Бүлүүтээҕи кыраайы үөрэтэр түмэл 1917 сыллаахха учуутал, кыраайы үөрэтээччи П. Х. Староватов көҕүлээһининэн тэриллибитэ. Быйыл Үлэ Дьоруойа П.Х.Староватов төрөөбүтэ 150 сыла. Билигин пуондаҕа 10 419 эспэнээт баар.
Ураты, сэдэх эспэнээт туһунан түмэл сүрүн харайааччыта Василина Тараховская кэпсиир:
— Хаһаактар бунчууктара. Бу — былаас, күүс-уох, тулуурдаах буолуу бэлиэтэ. Бунчуугу 1925 сыллаахха ыам ыйын 29 күнүгэр Бүлүү уокуругун милииссийэтин начаалынньыга бэлэхтээбит, — диэн этэр. Сиһилии видеоҕа көрүҥ.
— Нуучча биллиилээх суруйааччыта, революционер-демократ Н. Г. Чернышевскай 12 сыл кэриҥэ Бүлүү куоракка сыылкаҕа олорбута. Түмэлгэ “Чернышевскай кириэһилэтэ” диэн сэдэх эспэнээт баар. Бу XIX үйэ иккис аҥаарыгар оҥоһуллубут кириэһилэ. Корякиннар диэн хаһаак дьиэ кэргэнэ тутта сылдьыбыт. Түмэлгэ сэрии иннинэ Е. Д. Корякина (Кубачыыха) бэлэхтээбит. Евдокия Даниловна оҕо сылдьан Н. Г. Чернышевскайга үүт илдьэр эбит. Чернышевскай кини аймахтарыгар ыалдьыттыы кэллэҕинэ, бу кириэһилэҕэ олордоллоро үһү.
— Саха литэрэтиирэтин төрүттээччи А. Е. Кулаковскай 1912–1915 сс. Бүлүүтээҕи үрдүкү начаалынай училищеҕа үлэлээбит. Бары кылаастарга естественнэй историяны, III — физиканы, II — нуучча тылын, геометрияны, арифметиканы, уруһуйу үөрэппит. Кини үөрэнээччилэриттэн Исидор Барахов, Степан Аржаков, Александр Габышев, Степан Гоголев, Дора Жиркова, Марфа Потапова биллэр-көстөр сэбиэскэй-бартыыйынай үлэһиттэр буолбуттара.
Бүлүү куоракка олорон научнай үлэнэн дьарыктаммыта, «Якутские пословицы и поговорки» үлэтин бэчээккэ бэлэмнээбитэ. Норуот айымньытын хомуйааччы, чинчийээччи быһыытынан үлэтин саҕалаабыта. Бүлүү куорат кырдьаҕас олохтоохторо кэпсииллэринэн, фонограбы киниэхэ хаһаак Прокопий Николаевич Попов бэлэхтээбит. Онно А. Е. Кулаковскай Бүлүү сахаларын ырыаларын, үһүйээннэрин, номохторун устубут. Хомойуох иһин, устуу хаалбатах.
Фонограбы түмэлгэ 1984 с. куорат кырдьаҕас олохтооҕо Константин Гаврильевич Попов туттарбыта. Кэпсээбитинэн, Кулаковскай Бүлүү куоратыттан барарыгар, харчыга ыктаран, кини аҕатыгар атыыһыт Г. И. Поповка атыылаабыт.
— Бу түмэлбит 1917–1921 сс. хомуллубут бастакы эспэнээттэриттэн биирдэстэрэ. 1921 сыллаахха муус устар 29 күнүгэр уокурук биир биллэр сэбиэскэй үлэһитэ Руф Иванович Кардашевскай түмэлгэ биэрбит. Буорах кутар иһит сэлии муоһуттан (аһыытыттан) оҥоһуллубут.
— Бүлүү куорат бастакы фотограба А. И. Немце-Петровскай 1907 с. Екатеринодарскай уезтан хаһаак оскуолатыгар учууталынан үлэлии кэлбит. Онно фотоаппараттаах эбит. Кини атыыһыт Федор Расторгуев кыыһын Александраны кэргэн ылбыт. Алексей Иванович Аан дойду 1‑кы сэриитин кыттылааҕа. Бүлүүттэн барарыгар, куорат ыстаарыстатыгар Г. И. Поповка аппараатын атыылаабыт. Ону Гавриил Иванович уола Константин Попов өр туттубут. Бу тэрилинэн үйэтитиллибит ХХ үйэ саҕаланыытынааҕы Бүлүү куорат көстүүлэрин, олохтоохторун хаартыскаларын билигин да көрөбүт. Аппараакка «Ө. IОХИМЪ и Ко « диэн суруктаах.
Түмэл бастакы сэбиэдиссэйинэн В.М.Кондаков талыллыбыта. Оттон түмэл бастакы экспозицията 1921 сыл ыам ыйын 1 күнүгэр Норуот дьиэтигэр биир хоско аһыллыбыт, 1935 сыллаахха диэри үлэлээбит. 1935 сылтан райком сэкирэтээрэ И. Е. Винокуров көҕүлээһининэн, түмэл урукку полиция управлениетын дьиэтигэр көспүт. Кыраайы үөрэтэр уопсастыба тэриллибит. Бүлүүтээҕи педтехникумҥа түмэл филиалын иһинэн кыраайы үөрэтэр куруһуок үлэлээбит. 1935–1954 сс. кыраайы үөрэтээччи, Саха сириттэн бастакы Үлэ Дьоруойа Петр Хрисанфович Староватов түмэл дириэктэринэн үлэлээбит. 1964 сылтан түмэл П. Х. Староватов аатын сүгэр.
Бүлүүтээҕи кыраайы үөрэтэр түмэл (дириэктэр СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ Т. Н. Афанасьева) икки филиаллаах. Ол курдук, И. Ф. Захаров‑Кылыадьы Уус аатынан Хомус дьиэтэ 1991 сыллаахха Бүлүүгэ ыытыллыбыт хомус II Аан дойдутааҕы кэнгириэһигэр аһыллыбыта. Түмэл тимири уһаарыы, тимир уустара хомуһу оҥорууларыгар туттар ньымаларын, импровизатор-хомусчуттар айымньылаах үлэлэрин билиһиннэрэр. Сэбиэдиссэй Е. П. Михайлова.
А. И. Николаев аатынан Албан аат түмэлэ 1995 сыллаахтан үлэлиир. Манна Сэбиэскэй Сойуус Дьоруой-дара Н. С. Степанов, А. А. Миро-нов, Н. А. Кондаков, сэрии толоонуттан төннүбэтэх 5 бырааттыы Борисовтар, 4 бырааттыы Гоголевтар, Аҕа дойду сэриитин кыттыылаахтарын туһунан матырыйааллар бааллар. Сэбиэдиссэй судаарыстыбаннай сулууспа бэтэрээнэ К. Е. Саввинова.
Түмэл быыстапкалыыр саалалаах. Исписэлииһинэн СӨ култууратын туйгуна С. И. Сыроватская үлэлиир.
“Кыраайы үөрэтээччи П. Х. Староватов маршрутунан”, “Маҥнайгы айанньыттар суолларынан”, “Тукулаан”, “Түүкээн”, уо. д.а. бырайыактар чэрчилэринэн сылын аайы эспэдииссийэлэр тэриллэллэр.
Түмэл кэнники сылларга ситиһиититтэн сырдаттахха, 2022 сыл түмүгүнэн Пушкин каартатынан үлэҕэ өрөспүүбүлүкэҕэ бастыҥ көрдөрүүлээхтэргэ киирбитэ. Намҥа “YakutMuseumFest‑2023” Өрөспүүбүлүкэтээҕи түмэллэр III бэстибээллэригэр дириэктэр Т. Н. Афанасьева “Краеведческие знания через путешествия” бырайыага бастыҥ социальнай бырайыак буолбута.
Бэчээккэ бэлэмнээтилэр Сардаана Баснаева, түмэл методиһа Екатерина Абрамова, пуонда кылаабынай харайааччыта Василина Тараховская.
Видеоҕа уһулла методист Екатерина Абрамова. Хаартыскаларга методист Анисия Иванова түһэриилэрэ.
Бүгүн, ахсынньы 12 күнүгэр, Саха сирин сорох улуустарыгар -52 кыраадыс буолара күүтүллэр диэн УГМС иһитиннэрэр.…
Бу күннэргэ Мэҥэ Хаҥалас улууһугар Сыымахха командировкаҕа сылдьан, киһи кэрэхсиир түгэнин көрөн, сырдатарга сананным. Васильевтар…
Көрсүһүүгэ сүрүн болҕомто Саха сиригэр национальнай бырайыактары уонна РФ Бэрэсидьиэнин сорудахтарын олоххо киллэриигэ уурулунна. "Айсен…
Аҕа дойдуну көмүскүүр сэрии уустук сылларыгар тыыл үлэтэ байыаннай балаһыанньа ыйарынан былааннанара. «Барыта фроҥҥа, барыта…
Маны билэҕит дуо? Куоска минньигэс амтаны билэр дуо? Оттон саамай улахан кинигэ төһө ыйааһыннаах буолуо…
Бүгүн, ахсынньы 11 күнүгэр, Бырабыыталыстыба дьиэтигэр, Өрөспүүбүлүкэ саалатыгар "Мин Сахам сирэ XXI үйэҕэ" үтүө дьыала…