Салгыы
Сөбүлүүр үөрэххэ киирии – дьол!

Сөбүлүүр үөрэххэ киирии – дьол!

Ааптар:
18.08.2024, 15:00
ХААРТЫСКАЛАР: ААПТАР УОННА ДИАНА АНТОНОВА ТҮҺЭРИИЛЭРЭ.
Бөлөххө киир:

Балаҕан ыйа буолара аҕыйах хонук хаалла. Үрдүк уонна орто анал үөрэхтэргэ туттарсыы тиритиилээх-хорутуулаах кэмэ түмүктэнэн, оҕолор уонна төрөппүттэр уоскуйан олороллор. Оҕолортон үөрэххэ хайдах-туох туттарсыбыттарын туһунан ыйыталастыбыт.

«Үөрэххэ киирэргэ элбэх докумуон наада дии саныырым»

Егор Решетников, Хотугу­луу-Илиҥҥи федеральнай университет Историческай бакылтыатын устудьуона:

– Быйыл бырааттыы Николаевтар ааттарынан Хаҥалас улууһун II Дьөппөнүн орто оскуолатын соҕотох бүтэрбитим. Алын кылаастан саҕалаан куруук 4-5 эрэ сыанаҕа үөрэнэрим. Ол кэнниттэн, 11-с кылааска соҕотох хааламмын, сылы быһа 5 эрэ сыанаҕа үөрэнним. Биир кэлим эк­­сээмэни ситиһиилээхтик туттаран, оскуолам устуоруйатыгар бастакы уол оҕо кыһыл көмүс мэтээлинэн бүтэрдим.

Оскуолаҕа доҕотторбун кытары үөрэнэн, оон­­ньоон-көрүлээн, кэпсэтэн-ипсэтэн, күммүт түргэнник да ааста. Араас күрэхтэргэ, кэмпириэнсийэлэргэ, олимпиадаларга, дакылаат ааҕыытыгар ситиһиилээхтик кыттааччыбын. Саамай сөбүлүүр биридимиэттэрим: устуоруйа, уопсас­тыба уонна биология. Тоҕо диэтэххэ, кыра эрдэхпиттэн устуоруйаны уонна уопсастыба хайдах тутуллааҕын интэриэһиргиир этим. Ону таһынан, тулалыыр эйгэбит тоҕо манныгын, тоҕо киһи киһи буолбутай диэн билиэхпин баҕарарым. 9-с кылаас кэнниттэн, устуоруйа учуутала буолуох­пун баҕарар эбиппин диэн түмүккэ кэлбитим. Онон сибээс­тээн, биир кэлим эксээмэҥ­ҥэ булгуччулаа­ҕы таһынан, устуо­руйа уонна уопсастыба биридимиэттэри туттарбытым. Оскуолатааҕы кэмнэрбин өрүү саныы, ахта сылдьыам.

Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университет Историческай бакылтыатыгар «Педагогическое образование (с двумя профилями подготовки). История и Обществознание» диэн салаа­ҕа киирэммин, үөрүүм баһаам.

Ким да бу үөрэххэ бар диэн эппэтэҕэ, оннооҕор, төрөппүттэрим албакаат эбэтэр юрист буолуо дии саныы сылдьыбыттара, оттон алын кылааска үөрэппит учууталым, быраас буол дии сатаабыта. Онон, бу үөрэхпэр бэйэм баҕа өттүбүнэн киирдим.

Бастаан докумуоммун барытын хомуйан баран, бэйэм тутар хамыыһыйаҕа барбытым, ол эрээри мин 18-пын туола илик буолан, докумуоммун туппатахтара. Ол иһин онно баар үлэһиттэр Судаарыстыбаннай өҥө порталынан докумуоҥҥун биэр диэн сүбэлээбиттэрэ. Мин бу биир эрэ үөрэххэ докумуоммун биэрэрбин истэн, улаханнык соһуйбуттара.

ХИФУ саайта үчүгэй, туох баар иһитиннэрии барыта суруллан турар, кырдьыгынан эттэххэ, саайтка бас­­таан буккуллубутум, онтон кэлин үөрэммитим. Үөрэххэ киирэргэ элбэх докумуон наада дии саныырым, онтукам баара, 5 эрэ докумуон наада эбит.

Кэлэр сылга оскуоланы бүтэрээччилэргэ сүбэ­лиэм этэ: эксээмэннэргэ күүскэ бэлэмнэниҥ, түмүгүттэн ханнык үөрэххэ киирэргит тутулуктаах уонна бэйэҕит баҕарар идэҕитин талыаххытын наада.

“Бэйэҕит тускутугар үөрэнэҕит”

Арсен Константинов, Хоту­гу­луу-Илиҥҥи фе­де­раль­най университет Инже­нер­нэй-тиэхи­ньии­чэскэй институтун устудьуона:

– Быйыл  Уус Алдан улууһун Иван Иванович Гоголев-Дыргыабай аатынан Найахы орто оскуолатын туйгуннук бүтэрбитим. Кыра кылаастан туйгун уонна үчүгэй сыаналарга үөрэммитим. Оскуолабар «Аргыс» диэн оҕо хамсааһыныгар баарым. Элбэх тэрээһиннэри, күрэхтэри ыыппыппыт. Оскуолатааҕы кэмнэрим кэрэтик, интэриэһинэйдик аастылар дии саныыбын.

Саамай сөбүлүүр биридимиэттэрим: физкултуура уонна математика. Биир кэлим эк­сээ­мэҥҥэ физика уонна математика профильнайын туттардым. Эрдэттэн билэр этим, математика уонна физика өттүнэн барарбын. Оскуолаҕа сылдьан, араас олимпиадаларга миэстэлэһэрим. Холобур, «Физмат бой» диэн олимпиадаҕа элбэхтик кыттыбытым.

Үөрэххэ киирэрбэр олох эрэллээх этим бэйэбэр, ол иһин ИТИ ПГС уонна ИТИ прикладная механика диэннэргэ эрэ докумуоннарбын биэрбитим. Бу икки үөрэхпэр иккиэннэригэр ыллылар. ИТИ-га билэр уолаттарым, табаарыстарым бааллар, кинилэртэн үөрэҕим туһунан ыйыталаспытым.

Үөрэххэ туттарсарбар, докумуоннарбын толорорбор уба­йым көмөлөспүтэ. Кини эмиэ үрдүк үөрэххэ үөрэнэр, «лечебное дело» диэҥҥэ. ХИФУ үлэһиттэрэ үчүгэй сыһыан­наахтар эбит, барытын быһаа­ран, ыйан-кэрдэн биэрбиттэрэ. ПГС салаата саамай үчүгэй диэн сүбэлээбиттэрэ.

ХИФУ саайтыгар бэйэҥ киирэн көрөрүҥ үчүгэй эбит. Тугу эмит өйдөөбөтөххүнэ, барытын онно булуоххун сөп курдук. Үөрэххэ киирбиппин учууталым киирэн көрбүт этэ, бэйэм оттуу сылдьыбытым ол бириэмэҕэ. Олус диэн үөрбүтүм, дьолломмутум.

Кэлэр сылга оскуоланы бүтэрээччилэргэ сүбэлиирим диэн, учууталларгыт тылын истиҥ, кыһаллыҥ. Бэйэҕит тускутугар үөрэнэҕит, онон эппиэтинэстээхтик сыһыаннаһыҥ.

«Үөрэххэ туттарсыы сыралаах соҕус эбит»

Виктория Алексеева, «Кол­ледж креативных индус­трий» – Айар Уустар усту­дьуо­на:

– Быйыл Бүлүү улууһун Тылгыны нэһилиэгин И.Н. Ханды аатынан орто оскуолатын бүтэрдим. Оскуолаҕа сылдьан, араас хайысханан дьарык­таммытым. Элбэх тэрээһиннэргэ, олимпиадаларга, күрэхтэргэ кыттааччыбын. Саамай сөбүлүүр биридимиэттэрим: уруһуй, устуоруйа, үлэ уонна физкултуура. Оскуолабытын быйыл 4 буолан бүтэрдибит, оҕолор бары чугастык доҕордоһобут.

Докумуоннарбын ЯИПК уонна Айар Уустарга биэрбитим. Иистэнэрбин, тугу эмэ саҥаны айарбын, уруһуйдуурбын туохтааҕар да ордоробун. Ол курдук, учууталым Саина Егорова миигин элбэххэ үөрэппитэ, уһуйбута. Кини дьарыктаан, элбэх таһымнаах куонкурустарга ситиһиилээхтик кыттыбытым. Түгэнинэн туһанан, учууталбар барҕа махталбын тириэрдэбин. Айар Уустары таллым. Бу үөрэх туһунан төрөппүттэрбиттэн, кылааһым салайааччытыттан уонна ку­­йаар ситиминэн билбитим.

Үөрэххэ докумуону туттарыы, мин санаабар, сыралаах соҕус эбит эрээри, үлэһиттэрэ элэккэй эбиттэр. Наһаа элбэх докумуон наадата суох: мэдиссиинискэй ыспыраапка (Ф 68), хаартыска, аттестат, тус докумуоннар.

Кэлэр сылга оскуоланы бүтэрэр оҕолорго ситиһиилэри, БКЭ эксээмэннэрин сөпкө талан, сөбүлүүр үөрэххитигэр киирэргитигэр баҕарабын.

«Бэйэҕитигэр эрэллээх буолуҥ»

Алла Арсентьева, ЯФЭК устудьуона:

– Быйыл Уус Алдан улууһун Иван Иванович Гоголев-Дыргыабай аатынан Найахы орто оскуолатын бүтэрдим. Бэйэм санаабар, оскуолабын үчүгэйдик түмүктээтим, туох баар биэрэр сорудахтарын барытын тутатына оҥорон иһэр этим, онтукам көмөлөстө дии саныыбын. Учууталларым тугу этэллэрин, үөрэтэллэрин-такайалларын барытын болҕомтолоохтук истэрим. Ол курдук, оскуолатааҕы тэрээһиннэргэ барытыгар кыттааччыбын. Кыра кылаастарга уруһуй биридимиэтин, орто кылаастарга – тыл, онтон улахан кылаастарга математиканы быдан ордорор буолбутум.

Биир кэлим эксээмэннэргэ нуучча тылын, математика профильнайын уонна английскайы туттарбытым. Сайабылыанньабын ЯФЭК-ка, ФЭИ-гэ, Муода уонна кэрэ эйгэ индустриятыгар сервис (сервис в индустрии моды и красоты) идэҕэ биэрбитим. Онтон  ЯФЭК таллым.

Үөрэххэ докумуон биэрэр, хата,  судургу эбит. Бастаан куттана саныыр этим. Пааспар, ИНН, аттестат, СНИЛС уонна тус ситиһиилэр эрэ наадалар эбит. Үлэһиттэр, төһө кыалларынан, көмөлөһө сатыыллар.

Оҕолорго этиэм этэ, эрдэттэн тугу туттараргытын талан, ол туттарар биридимиэккитигэр сүрэҕэлдьээбэккэ үөрэниҥ, оччоҕо үөрэххэ эрэйдэммэккэ киириэххит. Бэйэҕитигэр эрэллээх буолуҥ!

ТАТЬЯНА ЖАНЧИКОВА БЭЛЭМНЭЭТЭ.

+1
2
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
7 декабря
  • -22°C
  • Ощущается: -28°Влажность: 77% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: