Сэдэх экспонаттар. Уус Маайа түмэлигэр (видео)
Уус Маайатааҕы түмэл сүрүн пуондата — 1682, онтон научнай көмө пуондата — 1756. Түмэлгэ төрүт олохтоох омуктар дьарыктарын көрдөрөр муннук, кыраайы үөрэтэр, историяны кэпсиир, көрдөрөр саалалар бааллар. Манна тиэмэнэн көрөн быыстапкалар тиһиктээхтик ыытыллаллар.
Бүгүн биһиги ааҕааччыларбытыгар ураты, сэдэх мал-сал туһунан түмэл пуондатын харайааччы Дмитрий Захаров кэпсиир. Бүтэр уһуга суох дьикти халандаар туһунан видеоҕа көрүҥ.
Халандаар
— Бу Күп нэһилиэгин кинээһин Кузьма Илларионов ураты халандаара. Халандаары кыыһа Атласова Марина Кузьминична 1967 сыллаахха түмэлгэ дьон-сэргэ көрө-истэ сылдьарыгар анаан бэлэхтээбит. Бу 19-с үйэтээҕи диэн бэлиэтэнэр. Эбэҥкилэр булдунан дьарыгырар буоланнар, күнү-дьылы ааҕыылара кыыллар хаамыыларынан, кэлиилэринэн ааҕыллар эбит. Кэлин күнүгэр-дьылыгар уларыйыылар киирбиттэр.
Дьахтар кура
—Бу 1871 сыллааҕы кур. Ону «1871» уонна «Мастер Петръ Степан» диэн бэлиэ суруктааҕа бигэргэтэр. Кур киэргэллэрэ ойуу-бичик оһуордаахтар. Салбырҕастары (киэргэллэри) иилэр анал төгүрүктэрдээх.
Бу куру түмэлгэ 1967 сыллаахха ыам ыйын 25 күнүгэр Дьячковская Анастасия Васильевна бэлэхтээбит.
Суумка
—Хаартыскаҕа көрөр ураты быһыылаах таҥастан, сарыыттан тикпит суумкалара оҕуруонан, тимиринэн киэргэтиллибит. Суумка тутааҕын төгүрүк оҕуруоларынан уонна уһун синньигэс тимирдэринэн киэргэтэн, ситэрэн-хоторон биэрбиттэр. Түгэҕэ эмиэ киэргэллэрдээх.
Таас иһити угарга анааллаах
—Таас иһит былыр күндү буоллаҕа. Онон ыраах айаҥҥа баралларыгар хаалаан илдьэ сылдьарга анаан маннык (хаартысканы көр) оҥорбуттар эбит.
Көрөргүт курдук түөрт чааскы угулларын уонна тэриэлкэлэрин уурар курдук анаан хаһан оҥорбуттар. Маны түмэлгэ 1991 сыллаахха Чабда учаастагыттан төрүттээх Нестерова Марина Николаевна бэлэхтээбит.
Маллаах иһит
Бу иистэнэр малы-салы угарга анаан оҥоһуллубут маллаах иһит. Быһыыта ньолбоҕор, манна уус биир да тоһоҕону туттубатах. Киэргэтэн эбэҥки оһуорун-мандарын хаһан ойуулаабыттар. Сабаҕалааһынынан 19-с үйэ бүтүүтэ оҥоһуллубут.
Бу маллаах иһити Сунтаар улууһугар Кириэстээххэ төрөөбүт Алексеев Евгений Евгеньевич (1964 с.т.) харыстаан кичэллээхтик ууран илдьэ сылдьыбыт.
Киниэхэ бу эбэтиттэн хаалбыт. Эбэтигэр эмиэ эбэтэ биэрбит эбит.
Туос тыы
Туос тыы туһунан Уус Маайатааҕы кыраайы үөрэтэр түмэл исписэлииһэ, кыраайы үөрэтээччи Владимир Атласов кэпсиир.
