Намҥа устуоруйа уонна этнография түмэлэ 1967 сыллаахха тэриллибитэ. Бастакы дириэктэринэн Аҕа дойду сэриитин кыттыылааҕа, учуутал Петр Иннокентьевич Сивцев анаммыта. Түмэл пуондатыгар (дириэктэр Александр Копырин) билигин 7000 кэриҥэ эспэнээт баар.
Бүгүн биһиги ааҕааччыларыгар ураты эспэнээт туһунан быыстапка салаатын сэбиэдиссэйэ Рустам Федоров кэпсиирин истиҥ, көрүҥ, сэргээҥ.
– 2017 сыллаахха Намҥа Нэлэгэр диэн сиргэ, АБЗ учаастагар, карьертан туой иһит кырамталара көстүбүттэрэ. Ити туһунан түмэлгэ улуус гимназиятын устуоруйаҕа учуутала Андрей Романович Попов иһитиннэрэр. Түмэл исписэлиистэрэ Гуманитарнай чинчийии институтугар биллэрэллэр. Археологическай үлэҕэ түмэл үлэһиттэрэ, кыраайы үөрэтээччилэр көхтөөхтүк кытталлар.
Түмүккэ бу сиртэн 28 туой иһит кырамтата, биир туос иһит (тууйас), тайах муоһуттан ураты оҥоһук (куйах чааһа) уонна тимир бытархайдара көстөллөр.
Археологтар туой кырамталара халыҥнарын, ойууларын, оҥоһуу ньымаларын үөрэтэн бараннар, быһа барыллаан, “Кулун Атах” кэминээҕини көрдөрөр маллар диэн быһаараллар уонна манна дьон олоро сылдьыбытын бигэргэтэллэр.
РНА Сибиирдээҕи салаатын Г.И.Будкер аатынан ядернай физика институтугар уонна Хоккайдо куоракка (Япония) туой кырамталара чох уматык тобоҕуттан радиоуглероднай үөрэтиигэ ыытыллаллар. Үөрэтии, чинчийии түмүгүнэн, 874 45 (BNP_NSU_1318) диэн түмүк тахсар. Ол эбэтэр, биһиги үйэбит 1040-1253 сс. буолан тахсар. Бу булумньулар түмэлбит пуондатыгар хараллан сыталлар.
Инньэ гынан, тайах муоһуттан ураты булумньу эмиэ ол кэмнээҕи эбэтэр быдан урукку буолуон сөп. Археологтар куйах хайа эрэ чааһа буолуон сөп диэн быһааран тураллар.
Маныаха сөпкө иилэргэ аналлаах курдары хайаҕастардаах, киһи түөһүн хатылыыр моһуоннаах. Билигин биһиэхэ итинтэн атын туоһулуур туох да хоруй суох.
Манна даҕатан эттэххэ, түмэл үөрэтиитинэн, Эҥсиэли хочотугар элбэх саҥа арыйыылар уонна булумньулар бааллар.
Бу оноҕос төбөлөрө 1983 сыллаахха Модукка Улуу Сыһыы диэн сиртэн, урусхалламмыт киһи көмүүтүттэн көстүбүттэр. 1998 сыллаахха бу оноҕос төбөлөрүн үөрэппит СГУ археологияҕа уонна этнографияҕа музейын наукаҕа сотруднига бу курдук суруйар: “Обнаруженные Ф.М.Зыковым на аласе Улуу Сысыы Модутского наслега уникальные материалы Модутского погребения. Погребение может быть датировано широким временным интервалом от раннего железного века до позднего средневековья. Найденные наконечники пока не имеют аналогов на территории Якутии и сочетаются в основном с наконечниками кулайского времени первой половины 1 тыс.н.э. из Приобья.”
Батыйа былыр өбүгэлэрбит сөбүлээн тутта сылдьыбыт тупсаҕай уонна дьулаан тэриллэрэ. Бу хаартыскаҕа көстөр батыйа уопсай уһуна 116 см, мас тутааҕа 87 см, батыйа көстөр биитин өттө 29 см, кэтитэ 3 см 8 мм, халыҥа 4 мм. Батыйа төрдө алтантан көнө ойуулаах.
Саха ууһугар дьон-сэргэ туттар сэптэрин-сэбиргэллэрин былыргыттан бэйэлэригэр табыгастаах буоларын курдук оҥортороллоро. Ол курдук, бу батыйа хаҥас илиитинэн туттар киһиэхэ анаан оҥоһуллубут.
Бу туой көһүйэ түмэлбит биир ураты эспэнээтэ. Манна чох уган, үрдүгэр туой иһити ууран астарын-үөллэрин сылыталлар эбит.
Биһиги оскуола оҕолоро экскурсиялыылларыгар, бу көһүйэ үрдүгэр туой иһиккэ үүт кутан уурбуппут, икки мүнүүтэнэн оргуйбута. Өбүгэлэрбит маннык иһити оҕону аһатарга, кыра аһы түргэнник сылытарга туттубут буолуохтарын сөп.
Намнааҕы таҥара дьиэтин аҕабыыта Ион Винокуров киэнэ. “1854 года июня 30 дня священника Ионы Винокурова” диэн суруктаах. Сабаҕалааһын быһыытынан, ити сылларга оскуолалар күүскэ тутуллубут буолуохтарын сөп. Оччолорго тутууну сүрүн туруорсааччыларынан олохтоох дьон уонна таҥара дьиэтэ буолар эбит. Бу аҕабыыт итэҕэли үөрэтэригэр уонна саҥа оскуолаҕа анаан оҥоһуллубут бэлиэ мас буолуон сөп.
1967 с. хомсомуол оройуоннааҕы кэмитиэтин иһинэн үлэлиир «Революционнай, Бойобуой уонна Үлэ Албан аата» кулууп бэрэссэдээтэлэ Данил Софронович Протопопов көҕүлээһининэн түмэли тэрийэр туһунан быһаарыы ылыллыбыта. Оччолорго Нам оскуолатыгар туристическай куруһуогу учуутал Петр Афанасьевич Ушницкай салайара. Оҕолор похуоттарга сылдьан муспут эспэнээттэринэн оскуола түмэлин муннуга урукку оройуоннааҕы ситэриилээх кэмитиэт дьиэтин биир xohyrap тэриллибитэ. Онтон Култуура дьиэтигэр түөрт xoс бэриллибитэ. Манна түмэли учуутал Петр Иннокентьевич Сивцев салайбыта. Эспэнээт хомуйуутугар оскуола учууталлара, култуура тэрилтэлэрин, хомсомуол райкомун үлэһиттэрэ кыттыбыттара.
Түмэл 1972 сыллаахха туспа дьиэлэммитэ-уоттаммыта. П.И.Сивцев аатынан Намнааҕы устуоруйа уонна этнография түмэлэ өрөспүүбүлүкэҕэ киэҥник биллэр үлэлээх, суолталаах бырайыактары олоххо тиһиктээхтик киллэрэр. Түмэл 2014 сыллаахха өрөспүүбүлүкэҕэ “Сыл бастыҥ мусуойа”, 2021 с. “Лучшее сельское учреждение культуры” үрдүк ааттары ылбыта.
Түмэл И.Е.Винокуров аатынан Хатыҥ Арыытааҕы устуоруйаны уонна кыраайы үөрэтэр, көрдөрөр туспа филиаллаах, И.Д.Винокуров-Чаҕылҕан аатынан литературнай түмэл-дьиэлээх, улууска ыытыллар тэрээһиннэри түһэрэр-устар, мунньар-харайар киинэ-видео архыыптаах.
Үлэлээбит бэтэрээннэригэр, түмэл сайдыытыгар кылааттарын киллэрсибит ытык-мааны үлэһиттэригэр, кыраайы үөрэтээччилэргэ кэлэктиип махтала улахан.
Бэчээккэ бэлэмнээтилэр Рустам Федоров, Сардаана Баснаева. Видеоҕа түмэл исписэлииһэ Станислав Слепцов устуута.
Бу күннэргэ Мэҥэ Хаҥалас улууһугар Сыымахха командировкаҕа сылдьан, киһи кэрэхсиир түгэнин көрөн, сырдатарга сананным. Васильевтар…
Көрсүһүүгэ сүрүн болҕомто Саха сиригэр национальнай бырайыактары уонна РФ Бэрэсидьиэнин сорудахтарын олоххо киллэриигэ уурулунна. "Айсен…
Аҕа дойдуну көмүскүүр сэрии уустук сылларыгар тыыл үлэтэ байыаннай балаһыанньа ыйарынан былааннанара. «Барыта фроҥҥа, барыта…
Маны билэҕит дуо? Куоска минньигэс амтаны билэр дуо? Оттон саамай улахан кинигэ төһө ыйааһыннаах буолуо…
Бүгүн, ахсынньы 11 күнүгэр, Бырабыыталыстыба дьиэтигэр, Өрөспүүбүлүкэ саалатыгар "Мин Сахам сирэ XXI үйэҕэ" үтүө дьыала…
2024 сылга Саха сиригэр «Безопасные качественные дороги» бырагырааманан алта муостаны туттулар. Бу туһунан массыына суолун…