Дьокуускай киинигэр турар Былатыан Ойуунускай аатынан Литература судаарыстыбаннай түмэлигэр сылга 200‑тэн тахса экскурсия арааһа ыытыллар, 6000‑тан тахса киһи сылдьар. Пуондаҕа 29333 эспэнээт баар. “Суруйааччылар төрөөбүт дойдуларынан” бырайыак 2018 сылтан ситиһиилээхтик үлэлиир.
Түмэл наукаҕа үлэһитэ Ефросиния Семеновна Ноговицына ураты эспэнээт туһунан кэпсиир.
— Ойуунускай саамай үөрэн-көтөн, өрөгөйдөөн сылдьар кэмигэр оҥоһуллубут мэтириэт. Сылыгар бүтэһик сыыппарата кыайан көстүбэт, 1933 эбэтэр 1934 сыл диэн буолуон сөп. Мэтириэти ити кэмҥэ Москваҕа үөрэнэр эдэркээн П. П. Романов (Саха сирин норуодунай худуоһунньуга) уруһуйдаабыт.
Сиһилии видеоҕа көрүҥ.
Түмэл аһылларын истээт, П. А. Ойуунускай доҕотторо харыстаан уура сылдьыбыт малларын аҕалбыттар. Ол туһунан бастакы сэбиэдиссэй В. А. Протодьяконов‑Кулантай маннык ахтыбыт: “Кыраайы үөрэтэр түмэл штатыттан биир научнай үлэһит дуоһунаһын мүччү туттаран, суруйааччы И. К. Даниловы үлэҕэ ылбытым. Кини түмэл экспозициятын тэрийиигэ үөрүйэх, урут Тойбохой оскуолатын музейыгар үлэлээбит учуутал буолан биэрдэ,
туох-ханнык иннинэ экспозиция тематын былаанын оҥордо. Иван Кононович оҥорбут былаанын уонна ханнык эспэнээттэр наада буолалларын аттаран көрө олордохпуна, рентгенолог-фтизиатр М. Ф. Щепетов кириэһилэ сүкпүтүнэн киирэн кэлэн соһутта! Бу Былатыан Ойуунускай дьиэтигэр үлэлиир хоһугар турбут кириэһилэ буолан биэрдэ.”
Кини салгыы маннык бэлиэтээбит: “Философия наукатын доктора, профессор А. Е. Мординов Ойуунускай чаһытын (эркин чаһытын) аҕалан биэрдэ. Отонноотоххо оҥоойук туолар диэбиккэ дылы, ити курдук Платон Алексеевич сүдү аатыгар сүгүрүйүү улаханыттан, бар дьон көмөтүнэн түмэлгэ эспэнээттэрбит эбиллэн испиттэрэ”.
Биллэн турар, маннык чаһы, кириэһилэ атын түмэллэргэ баар буолуохтарын сөп. Бу 19‑с үйэ бүтүүтүгэр эбэтэр 20‑с үйэ саҕаланыытыгар оҥоһуллубут буолуохтарын сөп. Ол эрээри, биһиэннэрэ Ойуунускай тус бэйэтин киэнэ буолалларынан улахан суолталаахтар.
В. А. Протодьяконов‑Кулантай 1857 с. сахалыы тылынан тахсыбыт «Евангелиены» сэдэх эспэнээтинэн ааҕара. Суруйбутунан, кинигэ Саха АССР Судаарыстыбаннай архыыбыгар ууруллан сыппытын бэлэхтээбиттэр. Тылбаастаныыта, тахсыыта Сибэтиитэл Иннокентий (Вениаминов) аатын кытары ситимнээх. Бу Свято-Троицкай соборга Москваттан кэлиэҕиттэн ууруллан сыппыт. Евангелие иһигэр угуллубут суруктартан 1922 с. алдьархайын биллибит. Ол курдук, олунньуга Поволжьеҕа хоргуйбуттарга көмө оҥоробут диэн көмүс киэргэлин барытын суйдаабыттар. Кулун тутарга ити сыл “Евангелиены” аҕабыыт Стефан Орловка бэлэх биэрбиттэр. Дьиҥинэн, харыстаан, көрө-истэ сырыттын диэн буоллаҕа. Стефан Орлов үс кредитнэй билиэти атыылаһан сыһыарбыт уонна суруйбут: “Вкладчик С. А. Орлов 25 марта 1930 года. Сии три бумаги, приложенные, да послужат в пользу и украшении сей Евангелии». 1934 с. аҕабыыт олохтон барбыт. Кини кэриэһинэн кинигэ соборга төннүөхтээх эбит. Оттон собор дьиэтэ 1930 с. тыйаатыр буолбут.
Түмэлгэ суруйааччылар, тэрээһиҥҥэ кыттар дьон, ыалдьыттар соһуччу бэлэхтэри оҥороллоро этиллэр. Холобур, Үөһээ Бүлүү аатырбыт атыыһытын Г. Е. Потапов уолун Александр (Саха сирин үтүөлээх бырааһа) ыччаттара сэлии муоһуттан оҥоһуллубут үрүүмкэни биэрбиттэр. Үрүүмкэ “Е. Е. Потапову от А. Е. Кулаковского. 1917 г. ” диэн суруктаах. Георгий (Егор) Ефимович Потаповка Өксөкүлээх Өлөксөй бэлэхтээбит. Өксөкүлээх Өлөксөй Бүлүүгэ учууталлыы сылдьан кэргэнин, оҕолорун Потаповтарга олохтообута биллэр. Ол аата, олох чугас доҕордуу буоллахтара.
Бу үрүүмкэни ким оҥорбутуй? 1917 с. куоракка Уус Алдантан төрүттээх Д. М. Никифоров‑Дабайааҥкы диэн муосчут баара. Кини 1910–1911 сс. Сергиев Посад куоракка сэлии муоһуттан араас тэрили чочуйарга анал үөрэҕи барбыт. Онно сылдьан оҥорбут үрүүмкэлэрэ эҥин кыраайы үөрэтэр түмэлгэ киирбиттэр. 1925 с. А. Е. Кулаковскайга бэлэхтииргэ анаммыт остуолга ууруллар суруксуттуур тэрили эмиэ кини оҥорбут. Икки мал суруктарын, чочуллууларын тэҥнээн көрөн, Г. Е. Потапов үрүүмкэтэ эмиэ кини үлэтэ диэн быһаарыллыбыт.
Архыып докумуоннара туоһулуулларынан, П. А. Ойуунускай аатынан литература түмэлин тэрийиини туруорсуу 1958 с. олунньу 3 күнүттэн саҕаламмыт. Суруйааччылар сойуустарыттан култуура миниистиригэр Г. В. Поповка сурук киирбит. Онно П. А. Ойуунускай олорбут дьиэтигэр кини аатынан түмэл тэриллэрэ наадалааҕа ыйыллыбыт. Ол эрээри, 1966 с. ахсынньы 30 күнүгэр эрэ обком бюрота бу дьиэни тэрийэргэ уураах таһаарбыт. Култуура миниистирин бирикээһэ 1969 с. муус устар 16 күнүгэр тахсыбыт.
Бастакы сэбиэдиссэйинэн В. А. Протодьяконов‑Кулантай анаммыт. Кини сыл устата сыралаһан, түмэл эһиилигэр муус устар 17 күнүгэр арыллыбыт. Суруйааччылар түмэл турар сиригэр П. А. Ойуунускай Тааттатааҕы балаҕанын үкчү оҥорорго, таһыгар моҕол ураһаны туруорарга туруорсубуттар. Маны партия обкомун бастакы сэкирэтээрэ Г. И. Чиряев өйөөбүт. Таатталар маһы, туоһу буор-босхо киллэрэн, аатырар маастардарын ыытан туттарбыттар. Ити оччотооҕу чулуу салайааччы С. Г. Жирков үтүөтэ. Дьокуускайга 1972 с. бэс ыйын 20 күнүгэр норуот күүһүнэн аһаҕас халлаан анныгар Саха сиригэр аан маҥнайгы музейнай комплекс арыллыбыт. Оттон таас дьиэтэ 1981 с. балаҕан ыйын 10 күнүгэр үлэҕэ киирбит (архитектордар: И. А. Слепцов, Г. У. Гермогенов).
Түмэл грамоталарынан, улуустар махтал суруктарынан, 2020 сыллаахха РФ Суруйааччыларын сойууһун мэтээлинэн наҕараадаламмыт.
Бэлэмнээтилэр Сардаана Баснаева, Ефросиния Ноговицына, түмэл дириэктэрин солбуйааччы Линда Иванова.
Хаартыскаларга түмэл пуондатын храйааччы Виталий Слепцов түһэриилэрэ. Видеоҕа Линда Иванова устуута.
Сиһилии манна көрүҥ:
Бүгүн, ахсынньы 15 күнүгэр, Дьокуускайга 36 кв.м. иэннээх кыбартыыраҕа баһаар буолла. Өлбүттэр суохтар, биэс киһи…
Оҕо эрдэххэ дьаабылыка сыта, мандарин амтана наһаа да минньигэс уонна ураты буолара. Саҥа дьыл үөрүүтүн,…
Сыл – хонук. Номнуо үйэ чиэппэрэ ааһа охсубут. Оттон киэн туттан бүгүн кэпсээри оҥостор киһибит …
Горнай улууһун Одуну нэһилиэгэр айрширскай боруодалаах ынах бастакы ньирэйин төрөппүтүн туһунан "Үлэ күүһэ" хаһыат телеграм-ханаала…
"Сахафильм" киинэ хампаанньата уонна СӨ Национальнай бибилэтиэкэ 10 сахалыы киинэни босхо көрдөрөллөр. "Киинэни ааҕабыт!" аахсыйа…
Саха киинэтэ 1990 сылтан силис-мутук тардар. Бу сыл “Северфильм” киинэ устуудьуйата тэриллибитэ, ол 1992 сыллаахха…