—Туос тыыны Майдаҕа 21 үйэ саҕаланыар диэри туттубуттара. Урукку кэмнэргэ өрүскэ, үрэххэ, тээлгээҥҥэ уонна күөллэргэ туос тыыта суох сылдьыбаккын. Уус Маайа өрүс, үрэх дойдута буолан туос тыыта суох ханна да барбаккын-кэлбэккин. Хас ыал эр дьоно, дьахталлара, борбуйун көтөҕөн эрэр оҕолоруттан саҕалаан миинэр миҥэлэрэ буолара.
Төрүт олохтоох омуктар айылҕа биэрэр матырыйаалынан туос тыыны оҥороллоро: мас, туос, мас сымалата, көтөр түүтэ.
Хаһааҥҥыттан туос тыы оҥостор буолбуттара кэмэ, чахчыта биллибэт. Уунан сылдьарга, таһаҕас таһарга оҥостубут тэриллэрэ диэн билэбит.
Туос тыы үс көрүҥэ баар. Онтон иккитэ тигии туос тыы уонна уксамы:
- Үрүмэччи – кылгас үс бүттэхтээх туос тыы, чугас эргин сылдьарга, балыкка, куска, чугас ходуһаҕа оттуурга, ону кытта дьахтар, оҕо туттар тыыта.
- Айаҥҥа, таһаҕас таһарга туттуллар тыы – биэс, алта бүттэхтээх буолар, уһуна алта миэтэрэҕэ тиийэ буолар. Биһиги кэлиҥҥи кэмҥэ «саха тыыта» диирбит. Билигин туос тыы туттуллубат буолан ол да хаалла.
- Уксамы тыы. Бу үлэтэ оҥорорго аҕыйах соҕус курдук, быһыыта. Уксамы түгэҕэ сордоҥ сиһин курдук уонна арыый чупчугур, тигии туос тыытааҕар уһун, кэтитэ биир эрэ киһи батарынан буолар. Сырыыта тигии тыытааҕар быдан түргэн, сүүрүктээх өрүстэргэ, үрэхтэргэ өксөйөргө олох үчүгэй.
Түмэл устуоруйатыттан
В.Г.Прокопьева аатынан Уус Маайатааҕы кыраайы үөрэтэр түмэл 1963 сыллаахха сэтинньигэ тэриллибитинэн ааҕыллар. Түмэли Варвара Гаврильевна Прокопьева тэрийэн саҕалаабыт. Кини 1964 сыллаахха уопсастыбаннай түмэли тэрийэргэ этии киллэрбит.
1968 с. атырдьах ыйын 7 күнүгэр Революционнай, бойобуой уонна Үлэ Албан аатын уопсастыбаннай түмэлэ арыллыбыт. Варвара Гаврильевна бу түмэли сатабыллаахтык салайбыт.
1992 с. музей дириэктэринэн Атласов Владимир Никитович ананар.
1994 сыллаахха ахсынньы 29 күнүгэр Уус Маайатааҕы кыраайы үөрэтэр түмэл үлэтэ саҕаланар. Түмэлгэ бэриллибит дьиэ туруга мөлтөх буолан, 2005 сыллаахха урукку промкомбинат дьиэтигэр көһөрүллэр.
1998 сылтан түмэлгэ СӨ култууратын туйгуна Николаева Нюргуяна Валентиновна дириэктэринэн ананан үлэлиир.
Түмэлгэ тэрээһиннэр тиһиктээхтик ыытыллаллар. “Музей уонна оҕолор” диэн дуогабарынан түмэл оскуолалары уонна уһуйааннары кытары ыкса ситимнээх үлэни тэрийэн ыытар. Ол иитинэн түмэлгэ уруоктар, экскурсиялар уонна тэрээһиннэр ыытыллаллара болҕомтону тардар.
Бэлэмнээтилэр Сардаана Баснаева, Нюргуяна Николаева, Владимир Атласов, Дмитрий Захаров.
Видеоҕа “Спектр” устуудьуйа оператора Тимур Канаев устуута. Хаартыскаларга Нюргуяна Николаева түһэриитэ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: