Салгыы
Сэдэх экспонаттар. Харысхал, кинээс кура уонна алтан ачыкы (видео)

Сэдэх экспонаттар. Харысхал, кинээс кура уонна алтан ачыкы (видео)

29.04.2023, 15:30
Бөлөххө киир:

Эдьигээҥҥэ устуоруйа түмэлин сүрүн пуондатыгар 7470 эспэнээт баар. Манна  сыл устата 5000 кэриҥэ киһи сылдьар. Тэрээһиннэргэ оскуола үөрэнээччилэрин, нэһилиэнньэни көхтөөхтүк кытыннараллар.

Бүгүн СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, түмэл дириэк­тэрэ Людмила Сивцева ааҕааччыларбытыгар ураты харысхал, устуоруйалаах мал-сал туһунан кэпсиир. Сиһилии видеоҕа көрүҥ.

Харысхал

“Дууһата мастан оҥоһуллубут чыычаахха иҥэриллибит”

– Бу 1928 сыллаахха Михаил Афанасьевич Соломоновка анаан ойуун дуу, удаҕан дуу оҥорбут харысхала.

М.А.Соломонов ХХ үйэ­ҕэ “Эдьигээн» сопхуос Баахынайдааҕы отделениетын 17 сыл тухары ситиһиилээхтик салайбыт, хаалыылаах отделениены бастыҥнар кэккэлэригэр таһаарбыт сатабыллаах салайааччы.

Харысхалы Михаил Афана­сьевич оҕолоро 2022 сыллаахха түмэлгэ туттарбыттара.  Бу туспа устуоруйалаах. Михаил Афанасьевиһы кытта бииргэ үлэлээбит Н.Н.Яковлева үтүө киһи туһунан ахтыылары хомуйан кинигэтэ оҥо­руохха диэн этиилээх кэлбитэ. Кинигэни оҥорорбутугар сиэн кыыс ахтыытыгар “Мин эһээм дууһата мастан оҥоһуллубут чыычаахха иҥэриллибит. Ону оҕо эрдэхпинэ миэхэ көрдөрбүтэ, кэпсээбитэ” диэн суруйбут этэ. Биһиги сүбэлэһэн баран Михаил Афанасьевич оҕолоругар ону түмэлгэ туттарыа этигит диэн көрдөспүппүтүгэр бэлэхтээбиттэрэ. Мин Михаил Афанасьевич кинигэни хомуйан оҥорбут сыралаах үлэбитигэр махтанан, үөһэттэн бэйэтэ бэлэх ууммутун курдук ылыммытым, олус үөрбүтүм.

Сэкэннэй кинээс үрүҥ көмүс кура (1881 с.)

– Бу 134 см уһуннаах, 8 см кэтиттээх кур. Араас дьэрэкээн оһуордаах үрүҥ көмүс түөрт муннуктар (19 устуука) халыҥ тириигэ иҥиннэриллибиттэр.  Биирдэстэригэр 1881 сыл диэн бэлиэлээх.

Чорду аҕа уус кинээһэ Сэкэннэй – Шадрин Василий Васильевич курунан көрдөххө, модьу-таҕа киһи эбит. Этэллэринэн, 1925 с. өлбүт, билигин элбэх ахсааннаах хос-хос сиэннэрэ аҕа ууһу салгыыллар.

Бу куру түмэлгэ сиэнэ Зинаида Прокопьевна Васильева 2000 с. бэлэхтээбитэ.

Бу 134 см уһуннаах, 8 см кэтиттээх кур. Араас дьэрэкээн оһуордаах үрүҥ көмүс түөрт муннуктар (19 устуука) халыҥ тириигэ иҥиннэриллибиттэр.  Биирдэстэригэр 1881 сыл диэн бэлиэлээх.

Сэкэннэй 90 сааһыгар эдэр дьахтары кэргэн ылан кыыс оҕоломмуттар, Александра диэн ааттаабыттар. Кини туһунан үһүйээн дьон өйүгэр-санаа­тыгар хаалбатах. Александра Васильевна кыра кыыһа Зоя Макаровна: “Эһэбит туһунан ийэбит олох кэпсээбэт этэ. Аатын да ааттатааччыта суох”, – диирэ. Итинэн сылык­таатахха, Сэкэннэй улахан ойуун буолуон сөп. ХХ үйэҕэ оҕолор ойуун, удаҕан туһунан төрөппүттэриттэн ыйыттахтарына, ураты айылҕа­лаах дьон туһунан кэпсээбэттэр, аатын да ааттаабаттар диэччилэр.  Иванов Дмитрий Иванович диэн  80-наах кырдьаҕас 1991 сылга кэпсээбитинэн, Сэкэннэй улахан уҥуох­таах, модьу-таҕа  киһи эбит.

Далыс (1847 с.)

– Эбэҥки дьахтарын сарыы бэриэнньигин аллараа өттө.  Эбэҥкилии синньэ диэн быысыпка­лаах. Синньэ – таба  моонньун аннынааҕы уһун түүтүн иҥиир сабынан иҥиннэрэн араас оһуору тигии. Бэдэр түүтүнэн боодьуламмыт. Сүүстэн быдан тахса сыл анараа өттүгэр тигиллибит далыс билигин да дьэрэкээн көстүүтүнэн болҕомтону тардар.

Эдьигээн олохтооҕо Прасковья Даниловна Петрова эбэтин далыһын сорҕотун да буоллар өйдөбүнньүк гынан илдьэ сылдьыбыт. Ону 1994 с. түмэлгэ бэлэхтээбит.

Алтан ачыкы

– Бу быһаарыллыбытынан, 19-с үйэҕэ тимир ууһа алтантан оҥорбут ачыкыта. География учуутала, кыраайы үөрэтээччи Виктор Иннокентьевич Элляев (1970-1980 сс. оскуола түмэлин салайбыта) оскуола үөрэнээччилэрин кытта Боторчууна үрэҕэр эспэдииссийэҕэ сылдьан булбуттар.

Сааскы чаҕылхай күн сардаҥалара маҥан хаартан тэ­­йэннэр, киһи хараҕын саатыр­даллар. Онон былыр итинник ачыкыта суох сатаммат этилэр. Баайдар тимир уустара оҥорбут ачыкыларын атыылаһаллара. Дьадаҥылар мастан, сарыыттан бэйэлэрэ оҥостоллоро диэн кэпсииллэр.

Түмэл үөрэх кыһаларын, уопсастыбаннай түмсүүлэри кытта тиһиктээхтик үлэлэһэр, иһитиннэрэр-биллэрэр технологиялары киэҥник туһанар, үлэҕэ саҥаттан саҥа ньымалары киллэрэр. 
Дьабака чопчуура

– Дьабака сиэдэрэй чопчуура. Көмүс тарбахтаах иистэнньэҥ, Үөһээ Бүлүү Ороһутугар олорбут Васильева Акулина 1880-с сылларга тикпит. Олус бытархай (Венеция оҕуруота дииллэрэ – Л.С.) оҕуруонан киэргэтиллибит. Оһуорун киһи сөҕө көрөр.

Эбэтэ тикпит чопчуурун түмэлгэ 1997 с. Альбина Гаврильевна Третьякова туттарбыт.

Түмэл устуоруйатыттан

Эдьигээҥҥэ устуоруйа түмэлэ 1989 сыллаахха тэриллибитэ. Түмэли 11 сыл устата СӨ Култууратын үтүөлээх үлэһитэ Мария Ивановна Шадрина сатабыллаахтык салайбыта. Дьону-сэргэни түмэлгэ түмэ тардыбыта, төрөөбүт дойдуга тапталы, бэриниилээх буолууну иҥэриигэ күүстээх үлэни ыыппыта. Салгыы Иннокентий Дмитриевич Чемпоров, Аким Егорович Сергеев, Виктория Нико­лаевна Семенова сала­йан үлэлэппиттэрэ. 2005 с. Түмэл дириэктэринэн СӨ култууратын үтүөлээх үлэ­һитэ Людмила Егоровна Сивцева анаммыта.

Түмэл үөрэх кыһаларын, уопсастыбаннай түмсүүлэри кытта тиһиктээхтик үлэлэһэр, иһитиннэрэр-биллэрэр технологиялары киэҥник туһанар, үлэҕэ саҥаттан саҥа ньымалары киллэрэр. “Түмэл түүнэ-2022” аахсыйаҕа “тыыннаах хартыыналар”, Эдьигээн үһү­йээннэринэн “Борук-сорук кэм” диэн оонньуу, П.А.Ойуунускай “100 сыл­лаах былаанын” ааҕыы-ырытыы дьон-сэргэ болҕомтотун тардыбыта. Маны сэргэ, СӨ бастакы бэрэсидьиэ­нэ М.Е.Николаев төрөөбүт күнүгэр анаан, үтүө үгэскэ кубулуйбут “Устремленный в будущее” диэн тэрээһин дьон-сэргэ кыттыылах ыытыллыбыт. Ити курдук, түмэл кэлэктии­бэ хас биирдии тэрээһин сонун, сэргэх, ураты буоларын туһугар  дьулуһар.

Бэчээккэ бэлэмнээтилэр Сардаана Баснаева, Людмила Сивцева.

Түмэл үлэһитэ Афанасий Матвеев хаартыскаларга түһэриитэ, видеоҕа устуута.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
31 октября
  • -20°C
  • Ощущается: -26°Влажность: 84% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: