта былаас уорганнара,…

1 час ago
  • Сонуннар

Оҕо атаҕастабылын эрдэттэн бохсуохха!

Бу күннэргэ Дьокуускайга  уйулҕа үлэһиттэрин V пуорумнара буола турар. Үс сиэксийэнэн арахсан, өрөспүүбүлүкэ тутаах тэрилтэлэрин…

1 час ago